Аммаҕа саҥа арыллыбыт бизнес-инкубаторга биэс предприниматель үлэтин саҕалаата

206

Аммаҕа эдэр предпринимателлэри өйүүр, саҥа үлэ миэстэтин таһаарыыга күүс-көмө буолар бизнес-инкубатор аһылынна.


Быйылгы сылга киирэн баран бу өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы бизнес-инкубатор буолар.

Үөрүүлээх аһыллыыга кыттыыны ылбыт регион предпринимательствоҕа уонна инновационнай сайдыыга миниистирэ Антон Сафронов бэлиэтээбитинэн, Амматааҕы инкубатор 17-с уочараттаах дьиэ.

«Аны аҕыйах хонугунан Аллараа Бэстээххэ өссө биир аһыллыа. Бу дьаһал тыа сирин оҥорон таһаарааччыларын өйүүр сыалтан ылыллар«, — диэн кини эттэ.

«Манна киирбит биэс резидент бэйэлэрин үлэлэрин көрдөрөн сайдыахтара, улуустарыгар көмөлөөх буолуохтара, аммалар олохторун усулуобуйатын тупсарыыга араас наадалаах өҥөнү оҥоруохтара«, — диэн улуус баһылыга Николай Архипов эрэлин биллэрдэ.

Олохтоох бизнес-инкубаторга киирбит бастакылар ортолоругар тыҥырах оҥоруута, хаартыскаҕа түһэрии-бэчээттээһин, химчистка курдук саҥа саҕалыыр предпринимателлэр бааллар.