Испанскай, индийскэй, цыганскай, хотугу, монгольскай, сахалыы – араас тэтимнээх, бэйэ-бэйэлэригэр төрүт майгыннаспат үҥкүүлэри Амматааҕы культура киинин сценатыгар көрдүбүт. Сааскы бастакы бырааһынньыгы көрсө улууспутугар сир курдук симэммит кыргыттар ийэлэринээн, эбэлэринээн кэлэннэр «Кэрэ ситимэ» үҥкүү киэһэтин бэлэхтээтилэр.
Ансаамбыллар ортолоругар III истиэпэннээх дипломунан Амматтан Ильиннэр дьиэ кэргэттэрин хотугу үҥкүүлэрэ бэлиэтэннэ. Болугуртан «Талбаана» ансаамбыл «Сир симэҕэ» үҥкүүлэрэ II ст. дипломант буолла. Оттон Чакыр нэһилиэгиттэн Светлана Новикова салайааччылаах «Утум» үс көлүөнэ кыттааччыны түмэн, 39 киһилээх үҥкүүтэ бу киэһэ биир сүрүн бэлэҕинэн буолла.
Аммаҕа ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын Оонньууларын көрсө бэлэмнэниллибит туруоруу ис хоһоонуттан саҕалаан таҥаһыгар-сабыгар, хас биирдии хамсаныытыгар киһи хараҕа хатанар, биир тыынынан көрүллэр.
Кыыстаах ийэ үҥкүүлэригэр III истиэпэннээх диплому чапчылҕанннар илдьэ бардылар. Ирина Чен кыыһынаан Сашалыын индийскэй үҥкүүлэрэбиһирэннэ. II истиэпэннээх диплом монгольскай үҥкүү иһин Сатаҕайтан Дианалаах Айталина Спиридоновтарга туттарылынна. Оттон күрэх кыайыылаахтара – Болугуртан Ангелина уонна ийэтэ Мария Кузьминалар — «Аанньал» туруорууларын саала иһигэр олорооччулар харах уута суох көрбөтөхтөрө чахчы.