«Бэйэ дьоно»: Худуоһунньук Виктор Петров

174

Дьокуускайга, Лермонтов аатынан уулуссаҕа “Дом художника” диэн суруктаах дьиэ баар. Манна биир хоско саха норуодунай худуоһунньуга Виктор Петров мастарыскыайданан олорор. Олунньу 18 күнүгэр кини 90 сааһын туолла, оттон олунньу 21 күнүгэр Национальнай Художественнай мусуойга кини үбүлүөйдээх быыстапката аһыллан, үлэлии турар. Ытык кырдьаҕаска, айар, үлэлиир мастарыскыайыгар бара сырыттым.


— Бу хостору куортамнаһабыт. “Госимущество” дьиэтэ. Худуоһунньуктар, хаһаайыстыбаннайа суох дьон буоламмыт, 90-с сылларга приватизациялаабакка хаалбыппыт. Кырдьаҕас дьон бакаа олоруҥ дииллэр да, хайдах буолар, арааһа, сыыйа тахсыҥ дииллэрэ буолуо, — дии-дии, Виктор Григорьевич өрдөөҕүттэн өрөмүөн диэни
билбэтэх хоһун үрдүн, эркиннэрин эргиччи көрүтэлээн ылар.

Сэбиэскэй кэмнэрдээҕи остуол, олоппостор, ыскаамыйа. Эркиҥҥэ былыргы хаартыскалар ыйаммыттар.

Мин өрдөөҕүтэ, 1953 сыллаахха, Национальнай художественнай мусуойга аан маҥнай үлэлии кэлбитим. Онно, мин иннибинэ эрэ аҕай, 1952 сыллаахха, мусуойга Лев Михайлович Габышев кэлбит этэ. Кини 22 сыл үлэлээн баран, 1975 сыллаахха өлбүтэ. Мин мусуойбар 30 сыл үлэлээбитим. Оччолорго үһүө этибит – научнай сотрудник-дириэктэр Лев Габышев, мин эмиэ научнай үлэһиппин, итиэннэ Пантелеймон Попов диэн младшай научнай сотрудник баара. Кини, бастакы худуоһунньукпут Иван Поповтан силис тардар, Казаннааҕы духуобунай академияны бүтэрбит, улахан үөрэхтээх киһи этэ.

Историятыттан

Мин, дьиҥэр, 1928 сыллаахха төрөөбүтүм. Чуолаан ити сыл Былатыан Ойуунускай уонна Максим Аммосов “Саха кэскилэ” диэн научнай-сырдатар уопсастыбаны тэрийбиттэрэ. Аммосов, Наукалар академияларыгар, науканы чинчийээччилэргэ, Саха сиригэр мусуой аһыллыан наада, диэн этии киллэрбит. Уонна, Ойуунускайдыын, Третьяковскай галереяҕа, биһиги бу уһук хотугу дойдуга бастакы Художественнай мусуойу аһарбытыгар көмөлөһүҥ, диэн ис хоһоонноох сурук суруйаллар. Онуоха, учуонайдар, суруйааччылар өйөөннөр, 20-чэ хартыына – нуучча классиката Дьокуускайга кэлэр.

Ити кэмҥэ саха бастакы көлүөнэ худуоһунньуга Петр Романов баара, художественнай училищены төрүттээбит киһи. Носов баара. Кинилэр сэрии инниттэн туруорсаннар, 1946 сыллаахха, биһиги үөрэнэ сырыттахпытына, анал дьиэтэ суох да буоллар, Художественнай мусуойу аһаллар. Ити билигин Ленин болуоссата буолан турар дии,
онно “Гостиный двор” — “Көстүүнэй” диэн баара. Оһоҕунан оттуллар түөрт муннуктаах дьиэ. Ортото аһаҕас. Бу дьиэ Октябрьскай диэки өттүгэр мусуой аһыллыбыта. Дьэ онно биһиги – бастаан 1952-гэ Лев, эһиилигэр мин, кэлэбит.

Арҕаа Европатааҕы искусство галереята Дьокуускайга хайдах баар буолбутай?

