СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота быйыл Горнай улууһугар биир бастакынан саҕаланна. Үгэс курдук бырабыыталыстыба эппиэттээх үлэһиттэрэ бастаан дьону приемнаатылар, быһаччы туруорсар боппуруостарын сүбэлэстилэр.
Бэрдьигэстээххэ Сэмэн уонна Соппуруон Дайыылаптар ааттарынан Духуобунас киинин саалатыгар толору мустубут улуус олохтоохторун иннигэр, отчуоттуур бөлөҕү салайааччы СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы И.Г.Никифоров дакылааттаата. Саха сирин ааспыт сыллааҕы үлэтэ, олоҕо-дьаһаҕа, инники сайдыыта, сүрүн проблемалара, кэскиллээх дьаһаллара киэҥник сырдатылынна.
Мин бу быйылгы отчуот биир уратытынан, 2017 с. Бырабыыталыстыба көмөтүнэн, Горнайга туох бөдөҥ тутуулар ыытыллыбыттарын, сүрүн ханнык үлэ-хамнас тэриллибитин, төһө суумалаах өйөбүллэр оҥоһуллубуттарын сырдатыы салаа аайы ахтыллан, ырытыллан испитин этиэхпин баҕарабын.
Онтон көрдөххө, биһиги, горнайдар, ханнык да түгэҥҥэ ытыырбыт-соҥуурбут суох курдук. Ама хайаан, улууспутугар болҕомто ууруллубат, салалта кыһаммат диир кыахпыт суох. Сыныйан ырыттахха, кэлиҥҥи сылларга Горнайга капитальнай тутуулары ыытыы, суолу оҥоруу, гаастааһын курдук тыын суолталаах боппуруостар быһаарыллар суолга киирдилэр — ити бырабыыталыстыба кыһамньытынан, көмөтүнэн.
Ол эрээри, Бырабыыталыстыба үлэтэ, итинник кэскиллээх эрэ боппуруостары быһаарыынан муҥурданар буолбатах. Олох-дьаһах бары араҥатын хабан үлэлиир уонна кинилэртэн эмиэ норуот олоҕун уйгута тутулуктааҕын быһыытынан, хайа да кыһалҕалаах киһи, үйэлэрин тухары Сахабыт сирин, улууспут туһа диэн ис сүрэхтэриттэн бэриниилээхтик үлэлээбит бэтэрээннэр этэллэрэ-тыыналлара элбэх, санаалара сайаҕас. Сорохтор туруорсуулара сиэрдээх, кириитикэлэрэ сытыы.
Маннык отчуоттарга мэлдьи кыһамньылаахтык сыһыаннаһар, харабылынан үлэлээччи Е.Г.Павлов Уһук Илиҥҥи гектаарга санаата атын. Сири босхо биэриини ыскайдааһын, кэскили сарбыйыы курдук сыаналыыр, маны тохтотору этэр. Биллэн турар бу сокуон бастакы тускулуттан уларыйан, Ил Дархаммыт, Түмэммит норуот санаатын учуоттаан, элбэх көннөрүүлэри киллэртэрэн тураллар.
Егор Гаврильевич мин билэрбинэн, хас мунньах аайы сүрүн туруорсар боппуруоһунан, кини курдук үлэһиттэргэ алын хамнас наһаа кырата буолар. Маннык тэҥэ суох быһыыны көннөрөр туһунан туруорсуутугар болҕомто ууруллан, быйыл тохсунньу ый 1 күнүттэн саамай кыра хамнастаах киһи гиэнэ ыйга 23723 солк. буолла, бу иннинэ 17388 солк. этэ, өссө быйыл ыам ыйыттан ыйга толору үлэлиир киһи хамнаһа, 27908 солк. аҕыйыа суохтаах. Алын хамнас хас эмэ сыл тухары биир кэрдиис эргин харан турбут буоллаҕына, быйыл биллэ-көстө улаатар буолла. Ити Егор Гаврильевич курдук туруорсааччылар санаалара, хайа эмэ өттүнэн учуоттаннаҕа.
Өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын салайыы эйгэтигэр үлэлээбит П.Г.Жирков инники тыл этээччи этиитин сайыннаран, маннык ыарахан кэмҥэ, сүрүн үлэһиттэр наһаа кыра дохуоттаахтарын үрдүнэн, тойоттор хамнастара сиэри таһынан улаата турарын сэмэлиир. Кинини кыра куораттарга көмөлөһүү, Кэбээйи суолун тутуутун түргэтэтии, Дьокуускай 17-с кыбаарталын тутуутун боппуруостара, өссө эмиэрикэлэр оҥорбут «Кириэмил испииһэгэр» Саха сириттэн кимнээх киирбиттэрэ кытта долгутар.
Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Е.Е.Чемезов нэһилиэктэр аайы көтөҕүллэр сүрүн боппуруоска тохтуур: саатар үүт харчытын 70-ча бырыһыанын сири оҥоруох, окко киириэх иннинэ биэрэн, бары тэрээһиннэр кэмигэр быһаарыллыыларыгар көмө оҥорор наада.
Үлэ бэтэрээнэ Д.Д.Михайлов сэрии бэтэрээнэрин дьиэнэн хааччыйыы үлэтэ түмүктэнэн эрэринэн, аны итинник махталлаах дьыаланы, тыыл бэтэрээннэригэр оҥорор туһунан сокуон ылынарга этии киллэрдэ.
