Бакалдын Эдьигээн олохтоохторун түмэр

411

Эдьигээн нэһилиэгэр үтүө үгэкэ кубулуйбут эбэҥки норуотун бырааһынньыга «Бакалдын» буолан ааста. 2008 сылтан ыытыллар норуот үгэһин, култууратын көрдөрөр түһүлгэҕэ дьон-сэргэ үөрэ-көтө мустар.


Быйылгы Бакалдын төһө да ардахтаах буоллар, олохтоохтор биир киһи курдук биир санаанан мустан, төрүт түһүлгэни тэрийдилэр.

Бу күн үгэс курдук, «чычыпкан» ыраастаныы сиэрэ-туома ыытылынна. Алгыс сиэрин-туомун Ульяна Ханчаева толордо. Бакалдын ыалдьыттарыгар ньымаат үгэһинэн, буспут таба этинэн күндүлээтилэр.

Оройуон баһылыгын солбуйааччыта Валерий Сергеев бэйэтин эҕэрдэтигэр эбэҥки норуота түмсүүлээх буоларыгар ыҥырда. «Халлаан тымныытын, ардаҕын аахсыбакка, дьон үөрэ-көтө мустубутун киһи киэн тутта, сэргии көрөр. Сылтан сыл аайы оройуон уратытын, норуот төрүт үгэһин көрдөрөр фольклорнай ансаамбылларбыт үлэлэрэ кэҥээн, хабар эйгэлэрэ улаатан иһэриттэн киһи астынар эрэ», — диэн кини бэлиэтээн эттэ.

Үбүлүөйдээх Эдьигээн баһылыга Василий Сорокин: «Биһиги чахчы айылҕа оҕолоро буоларбыт эппитигэр-хааммытыгар иҥэ сылдьарын бүгүҥҥү Бакалдын өссө биирдэ көрдөрдө. Ардаҕы аахсыбакка түмэн олорорбут элбэҕи этэр», — диэн эттэ уонна «СР норуотун маастара» үрдүк ааты ылбыт Тамара Винокуроваҕа итиэннэ «СР норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара» ааты ылбыт Евдокия Охлопковаҕа эҕэрдэ суруктары туттарда.

Тамара Васильевна: «Элбэх киһи көмөтүнэн, сүүрүүтүнэн-көтүүтүнэн бу үрдүк ааты ыллым. Аан бастаан саҕалыырбар Таисия Татаринова иистэн диэн босхо матырыйаал биэрэн, бастакы үлэлэрбин саҕалаабытым. Куруук өйүүр, өйдүүр дьоммор — музей салайааччытыгар Людмила Сивцеваҕа уонн музей кэлэктиибигэр, биир дойдулаахтарбар дириҥ махталбын тиэрдэбин», — диэн махталын биллэрдэ.

Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар Эдьигээннээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Лидия Атласова: «Бакалдын — олоҕу хамсатар, үтүө үгэспитин ыччакка тиэрдэр соруктаах үтүө бырааһынньыкпыт буолар. Бу күн мин хас биирдиибитигэр түмсүүлээх буоларбытыгар ыҥырабын», — диэн баҕа санаатын эттэ.

СР норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, «Симэх» норуот искусствотын Киинин бастыҥ көрдөрүүлэрин Фондатын специалиһа, Эдьигээҥҥэ ыытыллыбыт «Ис сүрэхтэн» экспресс маастардар куурустарын салайааччыта Азияна Филипповна Харлампьева бу ураты тыыннаах бырааһынньык Эдьигээн дьонугар уйгуну-быйаҥы, дьолу-соргуну тосхойоругар баҕарда. Кыстатыам нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта В.С. Васильев нэһилиэк биир бастыҥ уопсастыбанньыгар Азалия Григорьеваҕа 60 сааһынан эҕэрдэ суругу туттарда.

Мантан салгыы Эдьигээн аатын үрдүк таһымнаах куонкурустарга, фестивалларга ааттаппыт ансаамбыллар бары түмсэн эҕэрдэ кэнсиэри бэлэхтээтилэр. Ыалдьыппыт эстрада биллэр ырыаһыта Лэгэнтэй кыттыыны ылла. Ансаамбыллар саҥа, сонун нүөмэрдэри көрдөрөн, эбэҥки төрүт култуурата, ырыата-үҥкүүтэ хайдахтаах курдук дириҥин арыйан көрдөрдүлэр. Быйылгы Бакалдыҥҥа аан бастаан Эдьигээн орто окуолатын иһинэн үлэлиир «Гилбэн» үҥкүү бөлөҕө кыттыбыта, сонун буолла. Бөлөх салайааччыта — Надежда Константинова. Маны таһынан «Эйгэ» ЭКК иһинэн саҥа тэриллибит «Урун» уонна «Лариндо» үҥкүү бөлөхтөрө быйылгы түһүлгэ «арыйыыларынан» буоллулар. Бу икки бөлөҕү Анна Петрова салайан үлэлэтэр. Ити курдук норуот үгэһин көрдөрөр бөлөхтөр, кэлэктииптэр кэккэлэрэ хаҥаан иһэрин бары да үөрэ көрдүбүт.