Булуҥҥа оскуоланы бүтэрээччилэр үөрэх түмүгүн көрдөрөр БКЭ сорудахтарын толоруохтара

543

Үөрэх сылын түмүгэр дойду оскуо­лаларыгар үгэс буолбут биир кэлим экзаменнары (БКЭ) туттарыы саҕала­нар. Хас сылын аайы БКЭ сорудахтара ыараатар ыараан иһэллэрин истэбит.


Бу сылга биир кэлим экзамены Булуҥ улууһугар орто оскуоланы бүтэрээччи 63 оҕо 12 предмекка туттарыа. Ол курдук, хас биирдии БКЭ-ни туттарар пууҥҥа 92 аудитория салайааччыта, ону тэҥэ 155 үөрэх эйгэтигэр үлэлиир дьон тастан сылд­ьан кэтээн көрүөхтэрэ. Онтон 9-с кылааһы улууска бүтэрэр 99 үөрэнээччи бэйэлэрин билиилэрин 15 предмекка бэрэ­биэркэлиэхтэрэ. Кинилэргэ 126 ауди­торияҕа олорор уонна таһыттан 181 киһи кыттан үлэлэһиэ.

9 кылааһы бүтэрээри сылдьар оҕолор икки экзамеҥҥа орто баалларын ылбатах­тарына, бэс ыйын 22 күнүгэр математикаҕа уонна бэс ыйын 23 күнүгэр үөрэнээччи бэйэтэ талан ылбыт предметыгар иккис­тээн туттарыы тургутуга буолуо. Онтон оскуоланы бүтэрээччи оҕолор наадалаах баалларын кыайан ылбатах түгэннэригэр, бары предмеккэ от ыйын бастакы күнүгэр хаттаан туттарарга кыах бэриллиэ.

Бэйэ баҕатынан талан туттарыыга 9 кы­лаастар биология, физика уонна исто­рия предметтэрин талбыттар. 11 кылаас оҕолоро, билиҥҥи үйэҕэ саамай наада­лаах идэлэри баһылыырга, үгүстэрэ об­ществознание предметын ылбыттар, ону таһынан биологияны, историяны уонна биирдиилээн омук тылын, информатиканы уонна литератураны талбыттар.

БКЭ туттараары сылдьар оройуон ба­ры оскуолаларын үөрэнээччилэригэр, кини­лэр төрөппүттэригэр туспа мун­ньах­­тар буолбуттар, сорох ардыгар төрөп­пүтү, оҕону бииргэ түмэн кэпсэтии ыыппыт­тарын үөрэҕирии салаатын исписэлииһэ Раиса Корякина этэр.
Кыһын куораттан анал учууталлар кэ­лэн оскуоланы бүтэрээччилэргэ көмө, ыйыы-кэрдии (консультация) уруоктарын биэрбиттэр. Нэһилиэк оскуолалара маннык көмөҕө наадыйалларын эмиэ этинэллэр. Ону таһынан, тыа оскуолалара чуолаан БКЭ эрэ буолбакка, методическэй көмөҕө наһаа наадыйалларын үөрэх салалтатыгар тиэрдэллэр. Улуус үөрэҕириитин салал­тата кинилэргэ маннык таһымнаах көмө оҥоһулларыгар туруулаһар.

Учууталлар этэллэринэн, оҕолор би­лиҥ­ҥи күҥҥэ диэри экзамен туттарал­ларын туһунан өссө улаханнык баардыы­лаабаттарын бэлиэтииллэр. Тус бэйэм кө­мөҕө наадыйар оҕолорго бу сыл ту­ха­ры БКЭ бэлэмнээһиҥҥэ тэрийэн үлэ­лэстим. Тиксии оскуолаларыгар туспа мунньахтары ыыттым. Бу кыһын Бо­роҕон нэһилиэгэр учууталлары, үөрэнээч­чилэри кытта көрсөн үлэлэстим. Мин көрүүбүнэн, үөрэнээччилэр бэлэм­нэрэ наһаа куһаҕана суох. Онон манны­гы этиэхпин баҕарабын – кылаас салайаач­чыта уонна төрөппүттэр кыһанар буол­лахтарына эрэ, оҕо биирдэ кыһаллар.
Мин бэйэм сүүрбэ сыл тухары нуучча тылыгар учууталлаабыт буоламмын, наа­дыйар оҕолорго консультация уруоктарын биэрбитим уонна биэрэбин. Ону тэҥэ, Бороҕон нэһилиэгэр икки үөрэнээччигэ өйтөн суруйууну үөрэппитим, онтон биир үөрэнээччи дьиэтигэр бэйэтэ дьа­рыктаммыта. Маннык көмө уруоктар улахан оскуолаларга – Күһүүр, Бороҕон, Таймылыыр үөрэнээччилэригэр олус наа­далар диэн бэйэм тус санаабын этэ­бин”, – диэн Раиса Тимофеевна кэпсиир.