Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэбит киинигэр ыытыллар ыһыахтарга биир саамай көстүүлээх, күүрээннээх, күүтүүлээх күрэҕинэн Дыгын оонньуулара буолар. Арҕаа улуус ааттаахтарын, илин улуус иҥиирдээхтэрин, соҕуруу улуус соргулаахтарын кытта илин-кэлин түһүспүт сылайбат сындааһыннаах Усуйаана улууһун Тумат сирин хоһууна Алексей Козлов үһүс бочуоттаах миэстэни ылан төрөөбүт Усуйаанатын улууһун аатын өссө төгүл үрдүктүк ааттатта.
Алеша Козлов бу күрэххэ кыайыыга дьулуура олус күүстээх буолан, дьоһуннааҕы ситистэ.
Ох саанан сыал ытыыга биһиги Алешабыт бэлэмнэниитэ, эрчиллиитэ олус үчүгэй эбит дии санаатым. Күрэхтэһээччилэр икки төгүл үстүүтэ ытан куоталастылар. Онно Алеша бастакы икки ытыытыгар уон очукуолаах сыалы субуруччу табан баран, үһүс ытыытыгар эмиэ ол сыалын арыый үөһээ өттүнэн түһэрэр. Онон ити түһүмэххэ баара суоҕа сүүрбэ эрэ очкону ылар. Онтон бастыҥнар отуттуу, сүүрбэ тоҕустуу очкону суруналлар. Иккис сырыыга оруобуна ити быһыы хатыланан, Алешабыт бу көрүҥҥэ түөрт уон эрэ очукуону сурунар, оттон бастыҥнар алта уон, биэс уон аҕыс очкону ылаллар. Ити ылыахтаах, суоттаммыт көрүҥэр кэнники тэбиллиитэ Алешаҕа олус ыарахан ыйааһын буолбута. Ол эрээри уол санаатын түһэрбэккэ иннин диэки хотуулаахтык баран, хапсаҕай курдук халбас харата хапсыһыыларга бииртэн биир ыраас кыайыылары ситиһэн, кылбар кыайыыны сурунар. Өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга кыайыылааҕа, Дыгын оонньуутугар сэттэ төгүл бастаабыт, аатырбыт Бөлөлүүбүскэйи хапсыһыы бүтүө адьас аҕыйах сөкүүндэ хаалбытын кэннэ соһуччу быраҕан, уопуттаах бөҕөһү соһутта быһыылаах.
Аны Нам ааттааҕын Артем Варданяны хотуута эмиэ күрэхтэһии биир саамай кыраһыабай хапсыһыытынан буолла. Онтон эдэр боотур Мироновы кум-хам тутан өрө көтөҕөн ылан, кыра оҕо курдук быраҕыыта, Алеша чахчы кыахтаах хапсаҕайдьыт буолбутун туоһулуур.
Манна даҕатан кэпсээтэххэ, Алеша эһэтэ Горохов Николай Николаевич, норуокка биллибит аата — тустуук Коля. Николай Николаевич эдэр сылдьан, кылгас кэмҥэ да буоллар, Саха сирин бастакы көлүөнэ тустууктарын кытта хапсыспыт, алтыспыт түгэннэрэ кэпсээҥҥэ баар. Олор истэригэр Альберт Захаров, Петр Алексеев, Алквиад Иванов бааллара. Бары Россия чемпионнара. Маны мин биһиги Алешабыт хапсаҕайга кыайыылара түбэспиччэ буолбатах, кини кыайыылара ыраахтан силистээх, төрүттээх диэн этээри кэпсиибин. Баҕар, Өлүөсэ эһэтэ ситиспэтэх ситиһиитин, кыайыыларын ситиспитэ буолаарай?!
Мас тардыһыытыгар Алеша чахчы улахан маастар буолбутун көрдөрөн, бииртэн биир утарылаһааччыларын кыайан, чемпион үрдүк аатын ылар. Кини утарылаһааччытын хас биирдии хамсаныытын таайа, сэрэйэ-билэ олорор буолан, кыра да сыыһа хамсаныытын бырастыы гыммат. Биһиги, көрөөччүлэр, көрдөхпүтүнэ икки киһи утарыта олорон мас тардыһаллар. Дьиҥинэн итиннэ былчыҥ, өй, ниэрбэ барыта үлэлиир.
Таас көтөҕүүтүгэр күрэхтэһии быраабылатын быһыытынан хапсаҕайга ким бүтэһик миэстэни ылбыт ол аан бастаан тааһы көтөҕүүнү саҕалыыр. Ол иһин Алеша хапсаҕай чемпиона буолан, бу корүҥҥэ саамай бүтэһик киһинэн тааһы көтөҕөр. Манна ааҕыы-суоттааһын, өй үлэтэ эмиэ баар. Алеша тугу да сыыһаны-халтыны оҥорбокко, барытын ааҕан-суоттаан, Артем Варданян сүүс биэс уон миэтэрэни илдьибит буоллаҕына, кини сүүс уон аҕыс киилэлээх тааһы бэрт холкутук илдьэн, сүүс алта уон биир миэтэрэҕэ тиэрдэн тааһын быраҕар. Бу көрдөрүү киниэхэ уопсай түмүгү таһаарыыга быйылгы сыллаах Дыгын онньууларыгар үһүс бочуоттаах, бириистээх миэстэҕэ тахсары хааччыйар.
Алексей Козлов Дыгын оонньуутугар түөрт төгүл кыттан биирдэ төрдүс, иккитэ үһүс уонна биирдэ иккис миэстэни ылан, биир дойдулаахтарын, усуйааналары өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүктүк ааттатар биир бастыҥ ыччаппыт буолар.