Ньурбаҕа улуустааҕы культура департаменын иһинэн үлэлиир норуот айымньытын салаатын уонна «Ийэ кут» түмсүү кыттыгас «Олоҥхо номоҕун аартыга» диэн бырайыактара олоххо киирдэ.
Өбүгэлэрбит олоҥхоһут балаҕаннарыгар киирэн кэлэрин олуһун кэтэһэллэрэ. Чугас алаастартан биир сиргэ мустан, бэрт сэргэх киэһэлэри атаараллара. Үс күннээх түүн салҕанар олоҥхолор кытта бааллара.
Ньурба улууһун культураҕа департаменын көҕүлээһининэн олоҥхо киэһэлэрэ биһиэхэ эмиэ ыытыллар буоллулар.
Антоновка орто оскуолатын төрүт культураҕа учуутала, улуустааҕы «Ийэ Кут» түмсүү салайааччыта Тамара Федорова «Кулан» оҕо түмсүүтүгэр 30-ча уол уһуйуллар. Оҕолор саха фольклоругар дьаныһан туран дьарыктаналлар.
Софроновтар дьиэ кэргэҥҥэ олоҥхо киэһэтэ тэрилиннэ. Олохтоохтор эдэрдиин-эмэнниин олоҥхо дойдутугар сырыттылар, үтүө өйдөбүлү иҥэриннилэр. Дьулус Антонов, Өркөн Мартынов толорууларын кыралыын-улаханныын бэркэ диэн сэргээн иһиттилэр.
«Олоҥхо номоҕун аартыга» бырайыак салгыы Ньурба улууһун атын нэһилиэктэригэр маннык киэһэлэри тэрийэр былааннаах. Оччотугар аан дойду шедевринэн биллибит улуукан үгэспит саҥа тыыннанан кэлэр көлүөнэлэргэ тарҕаныа.