Саха сиригэр Сылгыһыт күнэ Ил Дархан ыйааҕынан кулун тутар 21 күнүгэр бэлиэтэнэр. Булуҥ улууһугар Сэбиэскэй былаас саҕана бары нэһилиэктэргэ сылгы иитэ сылдьыбыттар.
Билиҥҥи туругунан Булуҥ улууһугар 470 сылгы баар. От-мас арыый да дэлэйдик үүнэр сиригэр Бороҕоҥҥо 200-тэн тахса сылгыны көрөллөр-истэллэр. Таймылыырга Иван Захаров салайааччылаах 75 төбөлөөх сылгы иитэр бааһынай хаһаайыстыба баар. Хара-Уулаахха – 140 сылгы кыстыгы этэҥҥэ туораан эрэр. Ону таһынан нэһилиэктэргэ сылгынан дьарыктанар биирдиилээн ыал баар.
Саамай элбэх сылгылааҕынан Бороҕон олохтооҕо Игорь Кальной буолар. Кини 2015 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт “Семейная животноводская ферма” куонкурус гранын ылан, Чурапчыттан эбии 20-тэн тахса сылгы атыылаһан аҕалан турардаах. Бу хаһаайыстыба улуус үрдүнэн үчүгэй тирэхтээх, кыанар хаһаайыстыбаларга киирсэр.
“Сылгы иитээччилэрбитигэр уонна сылгыһыттарбытыгар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө көмө көрүллэр. Сылгы – ынах буолбатах, сылаас сиргэ турбат, улахан көрүүгэ наадыйбат, мээнэ ыабаккын, ол иһин ороскуота кыра. Сылгыга саамай сүрүнэ, сайынын от оттуохха уонна турарыгар аналлаах үчүгэй бааза тутуохха наада. Булуҥ олохтоохторо сыспай сиэллээхтэрин сылын аайы хаҥаталлара олус үчүгэй көрдөрүү. Сылгыһыттарбыт үөр турарыгар үчүгэй хаачыстыбалаах дал туттахтарына улууспутугар Саха сирин мааны кыыла өссө элбиэ турдаҕа”, – диэн этэр улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын зоотехнига Константин Слепцов.
Хас биирдии хаһаайыстыбаҕа бачча от оттонуллуохтаах диэн былаан туруораллар. Ити эрээри айылҕа араас көһүтүллүбэтэх өттүттэн дьайыылара нуорма оту булууга күчүмэҕэйдэри үөскэтиэн сөп.
Ыксал буоллаҕына тыа хаһаайыстыбатын салалтата сайаапка быһыытынан киин сиртэн от соҕотуопкалаан аҕалтаран, тустаах сиргэ тиийэригэр көмө оҥоруохтарын сөп.
Онтон чааһынайдарга көмөлөһөр бырагыраама суоҕун Константин Слепцов этэр. Бэйэлэрин бэйэлэрэ хааччынан олоруохтаахтарын специалист ыйар. Онон тустаах дьон сылгыларын үөрүн хаҥатар туһуттан, сайын үчүгэй күннэрин мүлчү туппакка үлэ үөһүгэр, окко түһэллэр.