«Бичик» саҥа кинигэлэрэ ааҕааччыларын күүтэллэр

638

«Бичик» кинигэ кыһата саҥа кинигэлэринэн долбуурун толордо. Олус интэриэһинэй ис хоһоонноох буруолуу сылдьар кинигэлэр тустарынан Покровскайдыыр суол 7 км 6/1 дьиэтигэр тиийэн эбэтэр (4112) 500-156, ф. 500-157, 89142780870 төлөпүөннэринэн сиһилии билсиэххитин сөбүн иһитиннэрэллэр.


Чингиз Айтматов «Илгэлээх ардах» 

Арааһа соҕотох мин эрэ Джамиляны буруйдуу санаабат быһыылааҕым. Данияр, баҕардар, эргэ синиэлиттэн уонна алдьаммыт саппыкытыттан ураты туох да баайа суох буоллун. Ол гынан баран, кини  биһигиттэн барыбытыттан дууһатынан баайын мин билэр этим. («Джамиля» айымньыттан быһа тардыы).

Дойду олоҕор куруук бэлиэ событие буолар, дьон-сэргэ кутун тутар, элбэх толкуйга киллэрэр, үгүс ырытыыны, ыараҥнатыыны үөскэтэр айымньылардаах Чингиз Айтматов «Джамиля», «Верблюжий глаз» («Тэбиэн хараҕа»), «Первый учитель» («Маҥнайгы учуутал»), «Материнское поле» («Төрөөбүт ийэ хонуум»), «Белый дождь» («Илгэлээх ардах»), «Пегий пес, бегущий краем моря» («Муора кытылынан сүүрэр Эриэн ыт») кэпсээннэрин, сэһэннэрин хомуурунньуга “Бичик” кинигэ кыһатыгар сахалыы тылынан бэчээттэнэн таҕыста.

1966 сыллаахха тахсыбыт хомуурунньукка айымньылар хайдах бэчээттэммиттэринэн, урукку орфографическай быраабылаларынан киирдилэр. Сахалыы.

Иван Мигалкин «Алыптаах дойдуга»

Былыыр-былыр балыктар тыа кыылларын кытта сир үрдүгэр хаама сылдьыбыттара үһү. Сордоҥнор уонна бөрөлөр — сиэмэхтиҥи, кыһыыдайдар уонна саһыллар — албын-түөкэй, хаахынайдар уонна эһэлэр — акаары көнө, мундулар, күөнэхтэр уонна тииҥнэр итэҕэйимтиэ, оттон соболор уонна куобахтар — кырдьыктарын да сатаан эппэт куттаҕастыҥы майгылаахтара. Обот-солоҥ сордоҥнор саһыллар кутуруктарын, эһэлэр хара тирии соннорун уоран баран, тус хоту туһаайыынан күрээн хаалбыттар. Иирсээн тахсар. Ити туһунан «Балык ууну тоҕо булбутай» диэн оҕолорго аналлаах остуоруйаҕа ааҕыҥ.

Иван Мигалкин «Алыптаах дойдуга» оҕолорго анаммыт кинигэтигэр бу остуоруйа баар. Онон оҕолору остуоруйа аптаах эйгэтигэр эргитэн илдьиэ!

Саҥа төрөөбүт оҕолорго анаммыт альбом

«Бичик» кинигэ кыһата «Чыычаахпыт, чукурукпут» кырачааннарга анаммыт олус үчүгэй альбома атыыга баар. Манна оҕо, кини төрөөбүт кэмин тустарынан сиһилии суруйуохха, хаартыскаларын сыһыарыахха сөп.

Альбом иһигэр баар «Ийэҕэ сүбэлэр» дьоҕус кинигэҕэ оҕо төрөөбүт ыйынан көрөн хайдах ааттыахха сөбүн, маҥнайгы сылыгар этэ-хаана, уйулҕата хайдах буолуохтааҕын, эбии аһатыы, оҕо аһылыгын эрэсиэптэрэ, о.д.а туһалаах сүбэлэр-амалар таҥыллан киирдилэр. Эдэр ийэлэр үгүстэрэ мунаахсыйар ыйытыктарыгар толору хоруйдары мантан булуохтара.

