Бүлүү улууһугар тутууну ыытыы бастакы уочараттаах сорук

177

Улуус, куорат баһылыктара Сергей Винокуров уонна Александр Шипков Бүлүү куоратын саҥа тутууларыгар сырыттылар. Тутааччылары кытта көрсөн үлэ хаамыытын билистилэр, хаачыстыбатын сирийэн көрдүлэр, саҥа соруктары туруордулар.


Баһылыктары кытта объектарга улуус дьаһалтатын баһылыгын инфраструктураҕа солбуйааччы Андрей Лобашев, улуус дьаһалтатын промышленноска, тутууга, ОДьКХ-ҕа, инженернэй-тутуу, үп управлениеларын салайааччылара, улуус архитектора уо.д.а. сылдьыстылар.

Бастакы объект – “Молодежнай” микро-оройуоҥҥа тутуллар 200 миэстэлээх икки мэндиэмэннээх таас дьиэлээх оҕо уһуйаана. Бу объект судаарыстыба уонна кэтэх сирэй сөбүлэһиилэрин (ГЧП) ньыматынан тутуллар. Объект көҥдөйө бүтэн, турар сирэ тэҥнэнэн, тимир күрүөлэнэн, тутааччылар дьиэ иһигэр көрүдүөргэ бетон кутар үлэни, фасадын оҥорууну, дьиэ үрдүн ситэрэ сылдьаллар.

Объект 2017 сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киллэриллиэхтээх, тутаччылар эрдэ киллэрэр санаалаахтар. Объегы тутар тэрилтэ – СПК “Новый город” тэрилтэ салайааччыта Василий Шевелев ититии киирбитэ буоллар, кыһын дьиэ иһигэр ис үлэтин түмүктүү сыыһыа этибит, олунньуга кэлиэхпит диир.

“Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү” программанан Аммосов уул. “Эрэл” ХЭО үс мэндиэмэннээх 18 кв таас олорор дьиэ тутуутун түмүктээн эрэр, бу ыйга үлэҕэ киириэхтээх. Дьиэ тутуута, ис оҥоһуута үчүгэй, тэрилтэ бу программанан иккис дьиэтин тутан түмүктээн эрэр.

Эмиэ бу уулусса бүтүүтэ “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү” уонна “Тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы” програмаларынан үс мэндиэмэннээх дьиэни “Варламов” ХЭО тэрилтэтэт тута сылдьар. Улуус баһылыга дьиэни ахсынньы 15 күнүттэн хойутаабакка үлэҕэ киллэрэргэ сорудахтаата. Тоҕо диэтэххэ, бу дьиэ үлэҕэ кэмигэр киирбэтэҕинэ улууска тутуу атын объектара харгыстаныахтарын, ол туһунан Саха сирин Ил Дархана Егор Борисов иһитиннэрбитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

“Химия” микро-оройуонугар Андрей Арбыкин салайааччылаах тутуу тэрилтэтэ эмиэ “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү” программатынан икки 4-түү квартиралаах дьиэлэри тутан бүтэрбит, “Кэлэр нэдиэлэҕэ киллэриэхпитин сөп”, — диэн көрүстэ.

Ярославскай уулуссаҕа “Атлант” ХЭО тутар тэрилтэ эмиэ “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү” программатынан үс мэндиэмэннээх дьиэни тута сылдьар, аттыгар гааһынан үлэлиир котельнайы тутан бүтэрбиттэрэ үлэлии турар. “Атлант” бэрэстэбиитэлэ Федор Протопопов ахсынньы 15 күнүгэр диэри үлэни түмүктүөхтэрин, графикка киирбиттэрин кэпсээтэ. Бу дьиэҕэ Саҥа дьыл иннинэ 35 саҥа квартираҕа малааһын тэриллиэхтээх.

Быйыл барыта этэҥҥэ буоллаҕына, “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү” программанан Бүлүү куоратыгар тутулла турар 221 квартираттан 153 ыал толору хааччыллыылаах саҥа квартираларга киирэн малааһын тэрийэр кыахтаныахтара.

Салгыы бөлөх “Оленскай” стадион таһыгар тутулла турар спортивнай саалаҕа сырытта. Объект тутуута федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн үбүлэнэр. Федеральнай ирдэбилинэн ыйыллыбыт болдьоҕор үлэҕэ булгуччу киириэхтээх. Уһаатаҕына, Саха сиригэр тутуллар атын объектары федеральнай киинтэн үбүлээһин сарбыллыахтаах.

Спорт-сааланы тутууга “Электромонтаж” тэрилтэ үлэлии сылдьар, суббэдэрээккэ хас да тэрилтэни үлэлэтэр. Объект ахсынньы 20 күнүгэр үлэҕэ киириэхтээх. Мир уул. стадион өттүгэр үһүс сылын культура үлэһиттэригэр тутуллар икки мэндиэмэннээх 8 кв дьиэ силигин ситэн эмиэ Саҥа дьыл иннинэ үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр, истиэнэтин сыбыыр, кырааскалыыр ис үлэ ыытыллар. Дьиэни “Тобул” ХЭО тутар.

Мир уулусса бүтүүтэ куорат биир улахан тутуутун – үс мэндиэмэннээх таас 96 квартиралаах дьиэни “Легион-ГРК” түмүктээн эрэр. Аттыгар куораты уунан хааччыйар кыахтаах улахан кыамталаах котельнай тутуллубут. “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү” программанан маннык улахан элбэх квартиралаах дьиэ тутулла илик.
Октябрьскай уул. хаһыс да сылын тутуллар үс мэндиэмэнээх 24 кв таас дьиэни “Сахастройгрупп” тэрилтэ Саҥа дьыл иннигэр киллэрэргэ былаанныыр. Дьиэ үрдэ, фасада, ититиитин киллэриитэ, ис үлэтэ хаалбыт.

Салгыы улуус баһылыга Сергей Винокуров ССРС норуодунай учуутала М.А.Алексеев сырдык кэриэһигэр бу күһүн арыллыбыт сквергэ сылдьан, тутуута үчүгэйин бэлиэтээн туран, пааматынньык кэннигэр көстөр тирээбиллээх мас олбуору көстүбэт гына оҥорорго, сквер икки фонара киэһэ өттүгэр умайалларын ситиһэргэ сорудахтаата.

Эһиил үбүлүөйэ киэҥник бэлиэтэнэр саха бастакы композитора М.Н.Жирковка аналлаах эмиэ быйыл күһүн саҥардыллыбыт сквер бэркэ оҥоһуллубутун хайҕаатылар. Сквергэ бэртээхэй ыскамыайкалар, фонардар баар буолбуттар, элбэх бетонннуур үлэ ыытыллан сквер тас көстүүтэ тупсубутун бэлиэтээтилэр.