Александр Самсонов-Айыы Уолун ырыатыгар видеороликка куонкуруска саҥа этии оҥоһулунна

257

Хаҥалас улууһа култуураҕа салалтатын көҕүлээһининэн Экология сылыгар анаан Александр Самсонов-Айыы Уолун «Тохтооҥ дьоннор, өйдөнүҥ» ырыатыгар видеоролик устуутугар балаһыанньа оҥоһуллан бигэргэтиллибитэ.


Балаһыанньа быһыытынан муус устар 10 күнүттэн саҕаламмыт куонкурус түмүгүн бэс ыйын 5 күнүгэр быһаардыбыт. Сүрүн бирииһи 30 000 солк. бириэмийэни Хаҥалас улууһун култуураҕа салалтата уонна Хаҥалас улууһун Экологиятын филиала 10 000 солк. уу харчынан туруордулар. Хомойуох иһин, улуус 18 нэһилиэгиттэн 4-дэ эрэ кытынна: Тит-Арыы, Улахан Аан, Күөрдэм уонна Покровскай.

Дьүүллүүр сүбэҕэ култуура салалтатыттан Федорова Наталья Тимофеевна, Харитонова Лидия Васильевна, экологияттан Киприянова Саргылаана Семеновна уонна Александр Самсонов-Айыы Уолун күн күбэй ийэтэ Марфа Иннокентьевна. «Сүбэ быһаарыытынан бастакы миэстэни кимиэхэ да анаабатыбыт. Тиэмэлэрин син арыйа сатаабыттар эрээри, үлэлэр арыый да ситэтэ суохтарын бэлиэтээтибит. Күрэххэ кыттааччылар видеоролик устуутугар үлэлэспэтэх буоланнар, ыарырҕаттыбыт диэн санааларын эттилэр«, — диэн санаа этилиннэ.

Кыайыылааҕынан таҕыстылар Тит-Арыы култууратын үлэһиттэрэ устубут «Базальтовай собуот хорумньута» уонна Күөрдэм эдэр ыччат «Күөх айылҕаны харыстыаҕыҥ» диэн үлэлэрэ. Кинилэр экологтар туруобут уу харчынан бириэмийэлэринэн наҕараадаланнылар.

Экология сылыгар бу олус сөптөөх тема, бу хайысхаҕа ханнык да мелодист, поэт ырыа айа илик. Александр бу ырыатын 1995 сыллаахха баара-суоҕа 17 саастаах сылдьан суруйбут. Ырыатын тылыттан көрдөххө, өссө 20 үйэҕэ айылҕабытыгар алдьархай ааҥнаан эрэрин, өтө көрөн, дууһатынан ыалдьан, дьону сэрэппит эбит.

Онон дьүүллүүр сүбэ сүбэлэһэн баран, бу сытыы боппуруоһу таарыйар балаһыанньаны улуус эрэ иһинэн ыыппакка, республика таһымыгар таһаарыахха диэн этии киллэрдэ. Ол курдук, куонкуруһу бэс ыйын бүтэһик күннэриттэн саҕалаан, Александр Самсонов-Айыы Уола  40 сааһын көрсө, ол эбэтэр 2018 сыл тохсунньу 7 күнүгэр уонна 20 сыллааҕыта күн сириттэн күрэммит күнүгэр — алтынньы 12 чыыһылатыгар — сөп түбэһиннэриэххэ диэн быһаардыбыт. Уолбутугар ахтыы киэһэтин тэрийэн, кыайыылаахха сүрүн бирииһи онно туттарыахха диэн этилиннэ.