Ирина Дмитриева «День печенья»

Ирина Дмитриева оҕону үтүөҕэ, сырдыкка, үлэни таптыырга үөрэтэр-уһуйар хоһоонноро нууччалыы тылынан бэчээттэнэн тахсыбыт «День печенья» диэн дьоҕус кинигэҕэ мунньулуннулар. Кинигэ «Бичиккэ» саҥа бэчээттэнэн таҕыста. Төрөппүттэр оҕолоругар ааҕалларыгар олус табыгастаах.

Виктор Сивцев «Булчут кинигэтэ»

Баай хара тыа Байанайа көтөрүттэн-сүүрэриттэн хамаҕатык хатаҕалыырын туһугар туох сиэри-туому толоруохха? Ити уонна итиниэхэ майгынныыр ыйытыыларга хоруйу булду-алды, айылҕаҕа сылдьары кэрэхсиир дьоҥҥо анаан Виктор Сивцев «Булчут кинигэтиттэн» буолуохха сөп.

“Бичик” булчуттарга анаммыт акцията

Кулун тутар 27 күнүттэн муус устар 8 күнүгэр диэри «Бичик » кинигэ кыһата булчуттар күннэрин көрсө элбэх чэпчэтиини биллэрэр. Атыылаһааччылар бултуур билиэттэринэн «Бичик» кинигэлэригэр 10% чэпчэтиини ылыахтарын сөп.

Ону таһынан булка анаммыт 9 кинигэттэн турар кэмпилиэги 50% чэпчэтиилээх атыылаһыахтарын сөп. Ити 9 кинигэ сыаната 600 солк. буолар. Кэмпилиэги атыыласпыттар ортолоругар «Бэргэн» булт маҕаһыыныттан сертификаттар уонна улахан сүүйүүлэрдээх муус устар 8 күнүгэр «Триумф» спорт комплексыгар ыытыллар «Булчут бэлэҕэ » кэнсиэргэ билиэт оонньоноллор.

Оскуола оҕолоругар анаан таһаарыылар эмиэ бааллар

«Бичик» кинигэ кыһата оскуоланы бүтэрээччилэргэ анаан эриэккэс, үөрэххэ, үлэҕэ, олоххо олус наадалаах бэлэҕи бэлэмнээтэ. Манна нууччалыы тылынан тахсыбыт «Грибы Якутии», «Самоцветы Якутии», «Динозавры и другие ископаемые Якутии», «Животные Якутии», «Горы Якутии», «Знаете ли вы млекопитающих Якутии?», «Лекарственные растения Якутии», «Знаете ли вы птиц Якутии?» биир сериянан тахсыбыт, кэрэхсэбиллээх хаартыскаларынан ситэриллибит кинигэлэртэн талан бастыҥ бэлэҕи оҥоруохха сөп. Төрөөбүт дойдубут Ийэ Айылҕата, кыыла-сүөлэ, сир аннынааҕы баайа-дуола бүүс-бүтүннүүтэ бу кинигэлэргэ арыллар.

Оскуола салалтата «Бичик» этиитин сэҥээрэн, үөрэнээччилэргитигэр норуот бараммат кылаатын, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүк буолан хаалар кинигэлэрин бэлэхтииллэригэр эрэллээхпит.

Маны сэргэ өбүгэ саҕаттан оҕо аймах биһирэбилин, дьон-сэргэ билиниитин ылбыт, үйэлэри уҥуордаан оччоттон-баччааҥҥа диэри кэлбит остуол оонньуута — хабылык уонна хаамыска бэрт сотору «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыга тахсыаҕын иһитиннэрэллэр.