Бөртөлөр хаһаайыстыбаларын кэҥэттэллэр

436

Улахан Аан бөһүөлэгэр «Бөртө» сылгы собуота окко 6 механизированнай биригээдэни таһааран, барыта 38 киһи, 24 трактор үлэлии-хамсыы сылдьар. Быйылгы от былаана 2500 туонна, үүнүү үрдүк сирдэргэ мөлтөх буолан, 1800 туонна оту ыларга суоттанан олороллор.


«Бөртөлөр» 450 га сиргэ эбиэс олордубуттар, маныаха эбии сенаж бэлэмнииллэр. Биир биригээдэ Хачыкаакка дьонтон бырыһыаҥҥа сир ылан оттуу сылдьар, өссө биир биригээдэ Булгунньахтаахха барыахтаах. Онон хаһаайыстыба кыстыыр отун булунуох курдук.

Звено сүрүн үлэһиттэрэ эдэр дьон — оскуола оҕолоро, устудьуоннар. Ол курдук Афоня Борисов үһүс сылын «Бөртө» хаһаайыстыбаҕа оттуур. Быйыл оскуоланы бүтэрэн, Томскай куоракка үөрэххэ киирбит. Онон сайыҥҥы өттүгэр харчылаһар санаалаах оттуу сылдьар. Кини этэринэн, былырыын икки ый оттоон 50 тыһ. солк. аахсыбыт.

2002 сылтан «Бөртө» хаһаайыстыба дириэктэринэн үлэлиир Александр Павлов тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Үп өттүнэн чөл буолуу» бырагыраамаҕа хапсан үгүс үлэ ыытыллан, тэрилтэ кыаҕырда диэн бэлиэтиир. Ол курдук материальнай-техническэй бааза саҥардыллан, ыһыы бааһыналара кэҥээн үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Күн бүгүн хаһаайыстыба 98 үлэһиттээх, үлэһиттэр орто хамнастара 23-25 тыһ.солк., онтон ыанньыксыттар хамнастара 31 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Сэттэ ый түмүгүнэн 1 212 сылгы, ол иһигэр биэтэ 600-чэкэ, ынах сүөһү уопсай ахсаана 600, онтон ыанар ынаҕа — 292.

«Бөртө» сылгы собуота быйыл икки бырагыраамаҕа кыттыбыт. Ол курдук, Ил Дархан ыйааҕынан сылгы базатын саҥардыыга, тупсарыыга көрүллүбүт 1 мөл. солк. суумалаах сертификаты Сылгыһыттар күннэригэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туппута. Күн бүгүн Тойон Арыыга баар сылгыһыттар баазаларыгар олорор дьиэ, ыскылаат, гараж, баанньык тэриммиттэр. Мантан күһүн күрүө тутуутун саҕалыыр былааннаахтар.

Иккис бырагыраама – тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин үөрэтэр киин. Ил Дархан Егор Борисов ыйааҕынан сылгыһыттары, ыанньыксыттары о.д.а. тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлиир дьон билиилэрин кэҥэтэр, таһымнарын үрдэтэр сыаллаах үөрэтэр киини тутарга 5 мөлүйүөн 900 тыһыынча солк. көрүллүбүт. Маныаха сылгы собуота эбии үп-харчы көрөн, бу күннэргэ тутан бүтэрбит. Бэрт тупсаҕай тутуулаах дьиэҕэ үөрэнэр хос, аһыыр сир уонна утуйар хостор кэккэлээбиттэр. Биир кэмҥэ 20 киһини үөрэтэр, олордор толору хааччыллыылаах дьиэ. Уота тардыллан бэлэм, уута, гааһа холбоноро хаалбыт. Онон республика араас муннугуттан тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ кэлэн методическай көмөнү таһынан, практическай билиини «Бөртө» сылгы субуотун баазатыгар ылыахтара.

«Бөртө» сылгы собуотугар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин инвест бырагырааматын чэрчитинэн, 120 төбө ыанньык ынах турар хотоно тутулла сылдьар. Маны сэргэ, 2016 сылтан тутуллубут сүөһүнү идэһэлиир сыах бу күннэргэ үлэтин саҕалаата.

Атырдьах ыйын 5 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Алексеев үлэни-хамнаһы, тутууну көрө-истэ тахса сырытта. Отчуттары кытта көрсүһүүгэ инники былааны торумнаатылар. Онтон биирэ «Сатабыл» бааһынай хаһаайыстыба ынах сүөһүтүн Бөртөҕө биэрии буолла. Манна диэн эттэххэ, «Сатабыл» хаһаайыстыба үлэтин тохтотор, онон Калмыкияттан кэлбит эт боруода ынах сүөһүнү хаалларар, эһэн кэбиспэт сыалтан үчүгэй үлэлээх-хамнастаах хаһаайыстыбаҕа биэрэр былааннаахтар.

«Биһиги ити ынахтары ылыахпытын сөп. Тоҕо диэтэххэ, бу күннэргэ сүөһүнү идэһэлиир сыахпыт үлэҕэ киирдэ. Барыта аныгы технологиянан оҥоһуулаах тутуу. Сүөһүнү астаан, эттэн араас бородууксуйаны оҥорон таһаарыахтаахпыт. Онон эккэ үлэлиир буоллахпытына, ити «Сатабыл» хаһаайыстыба сүөһүлэрин ыларбыт биһиэхэ табыгастаах. Ол эрэн боппуруос окко турар. Биһиги ити ынахтар кыстыыр отторун суоттаммакка олоробут. Онон улуус, министиэристибэ салалтата от атыылаһарга үп-харчы көрөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпыт», — диэн санаатын үллэстэр сылгы собуотун дириэктэрэ Александр Павлов.

Хаһаайыстыба анал үөрэхтээх исписэлиистэрэ ырытан, үөрэтэн баран, «Сатабыл» ынахтарын иитэн, буоһатыы үлэтин ыытан, боруоданы сайыннарыыга үлэлиэххэ сөп диэн түмүккэ кэлбиттэр. Онон «Сатабыл» хаһаайыстыба 87 ыанньык ынаҕа, 30 быйылгы төрүөҕэ уонна 4 атыыр оҕуһа от боппуруоһа быһаарылыннаҕына «Бөртөҕө» кэлиэхтэрэ.