Бүтүн Россиятааҕы географическай диктаны муомалар улаханнык кэрэхсииллэр

124

Дойду үрдүнэн Бүтүн Россиятааҕы географическай диктант өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылынна. Биһиги нэһилиэкпит быйылгы тэрээһинтэн туора турбата. Улуустааҕы кииннэммит библиотекаҕа бу күн элбэх киһи тоҕуоруста.


 

Долгутуулаах күн дьон-сэргэ эрдэ мустан, билиилэрин тургутар кылгас викторинаҕа кытыннылар. Манна сөптөөх хоруйу биэрбиттэр бибилэтиэкэ бэлэмнээбит бирииһин тутан үөрдүлэр. Ол кэннэ диктаҥҥа киирдилэр. Диктаны координатор Х.Кривошапкина, библиотека үлэһиттэрэ В.Соркомова, В.Раднажапов, А.Семенова, модератор В.Старостина иилээн-саҕалаан ыыттылар. Суруйууга чопчу 45 мүн. бэрилиннэ. Ыйытыылар, сүнньүнэн, үс блокка арахсан – географическай өйдөбүллэр, географическай хаарта, айанньыттар дневниктэриттэн, уус-уран айымньылартан быһа тардыылары ааҕан, ханнык географическай объект буоларын таайдылар. Ыйытыылар улахан экраҥҥа слайданан көрдөрүлүннүлэр, ыытааччы доргуччу ааҕан иһитиннэрдэ. Сорудахтар кумааҕыга суруллан тарҕатыллыбыт буоланнар, кыттааччылар кулгаахтарынан истэн, харахтарынан көрөн, илиилэринэн тутан олорон сорудаҕы толороллоругар бары усулуобуйа тэрилиннэ.

Аахсыйаҕа дьон бэйэлэрин баҕаларынан кытыннылар. 35 киһи суруйтарбытыттан 22 киһи кэлбит. Ордук көхтөөхтүк үөрэҕирии үлэһиттэрэ кытыннылар. Тэрилтэ салайааччылара (РЭС, «Аан айылҕа» паарката, редакция, библиотека, уһуйааннар) маннык хабааннаах тэрээһиннэргэ бэйэлэрэ холобур көрдөрөн кыттыыны ылаллара хайҕаллаах.

Тэрээһиҥҥэ дьон-сэргэ ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбитэ сүргэни көтөҕөр. Манан буоллаҕына, эһиил кыттааччы ахсаана лаппа элбиэ диэн тэрийээччилэр эрэнэллэр. Онтон билигин дьон түмүктэрин долгуйа кэтэһэллэр.