Байанай күрэҕэ Абый бастыҥнарын ааттаата

296

Ураһалаах нэһилиэгин Чаад күөлүгэр үгэскэ кубулуйбут Байанай күрэөэ буолан ааста. Тэрээһин «Уол оҕо күнүгэр» ананан ыытылынна.


Быйыл күрэххэ кыттааччы аҕыйаҕа сөхтөрдө. Тэрийээччилэр балаһыанньаны кэһэн туран 4 көрүҥҥэ күрэх ыытылларын сүбэлэстилэр. Ол курдук Сергей Дмитриев, ини-бии Петр Садовников уонна Альберт Бережнов, Сергей Соломов уонна Николай Слепцов бэйэни билиһиннэрии, ойбон алларыыта, тоҥуу хаарынан сүүрүү уонна хомуур хапсаҕай көрүҥнэригэр күөн көрүстүлэр. Кинилэри Абый улууһун айылҕа харыстабылын инспекциятын начаалынньыга Антонина Никитина уонна аҕа баһылык Владимир Новиков эҕэрдэлээтилэр. Кыайыыны, ситиһиини, чиэһинэй киирсиини баҕардылар.

Тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн 4 очукуону ылан Петр Садовников күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕынан буолла. Поликарбонат теплица ылан, кубогын өрө тутан, өйдөбүнньүк мэтээл кэттэ. Иккис миэстэҕэ Сергей Дмитриев таҕыста, бириискэ үрдэриллэр эриһиинэ тыы ылла. Бэрт кыранан хаалан, Альберт Бережнов үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ, буран саппаас чааһын бэлэх тутта.

Буранынан күрэхтэһии уһун уонна кылгас мааркаларынан араҕыста. Манна 15 тимир көлөлөөх эр бэрдэ тоҥуу хаар устун сүүртүлэр. Уһун бураҥҥа Павел Соломов тэҥнээҕин булбата. Кылгас буранынан Виктор Белоус бастакынан кэлэн, үөрүүтүттэн үөһэ-аллара кулахачыйан ылла. Бириистэригэр сабыс саҥа буран сыарҕаларын туттулар.

Дьон маассабаһын көҕүлүүр сыалтан хамаандаларынан (3 дьахтар, 5 эр киһи) хомуур хапсаҕайга уонна ханаат тардыһыытыгар күрэх ыытылынна. Манна «Дьулуур» (капитан Валентина Солдатова), «Ураһалаах» (Петр Садовников), «Хорсун» (Мария Кайгородова) уонна «Эрчим» (Лариса Яковлева) хамаандалара турууластылар.

«Хорсуннар» кимиэхэ да иннилэрин биэрбэтилэр, эрэллээхтик кыайан баһылык аатыттан 250 ботуруону ыллылар, маны таһынан айылҕа харыстабылын инспекциятын начаалынньыга Антонина Никитина сыаналаах бэлэх, сурунаал туттарда.

Баһылык Владимир Новиков быйыл нэһилиэк 65 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бэрт сыаналаах бириистэри туруорбутун күрэхтэһиини сэҥээрээччилэр сэргээтилэр.