Бу отчуокка Бэрдьигэстээх биир сүрүн проблемата быһаарыллаары турарынан үөрдүбүт-көтттүбүт. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр 100 улахан тутууну ыытарга ылыллыбыт программаҕа, Бэрдьигэстээххэ 870 миэстэлээх, 636 мөл. солк. үбүлээһиннээх таас оскуоланы үлэҕэ киллэрии былааннаммыт. Сэмэн Дайыылап аатынан оскуола дириэктэрэ М.Г.Константинова бырабыыталыстыбаҕа махтанан туран, 2021 с. улууспутугар Манчаары оонньуулара ыытылларынан, онно кэлиэхтээх хас эмэ сүүһүнэн киһини түһэрии кыаллыа суох туруктааҕынан, бу тутууну 2021 с. диэри түргэтэтэргэ көрдөстө. Сүбэлэһиэх, быһаарсыах, «болдьоҕун бэтэрээ диэки сыҕарыттахха үчүгэй буолуо этэ» дэстилэр.
Учуутал Е.Е.Чемезов эмиэ тыа сиригэр элбэхтик туруорсуллар, үлэ суоҕунан, кэтэх сүөһүлэрин эрэ көрөн олорооччулар биэнсийэҕэ тахсыылара уустугунан, отчуоттанар дохуоттара суоҕунан, манна үлэ ыстааһын киллэрэри, олохтууру санатар. Федеральнай суол бөһүөлэги хаба ортотунан хайа суруйан барарынан, оскуола аттынан ааһарынан, оҕолорго кутталлааҕынан, аны Бэрдьигэстээҕи таарыйбакка эрэ ыытары туруорсар. Бачча саҥа суолланан, асфальтанан баран ити боппуруос дьүүллэһиигэ турбатын, бастаан Бүлүү суолун Иркутскайы кытта холбуурга улахан үлэ ыытылларын эттилэр.
Мин Сэбиэскэй кэмҥэ бу суолу тутуу туһунан сессияҕа буолбут уустук дьүүллэһиини санаан ыллым. Райсовет салалтата бары сэлиэнньэ ортотунан ыытары модьуйбуттара, сорохтор утарбыттара. Бөһүөлэк иһинээҕи суолу, таас муостаны оҥотторон ылаары, иһинэн ыытар сөптөөҕүн итэҕэппиттэрэ. Таһынан ыыппыттара буоллар, бачча үчүгэй муостаны, асфальт суолу ким тутан биэриэ этэй?! Ол да саҕана кэмэ кэллэҕинэ, сэлиэнньэ таһынан ыыттарыахтара диэн эрэл санаалаахтара…
Үгүстэр билэллэрин курдук, Бэрдьигэстээх биир сүрүн проблематынан, «Крепыш», «Кэскил» оҕо саадын дьиэлэрин боппуруостара буолаллар. Кинилэр уустук балаһыанньалаахтарын туһунан итэҕэтиилээх туруорсуулар иһилиннилэр, ити курдук Атамайга элбэх функциялаах киини тутуу, гаастаах нэһилиэк сүрүн көрдөһүүтүнэн буолбут.
Түргэн сибээс олохтонуутугар улахан суолу арыйбыт оптоволокно проводтара, тоҕо бачча өр сир үрдүгэр сытарын туоһуласпыттарыгар, 2018 с. сир анныгар кистэнэ сатыа диэн быһаардылар. Солоҕоттор бу сибээс көрүҥэ кинилэргэ эмиэ тардылларын туруорсан туран, үлэлэһэр, кыттыһар, нэһилиэнньэ көмөлөһөр санаалаахтарын иһитиннэрдилэр.
Октябрьскайдар иһэр ууларын 30-ча сыл туруорсаллар да, күн бүгүн туох да уларыйыы суох.
Маҥанылар киин ититэр ситим киириитин сэҥээрэн, 33 ыал сайаапкалаан олорорун билиһиннэрдилэр. Маныаха «ОДьКХ» ГУП генеральнай дириэктэрэ В.В.Омуков дьаһалта, олохтоохтор матырыйаалын ылар буоллахтарына, холбооһун кыаллыан сөбүн эттэ.
Кэлин маннык көрсүһүүлэргэ мэлдьи туруорсуллар боппуруоһунан, сэрии сылын оҕолоругар анал сокуон ылыллан, сөптөөх социальнай өйөбүл олохтоноругар буолар. Үлэ бэтэрээниттэн атын, онно сыһыана суох, туспа көмө баара наада.
Мантан да атын элбэх санаалар иһилиннилэр, көдьүүстээх этиилэр киирдилэр. Барытыгар бөлөх кыттыылаахтарыттан министиэристибэ эппиэттээх үлэһиттэрэ өйдөнүмтүө гына быһааран хоруйдааһыннара үгүстэри астыннарда.
Бэрдьигэстээххэ быйыл гаас ситимэ кэлиэхтээҕин, бырайыак оҥоһуллубутун, үбүлээһин көрүллүбүтүн туһунан үтүө сонуну истэн, инники олохпутугар эрэл кыымнаах, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар улахан махтал санаалаах тарҕастыбыт.