Амма улууһун Сулҕаччытыгар Христофор Максимовка пааматынньык туруордулар

516

Норуот ырыаһыта Христофор Максимов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа ыһыаҕа Сулҕаччыга от ыйын 1-2 күннэригэр үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.


Культура киинигэр «Бар дьонун тапталын үйэлээх бэлиэтэ» диэн Киристэпиэр Махсыымапка скульптурнай композиция үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Итини сэргэ М.Носов аатынан уус-уран галереяҕа «Кэрэттэн дуоһуйа үөрүөххэ» диэн худуоһунньук Николай Рязанскай үлэлэрин быыстапката туруорулунна. Ити күн тойон түһүлгэҕэ «Күн таптала» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа ыһыаҕын сиэрэ-туома ыытылынна.

Улахан болҕомто Христофор Максимовка ананан оҥоһуллубут пааматынньыкка хатанна. Олус табыллыбыт, тыыннаах бэйэтин ис уобараһа арыллыбыт, истиҥ иэйилээхтик туттан олорор.

Үйэлээх тутууну скульптор, Арассыыйа худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, Красноярскай куорат губернаторын бириэмийэтин лауреата, Таатта уонна Томпо улуустарын бочуоттаах гражданина Василий Сивцев дьүһүйэн оҥордо. Киниэхэ дьон махтала ананна.