Дьокуускай куоракка нэдиэлэ устата VII-с төгүлүн аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар күннэрэ ыытылыннылар. Улахан таһымнаах тэрээһиҥҥэ Булуҥ улууһуттан үс бэрэстэбиитэл кыттыыны ылбыта. Кинилэр кулун тутар 20, 21 күннэригэр хотугу норуоттар кыһалҕаларын быһаарсар, кэпсэтэр мунньахтарга сылдьыбыттара.
Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар күннэрин чэрчитинэн, кулун тутар 20 күнүгэр III-с төгүлүн ыытыллар регионнар икки ардыларынааҕы “Арктика дойдута-2018” быыстапка-дьаарбанката буолан ааспыта. Биһиги улууспут аатын Светлана Садовникова ааттатта. Быыстапка-дьаарбаҥка биир сыл устата түһүмэхтэринэн ыытыллан баран, бу күн түмүктэннэ.
Урукку сылларга маннык таһымнаах быыстапкаларга Булуҥ маастара куруук түүлээх таҥас диэн көрүҥҥэ кыттар эбит буоллаҕына, быйыл оҕуруо көрүҥэр холонно. Ол курдук, маастар 2018 сылга кыыһыгар анаан аныгы тииптээх төрүт өбүгэлэрин көстүүмүн тигэн таһаарбыт, эбии оҕуруонан киэргэппит саҥа үлэтинэн кытынна. Сыралаах үлэ кубогынан, грамотанан, сертификатынан наҕараадаламмыт. Ситиһиилээхтик кыттыбытыттан үөрүүтүн биллэрэр. Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттарын тухары, Хабаровскай кыраайтан биир куукула оҥоһугун маастара быыстапкалыырын бэлиэтиир. Бу да сырыыга кини кыттыыны ылан кыайыы өрөгөйдөөх айаннаабытын этэр.
Холобура, хотугу улуустартан Эдьигээн улууһа олус таһаарыылаахтык үлэлиирин бу да сырыыга көрдөрбүтүн, ол курдук улуустан уонча маастары аҕалбыттарын, олус күүстээх хамаанда буоларын Светлана Егоровна ыйар.
“Сийиэс олус интэриэһинэйдик, үрдүк таһымнаахтык ааста. Элбэх оҕолоох ийэлэргэ, кыаммат ыалларга наһаа элбэх чэпчэтии көрүллэрин, баарын билиһиннэрдилэр. Элбэх туһалаах иһитиннэриилэри ыллым, биллим.
Кулун тутар 21 күнүгэр быыстапка кыттааччыларыгар төгүрүк остуол ыытыллыбыта. Тэрийээччилэргэ бэйэм баҕа санаабын тиэрдибитим. Ол курдук, сылтан сыл наар биир саастаах дьон кыттара сылаалаах. Тоҕо эдэрдэр кыттыбаттар, тоҕо иһитиннэрии үлэтэ мөлтөхтүк барарын этинним. Дьиҥнээх талааннаах маастардар айылҕанан, тыанан, туундаранан сылдьаллар. Инникитин маннык маастардар кытталларын ситиһиэххэ наадатын эттим. Булуҥҥа биһиэхэ маастар үгүс ээ. Биһиги салгыҥҥа, айылҕаҕа кэтэр таҥаспытын кыылтан оҥорон, тигэн таһаарабыт эбээт. Ол курдук күннээҕи кэтэр таҥаспыт быыстапкаҕа тураллар.
VII төгүлүн ыытыллар сийиэскэ кыттыбыппыттан наһаа үөрэбин, инники да өттүгэр кыттыам. Аны маннык тэрээһиннэр икки сылынан буолаллара күүтүллэр”, – диэн Булуҥтан соҕотох кыттыбыт маастар санаатын үллэстэр.
Тэрийээччилэр ыраах сиртэн кэлэн кыттыыны ылбыт дьоҥҥо махтаналларын уонна салгыы саҥаттан саҥа оҥоһуктары, интэриэһинэй үлэлэри күүтэллэрин эппиттэр. Таһаарыылаах үлэни баҕарбыттар. Сийиэстэн дьон үчүгэй өйдөбүллээх барбыт. Бары бириискэ тиксэн, илии тутуурдаах айаннаабыттар.