Боруулаахтар өрөбүллэрин халтай аһарбаттар

560

Кэнники кэмҥэ боруулаахтар өбүгэ оонньуутун хаһааҥҥытааҕар да сөбүлээн оонньуур буоллулар. Хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэһии манна оргуйан олорор да диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, манна өбүгэ оонньуутун тарҕатар улахан энтузиаст киһи баар.


Ол курдук, сахалыы остуол оонньууларын хабылыгы, хаамысканы тарҕатар үтүө үгэстээх энтузиаст Елена Сергеевна Чирикова көҕүлээһининэн, күрэхтэһии ааттааҕа ыытылынна. Оҕолуун, улахан дьоннуун мустан илин-кэлин түһүстүлэр.

«Спортсаала тутуллан, нэһилиэкпитигэр улахан сэргэхсийии буолла. Манна дьон-сэргэ спорт араас көрүҥнэринэн үөрэ-көтө дьарыктаналлар. Онуоха Елена Сергеевна оҕолору, улахан дьону хабылыкка, хаамыскаҕа үөрэтэрэ улахан болҕомтону тарта. Тыа сирин дьоно сэргэх тэрээһини улаханнык астыналлар, сөбүлүүллэр. Онон маннык күрэхтэһиилэргэ, кэнсиэртэргэ сүргэлэрэ көтөҕүллэн кытталлар. Күрэхтэһии хаһан буоларын тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэллэр. Онуоха бу хабылыгы, хаамысканы улаханнык сэргээтилэр, сөбүлээтилэр. Ол иһин, дьону-сэргэни өссө көҕүлээри бу күрэхтэһиини тэрийдибит», — диэн кэпсээтэ олохтоох дьаһалта баһылыга Евгений Юмшанов. Бу күн күрэхтэһиигэ кыттыбыттар чахчы ис сүрэхтэриттэн астынан тарҕастылар.