“Барыбыт кыһалҕабыт”: Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү түмүктэрэ, түбүктэрэ

135

«2012-2017 сс. хаарбах туруктаах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү” тус сыаллаах федеральнай бырагыраама балаҕан ыйын 1 күнүнэн түмүктэниэхтээх этэ, ол эрээри элбэх сүбүйүөк бытааран биэрэн, бырагырааманы олоххо киллэриигэ эппиэттээх ОДьКХ-ны реформалааһын пуондата үлэ түмүгүн балаҕан ыйын 20 күнүнэн таһаарарга быһаарда итиэннэ алтынньы 15 күнүгэр диэри биэс сыл устата ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы отчуоттуур соругу туруорда. Ол туһунан Сахамедиа «Улуус олоҕо» бырйыагын «Барыбыт кыһалҕабыт» төгүрүк остуолугар кэпсэттибит. 


Биэс сыллаах үлэ түмүгэ

Саха өрөспүүбүлүкэтигэр бу бырагырааманан улахан үлэ ыытылынна. Ол курдук, 2012 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан билиниллэн, испииһэккэ (реестргэ) киирбит 472 тыһ. кв миэтэрэ иэннээх 11 тыһ. 279 эргэ дьиэ көтүрүллэн, 28 тыһ. 603 киһи саҥа дьиэ ылла! Холобур, киин куоракка бу хайысханан үлэ тус сыаллаах муниципальнай бырагыраама «2013-2017 сс. «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук олохтоохторун олорор дьиэнэн-уотунан хааччыйыы» хос бырагырааматын чэрчитинэн ыытылынна. Биэс сыл устата 493 элбэх кыбартыыралаах эргэ мас дьиэ көтүрүллэн, 2 тыһ. 38 ыал саҥа кыбартыыра ылла.

Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүнү балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри 12 улуус уонна Дьокуускай куорат чиэстээхтик түмүктээбиттэрэ. Оттон Бүлүү, Ленскэй, Нерюнгри, Серебрянай Бор, Өлүөхүмэ уонна Сунтаар үлэлэрин сэтинньигэ түмүктүөхтэрэ. Бу улуустарга эргэ дьиэлэртэн көһөрүллүбүт 1 тыһ. 566 киһи саҥа дьиэ күлүүһүн кэтэһэ сылдьар. Хойутааһын сүрүннээн тутааччылар буруйдарынан таһаарыллыбыт. Суобаһа суох тутааччылар бүддьүөттэн ылбыт харчыларын төннөрүү дьыалата суутунан быһаарыллар.

Кэлэр өттүгэр өссө элбэх

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сууллаары турар эргэ дьиэ билигин да кэмэ суох элбэх. Архитектура уонна тутуу комплексын министиэристибэтин чахчытынан, 1 мөл. 200 тыһ. иэннээх хаарбах туруктаах дьиэ баар. Бу биһиэхэ эрэ буолбатах, дойду үрдүнэн баар көстүү. Ити иһин, дойду салалтата 2012 сыл кэнниттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын салгыы үлэлэтэр баҕалаах. Онон хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү саҥа бырагыраамата ырытыллан оҥоһулла сылдьар.

Этиилэр учуоттаныахтаахтар

«2012-2017 сс. хаарбах туруктаах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү” бырагырааматыгар биир дьиэни тутуу болдьоҕо икки сылынан быһыллыбыт этэ. Оттон Арктикаҕа, хотугу уонна мөлтөх суоллаах-иистээх улуустарга тутуу матырыйаалларын тиэрдиигэ бүтүн сыл наада буолар, сорох сиргэ кыһыҥҥы суолунан, сорох сиргэ уунан эрэ илдьиллэр, аны туран кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга үлэ тохтотуллар буолан, ити табыгаһа суоҕа. Инньэ гынан, Саха өрөспүүбүлүкэтин Архитектураҕа уонна тутуу комплексыгар министиэристибэтэ саҥа бырагыраамаҕа икки сыллаах циклы үс сылга диэри уһатары туруоруста.

Бырагыраама үс сиртэн үбүлэнэр: ОДьКХ-ны реформалааһын пуондатыттан (федерация бүддьүөтүттэн), өрөспүүбүлүкэттэн итиэннэ тустаах муниципальнай тэрээһин бүддьүөтүттэн. ОДьКХ-ны реформалааһын пуондата саҥа дьиэ биир кыбатыраатынай миэтэрэтигэр 39 тыһ. 600 солк. көрөр, оттон биһиэхэ ити үөһэ этиллибит биричиинэлэринэн итиэннэ матырыйаал сыаната ыараан кэлэринэн, биир кыбатыраатынай миэтэрэ бэйэҕэ турар сыаната 65-70 тыһ. солк. тиийэ тэбэр. Түмүгэр, федерацияттан кэлэр харчы ороскуот 40 %-ын эрэ толуйар, ноҕурууска баһыйар өттө олохтоох бүддьүөккэ сүктэриллэр буолан, былааннаммыт үлэ кээмэйэ аччаан биэрэр. Өрөспүүбүлүкэ салалтата саҥа бырагыраамаҕа бу учуоттанарыгар эппит.

Вера Кузакова, архитектура уонна тутуу комплексын миниистирэ:

— Саҥа федеральнай бырагыраама 2019 сылтан үлэлиэҕэ, онуоха диэри, ол эбэтэр кэлэр 2018 сылга, 2012 сыллаахтан хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн көһөрүү үлэтэ өрөспүүбүлүкэ үбүнэн ыытыллыаҕа. Онуоха бастатан туран былааннарын толорбут улуустар үбүлэниэхтэрэ итиэннэ суобаһа суох тутааччыларга сакаас бэриллиэ суоҕа. Санатан эттэххэ, 2017 сыл от ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 3 тыһ. 941 хаарбах туруктаах дьиэ баар, олорго 61 тыһ. 121 киһи олорор. Бу бүтэһиктээх сыыппара буолбатах, улуустар хамыыһыйа тэрийэннэр, эргэ дьиэни-уоту хаһан баҕарар хаарбах туруктааҕынан билинэр кыахтаахтар. Саҥа федеральнай бырагыраама түмүктэнэр болдьоҕун ыйар билигин уустук, ити этэрим курдук, оҥоһулла эрэ сылдьар. Ол эрээри биири өйдүүр наада: дойду салалтата хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү үлэтин быспакка ыытар санаалаах.