Александр Жирков I-кы Өспөх олохтоохторун Уһун Күөл оскуолата 11 кылаастаммытынан эҕэрдэлээтэ

257

Уус Алдаҥҥа 2017 сылга диэри 9 кылаастаах үөрэх систиэмэтинэн үлэлии турбут  Уһун Күөл сэлиэнньэтин оскуолата 11 кылааһы үөрэтэр буолла. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Уус Алдан I-кы Өспөх нэһилиэгин Уһун Күөл сэлиэнньэтигэр сылдьан, үөрэнээччилэри уонна учууталлары саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ. 


Быйыл Турцияҕа Самсун к. ыытыллыбыт XXIII Сурдлимпийскай оонньууларга көҥүл тустууга Россия чиэһин көмүскээн, чемпион аатын ылбыт биир дойдулаахпыт Василий Стрекаловскай үөрэммит, улааппыт Уһун Күөл сэлиэнньэтин олохтоохторугар быйылгы үөрэх дьылын арыйыы уратылаахтык ааста.

Үөрэнээччилэр, педагогическай кэлэктиип өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа уонна аан дойду таһымыгар үгүс ситиһиилэрдээхтэр. Былырыын оскуола 2016 сыллааҕы үлэтин түмүгүнэн Арассыыйа үрдүнэн “Тыа сирин бастыҥ оскуолата” үрдүк аатын ылбыта. Маны таһынан учууталлар үлэлэрин уопуттара, эбии үөрэхтээһин ситиһиилээх үлэтэ уонна “Пионерская зорька” оҕо түмсүүтүн бырайыага “Золотой Фонд кадров России” энциклопедияҕа киирбиттэрэ. “Чэлгийээнэ” муода студиятын уонна “Дьүрүһүй” хомус куруһуогун иитиллээччилэрэ Москва, Сочи кк. ыытыллыбыт күрэхтэргэ лауреат аатын ылан кэлбиттэрэ. Оскуола оҕолорун волейболга хамаандата XI төгүлүн ыытыллыбыт “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыта.

Үөрэх дьылын арыйар тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн спикерин кытта Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, I Өспөх нэһилиэгин баһылыга Михаил Домотов, улуус үөрэҕин управлениетын салайааччы Ирина Тарская, Уус Алдан улууһун I Өспөх нэһилиэгин дьокутаата Николай Оллонов, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Данилов, СӨ Ил Түмэнин аппараатын салайааччытын солбуйааччы Лена Заболоцкая кытыннылар.

Александр Жирков Уһун Күөл дьонун-сэргэтин эҕэрдэлээтэ уонна I Өспөх нэһилиэгэр хаһан даҕаны буолбатах, үрдүк таһымнаах түгэн үүммүтүн бэлиэтээтэ. Итиэннэ, бу күн Саха сирин үрдүнэн икки оскуола үлэҕэ киирбитин иһитиннэрдэ. “Дьааҥы улууһугар Чөрүмчэҕэ олохтоохтор сүрэхтэрин баҕатынан, дьулуурдарынан орто оскуола туттаран, оҕолорун үксэтэн, үлэлээн-хамсаан бүгүн эмиэ үөрүүлээх күннэрэ. Ону сэргэ биһиэхэ Уус Алдаҥҥа, дьиҥинэн аҕыйах сыллааҕыта бэйэтэ туспа нэһилиэк буолбут Уһун Күөлгэ, 94 оҕолоох, билиҥҥи Саха сиригэр орто оскуолалар кээмэйдэринэн ыллахха, орто оҕо ахсааннах оскуола үлэтин саҕалаата, – диэтэ Ил Түмэн спикерэ, – 90-с сыллар саҕаланыахтарыттан бүтүн Россия үрдүнэн тыһыынчанан бөһүөлэктэр, дэриэбинэлэр сабылла турар кэмнэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ олохтоох нэһилиэнньэ уутуйан олорбут сирин-уотун энчирэппэккэ, эспэккэ, өйөөн, судаарыстыба өттүттэн көмөлөһөн, дьон-сэргэ сирдэриттэн-уоттарыттан тэйбэттэригэр кыһаллар политиканы тутуспута. Оччолорго сөптөөх стратегическай дьаһал оҥоһуллубутун түмүгүн биһиги бүгүн көрөбүт”.

Александр Николаевич үс мөлүйүөнтэн тахса кв. км иэннээх киэҥ Сахабыт сирин бары муннуктарыгар, уһуктарыгар сүүһүнэн ахсааннаах дьон, былыр былыргыттан өбүгэлэрин саҕаттан сөбүлээн олохсуйбут сирдэригэр-уоттарыгар билигин социальнай объектары, оскуолалары, детсадтары, культурнай тэрилтэлэри тутан, үөрэтии-иитии таһыма өрөспүүбүлүкэ, бүтүн Россия, аан дойду ханнык да таһымнарыттан итэҕэһэ суох буолбутун бэлиэтээтэ уонна ити үлэ сыллата бара турарын эттэ. Онно сүрүн көмөлөһөөччүлэринэн, төһүү күүһүнэн учууталлар, педагогическай коллектив, иитээччилэр, төрөппүттэр уонна оҕолор буолалларын чорботто.

