Булуҥ улууһугар Ямало-Ненецкэй автономнай уокуруктан овцебык кыыл кэлэрэ күүтүллэр

380

Наука этэринэн түҥ былыр, сэлии кыыллар үөскүү сылдьыбыт кэмнэригэр, би­лигин булуҥ улууһа тайаан сытар сиригэр овцебык төрүү-үөскүү, баар буо­ла сылдьыбыт эбит. Ол туоһутунан манна сэлии муо­һут­тан, уҥуоҕуттан ураты, овцебык уҥуох­тара көстөллөр.


Булуҥ тыйыс айылҕатыгар төрүүр-ууһуур кыахтаах диэн овцебыктары аан маҥнай 2000 сыл саҕа­ланыытыгар аҕалбыттар. Маҥнай 20 төбөнү, онтон эбии 10-ну көҥүлгэ көччүтэ ыыппыттар. Билиҥҥи туругунан, овцебык ахсаана биллэ кэҥээн тыһыынча төбөҕө тиийбитин туһунан Булуҥнааҕы айылҕа харыстабылын инспек­циятын салайааччыта Иннокений Стручков этэр.

Арыый сым­наҕас килиимэттээх сиртэн кэлбит кыыл­лар бастаан утаа биһиги айылҕабытыгар үөрэнэллэригэр бириэмэ наада буолара өйдөнөр. Онон со­рох овцебык (сүрүннээн кырдьаҕаһа) саҥа сиргэ сатаан үөрэммэккэ, өлүтэлээбиттэр.

Овцебык ыйааһына тайахха тэҥнэһэр диэх­хэ сөп. Бу кыыл киһи көрүүтүгэр наадыйбат. Онон иитиигэ табыгастаах. Ол эрээ­ри, овцебыктар бэйдиэ сылдьаннар, адьыр­ҕа кыылларга түбэһиэхтэрин сөп. Бөрөлөр тугуттарга, улахан да овце­быктарга саба түһэн тутар түгэннэрэ тах­сыталыыр эбит. Онон бу кыыл­лары арыыларга да ыытыах­ха сөп, манна адьырҕа кыыл мээнэ киир­бэт.

Хас рейдэ ахсын овце­быктар ахсааннара биллэ элбээбитин бэлиэтии көрөбүт. Муора кы­тыытыгар киирэллэрин, быйыл саас рей­дэҕэ сылдьан көрөн аһарбыттаахпын. Холобура, Анаабыр улууһугар ыыппыт овцебыктара үксүлэрэ би­һиги сирбитигэр киирбит түгэннэрэ баар буолааччы. Үчүгэйэ диэн кыыллары дьом­мут-сэргэбит тыыппаттар, бултаабаттар. Овце­бык Арассыыйа Кыһыл кинигэтигэр киир­бэтэх эбит буоллаҕына, Саха си­рин Кыһыл кинигэтигэр баар. Атын регион­нарга овцебык ахсаана элбэх буоллаҕына, бултааһын кинилэргэ көҥүллэнэр. Би­һиэхэ да аҕыйах сылынан, ол эбэтэр уон­ча сылынан, овцебык ахсаана 150 ты­һыынча төбөҕө чугаһыа диэн исписэлиистэр этэллэр. Онон кыылга бултааһын көҥүлүн арый­дахтарына, манна бултааһын туризма сайдыаҕа. Булт туризмын салаата арылыннаҕына уонна сайыннаҕына, олохтоохторго үлэ миэстэтэ тахсыа. Ылан көр­дөххө, бары өттүттэн табыгастаах суол буолар. Бу күһүн кэ­лиэхтээх овцебыктарбыт кыра саас­таах тугуттар буолаллар”, – диэн Айыл­ҕа харыстабылын инспекциятын салайаач­чыта сиһилии кэпсиир.