Булуҥ улууһугар үлэлиир балык хаһаайыстыбалара сайыҥҥы үлэҕэ бэлэмнээх үктэннилэр

463

Булуҥ улууһугар түөлбэлээн үлэлиир ба­лык уонна таба хаһаайыстыбаларын салайааччылара “Чекуровка” учаас­тагар түмсэн, биир идэлээхтэрин, хотугу омук үгэскэ кубулуйбут дьарыктарын сайдыытын тула кэпсэттилэр. Тэрээһин олохтоох учаастак үбүлүөйүгэр ананна. Улуус салайааччылара, Дьокуускай куораттан бу салааҕа сыһыаннаах тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. 


Киэҥ ыҥырыылаах тэрээһиҥҥэ барыта 50 тахса киһи кытынна. Таһаарыылаах үлэлэрин иһин оройуон 20-чэ чулуу балыксыта наҕараадаланна, сыралаах үлэлэрин иһин махтал суруктары туттулар.

“Кумах-Сурт”, “Тиит-Арыы”, “Таба бастаах” уонна Быы­кап­ка баар учаастактарынан уунан айан суола тыргылынна. Хас тохтобул аайы ыалдьыттары олохтоох дьон күндүлээн-маанылаан көрүстүлэр, ырыа-тойук аргыстаах кэнсиэрдэри бэлэх ууннулар.

Бу айан сыала – “Чекуровка” үбүлүөйэ уонна Булуҥҥа баар балык хаһаайыстыбаларын көрөөһүнэ буо­лар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, сайыҥҥы балыктааһыҥҥа бэлэмнэнии үлэтэ үрдүк таһымҥа бара турарын ыалдьыттарбыт бэлиэтээн эттилэр. Хаһаайыстыбалар үчүгэй туруктаахтара билин­нэ. Уматык, оҥочо, илим, ону таһынан араас туттар мал-сал өттүнэн толору хааччылыылаахтар. Учаастак олохтоох­торо түгэни мүлчү туппакка сүрүн интириэ­һэр­гиир ыйытыыларын биэрдилэр«, — диэн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Константин Слепцов кэпсиир.

Балыксыттар кэпсэтии кэмигэр өрүс уута уолан турарын уонна балык киириитэ чуолкай биллэ илигин этиннилэр. Ити эрээри былааны толо­рууга санаалара бөҕө­ҕүн тириэртилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, кэлиҥҥи үс сылга балык хаһаайыстыбаларыгар тустаах үбүлээһин көрүллэн, үлэ таһаарыылаахтык ыытылларын, сайдыы баарын олохтоохтор чуолкайдаан биэрдилэр.

«Үлэ чэрчитинэн үгүс баҕарбыт баҕа санаабыт туолан, олоххо киирэн турар. Ити биһиэхэ улахан тирэх, өйөбүл буолар. Инникитин даҕаны аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторугар-дьаһахтарыгар көмө баар буола турарыгар эрэллээхпит. Онтон былааны биһиги толоруохпут”, – диэтилэр балыксыттар.

Чекуровкаҕа айаҥҥа кыттыыны ыллылар: Саха сири­нээҕи Арктика дьыалаларыгар госкомитет бэрэссэдээтэлэ Прокопий Ни­колаев, инвес­­тиционнай сайдыы уонна предприни­мательст­во миниистирэ Антон Саф­ронов, Ленскэй­дээҕи территориальнай “Рос­рыбо­ловст­во” салалтатын сала­йааччытта Олег Кузьмин, балык хаһаа­йыстыбатын сайдыытын са­лаа­тын салайааччыта Тарас Аммосов уонна “Туй­маада-Агроснаб” генеральнай дириэк­тэрэ Павел Чириков.