Бүгүн XI кылаас үөрэнээччилэрэ, ол эбэтэр Уһун Күөл орто оскуолатын бастакы выпускниктара хайы-үйэ оскуола историятыгар киирдилэр. Кинилэр аны мантан инньэ Уһун Күөлгэ оскуола баарын тухары “биһиги оскуолабыт бастакы выпускниктара” диэн мэтириэттэрэ ыйанан турарга аналлаах дьон”, – диэн спикер эҕэрдэлээтэ.

Улуус баһылыга Алексей Васильевич Федотов сүрдээх эппиэттээх дьаһалга илии баттаан, Уһун Күөл оскуолата толору оскуола буолла диэн туран, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Егор Иванович Кириллов Уһун Күөл туспа нэһилиэк буолуутугар улаханнык сүүрбүтүн-көппүтүн, кыһаллыбытын иһин уонна Петр Михайлович Стрекаловскай баһылыктыы сылдьан, бастакынан манна оскуола тутулларын туруорсан, инники өттүгэр бөһүөлэк кэскиллээҕин, кэҥиир кыахтааҕын бэлиэтээн, ол туһугар үлэлээбитин иһин махталын биллэрдэ.

Бүгүн бу икки дьон ыра санаалара, үлэлэспит үлэлэрэ эһиги санааҕытын кытта холбоһон, Уһун Күөлгэ XI кылаастаах оскуола аһыллыытын дьоһун түгэнигэр бииргэ түмүлүннэ”, – диэн Александр Жирков санаатын үллэһиннэ.

Александр Жирков Уһун Күөл орто оскуолатын алын сүһүөх учууталыгар Юлия Робертовна Лыткинаҕа уонна технология учууталыгар Наталья Михайловна Стрекаловскаяҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинин сайдыытыгар үтүөлээх үлэлэрин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин Махтал суруктарын туттартаата уонна оскуолаҕа саҥа киирэр оҕолорго өйдөбүнньүк бэлэхтэри бэлэхтээтэ.

Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов Уһун Күөл оскуолата орто оскуола аатын сүкпүтэ улуус историятыгар киирэр бэлиэ түгэн диэн бэлиэтээтэ уонна олохтоохторго бука барыларыгар, чуолаан Егор Иванович Кирилловка, Петр Михайлович Стрекаловскайга саҕалаабыт үлэлэрэ үтүө түмүктээх буолбутунан махталын биллэрдэ.

Маны таһынан улуус бары олохтоохторун ааттарыттан Саха АССР үтүөлээх учуутала, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Николаевич Данилов Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлигэр Александр Жирковка, Уус Алдан улууһун баһылыгар Алексей Федотовка махтал тылларын эттэ уонна бука бары кыттыылаахтарга чэгиэн доруобуйаны, үрдүк ситиһиилэри баҕарда.

Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Иван Николаевич Данилов, 1-кы Өспөх эрэ буолбакка, бүтүн улуус историятын энциклопедия курдук илдьэ сылдьар биһиги ытык кырдьаҕаспыт, этиитин хас биирдии тыла бу оҕолорго, ыччакка, олохтоохторго туһуланар диэн бигэргэттэ.

Александр Николаевич Саха сириттэн Роман Дмитриев тустууга бастакы олимпийскай чөмпүйүөн буолбутун кэнниттэн 45 сыл буолан баран сурдлимпийскай оонньууларга Уһун Күөлгэ улааппыт, үөрэммит Василий Стрекаловскай чөмпүйүөн аатын ылбытын бэлиэтээтэ уонна улуус дьаһалтата чөмпүйүөнү дойдутугар көрсөр тэрээһини бэлэмнии сылдьар диэн биллэрдэ.

Оскуола дириэктэрэ Марианна Стрекаловскайа I Өспөх туспа нэһилиэк буоларыгар, 2011 сыллаахха саҥа оскуола тутуллан үлэҕэ киирэригэр уонна Уһун Күөл оскуолата “Орто оскуола” статуһун ыларыгар быһаччы үлэлэспит, туруорсубут Александр Николаевич Жирковка махтанан туран, оскуола Бочуот кинигэтигэр киирбитин туоһулуур дастабырыанньаны туттарда. Итиэннэ улуус баһылыгын Алексей Васильевич Федотовы педагогическай кэлэктиип аатыттан махтал суругунан наҕараадалаата.