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай художественнай мусуойун бастакы дириэктэрэ Лев Михайлович Габышев аҕата Михаил Федорович Габышев диэн, Өлүөхүмэттэн төрүттээх киһи этэ. Өлүөхүмэ бааһынайа. Москваҕа олороро. Сүөһү иитиитигэр учуонай этэ. Кини хартыына мунньар хоббилааҕа. Ол курдук, биир кэмҥэ массыынатын, даачатын атыылаан, ол үбүн барытын хартыынаҕа куппута. Онтон, коллекциятыгар Москватааҕы дьиэтэ кыараҕас буолан, Минскэйгэ көһөн тиийэр уонна 100 квадратнай миэтэрэлээх дьиэ атыылаһар, хартыыналарын онно туруорар. Бэйэтэ Белоруссия сүөһү иитиитигэр институтун дириэктэринэн ананар. 1962 сыллаахха кини өлөр, онуоха, икки уолуттан биирдэстэрэ, Дьокуускайга олорор, үлэлиир Лев Михайлович оччотооҕу култуура миниистирин Герасим Васильевич Попову тылыгар киллэрэн, хартыыналар коллекцияларын итиччэ ыраах дойдуттан тиэйэн аҕалбыттара, — диэн кэпсиир Виктор Григорьевич. Итиннэ: “Ася Львовналаах, мусуойбут ити историятын ыччаттарга кэпсиир буол диэччилэр…”, — диэн эбэн биэрэр.

Бу коллекцияҕа, холобур, бааллар эбит: Николо Реньери. Итальянскай оскуола. 17-с үйэ. “Святая Цецилия”; “Мадонна у колодца” – Рафаэль Санти оскуолата, 16-с үйэ; “Диана и Каллисто” – биллибэт маастар айымньыта, онтон да атыттар. Онон, бу аҕалыы-уол Габышевтар үтүө өҥөлөрүнэн Саха сирин олохтоохторо Арҕаа Европа искусствотын дойдуларыгар аан бастаан билсэркыахтаммыттара. Арҕаа Европатааҕы искусство галереята Дьокуускайга ити курдук үлэтин саҕалаабыта… Билигин галерея М.Ф. Габышев аатын сүгэр.

Ытык саас

30 төгүрүк сыл үлэлээбит мусуойугар саха норуодунай худуоһунньуга Виктор Петров 90 сааһыгар аналлаах үбүлүөйдээх быыстапката аһыллан, үлэлии турар. Ася Львовна Габышева дириэктэрдээх Национальнай художественнай мусуой кэлэктиибэ бу быыстапканы тэрийиигэ улахан кыһамньытын уурда. Оттон Виктор Григорьевич бу
Ытык сааһыгар үктэммититтэн үөрэр. Биһиги бары кинини кытта тэҥҥэ үөрэбит.

“Поэтика пейзажей Виктора Петрова” диэн ааты ылбыт быыстапка муус устар 15 күнүгэр диэри көрдөрүүгэ туруоҕа. Кэлэн көрүҥ. Манна норуодунай худуоһунньук “Күһүҥҥү Өлүөнэ”, “Өлүөнэ өрүс”, “Тайҕаҕа” хартыыналара — пейзажтара, мэтириэттэрэ, онтон да атын талааннаах, хатыламмат үлэлэрэ бааллар.

— Үөрэниҥ уонна элбэхтик үлэлээҥ, туох барыта күннэтэ сыралаах, айымньылаах үлэттэн кэлэр, — диир эдэр көлүөнэҕэ анаан Ытык киһи, норуодунай худуоһунньук Виктор Петров.

Ыспыраапка

Виктор Григорьевич Петров — РФ Худуоһуньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ норуодунай
худуоһунньуга, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун уонна Таастаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына. Хос эһээтэ Иван Петрович Петров Хомустаах ыстаарыһата, 1849-1850 сылларга кулубалаабыт. 1852-1856 сс, 1856-1860 сс иккис-үһүс болдьохторго быыбардаммыт. Уопсайа 12 сыл устата Хомустаах ыстаарыһата, 8 сыл устата улуус кулубата. 1857 с. ыраахтааҕыттан үрүҥ көмүс кортик ылбыт. 1859 с. ыраахтааҕыттан “За усердие” диэн үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

В.Г.Петров эһээтэ Константин Иванович Петров — Барылаан 1860-1864 сс. кулубалаабыт. Виктор Григорьевич аҕата Григорий Константинович Петров 1929 с. Таастаах нэһилиэгэр суруксуттаабыт. Таастаахха саҥа оскуола тутуллуутун туруорсубут. Кулуба, ыстаарыһа төрүттэрдээх буолан, 1932 сыллаахха, дьалхааннаах
кэмнэргэ, репрессияламмыт. Уола Виктор Петров оччолорго 3-4 саастааҕа.


“Сахамедиа” холдинг “Бэйэ дьоно” бырайыагар дьоҕурдаах, үлэһит,
туруоруммут сыалларыгар дьулуурдаах биир дойдулаахтарбыт туһунан
кэпсиибит.