Тайҕа адьырҕалара — эһэ, бөрө таба ыстаадаларыгар улахан хоромньуну таһаараллар. Кэнники сылларга ыстаадалар төһө да төрүөҕү ылбыттарын иһин, бу ардай аһыылаахтар сайыннары-кыһыннары түбүүлээн, хас да сүүһүнэн тугуту, эдэр табаны тардан, табаһыттар барахсаттар ытыстарын соттон хаалаллар. Ону ааһан, бу адьырҕалар табаһыттарга, булчуттарга бэйэлэригэр олус кутталлаахтар.
Бу күһүн Эдьигээн Баахынайыгар, Кыстатыамыгар эһэлэр дьоҥҥо саба түһүүлэрэ тахсыталыы сылдьыбыта дьиксиннэрэр. Ыраах учаастактарга, баазаларга чугаһаан дьону, табаны чуҥнууллара олус кутталлаах буолла. Киһи куйахата күүрэр биир түгэни табаһыттар кэпсээбиттэрин, «Эдьигээн оройуонунааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета» МКУ начаалынньыга Валентин Петров «Сыатаа» община ыстаадатыгар харааллааһыҥҥа сылдьан иһитиннэрдэ.
«Сыатаа» община улахан үөрүйэхтээх табаһыта Николай Сергеев быйыл балаҕан ыйыгар, хаар түспүтүн кэннэ, Сыатаа үрэҕэр баар ыстаада учаастагар үлэлии сылдьыбыт. Мастана, кыстыкка киириигэ бытархай үлэтин тыа киһитин сиэринэн аргыый бүтэрэ-оһоро сырыттаҕа. Күнүс, халлаан сырдык эбит. Арай, ол кэмҥэ хантан да кэлбитэ биллибэккэ сүр эмискэ, уун-утары эһэ ыстанан кэлбит. Дьиҥэр, ити кэмҥэ хаар түһэн, кырдьаҕас арҕаҕын булунан киирэр кэмэ буолуохтааҕа. Онон соһуччу түгэн буолбут!
—Барыта эмискэччитэ бэрт этэ. Саам суох, тугум да суох! Аны ханна да куотар сирим эмиэ суох! Ыксал буолла! Чыпчылҕан түгэнигэр, манныкка кырдьаҕастар хайдах, туох гыналларын кэпсээбиттэрэ өйбөр көтөн түстэ. Аны маннык түгэҥҥэ куотар сатаммат даҕаны. Онон эһэбэр утары турунан кэбистим. Тыатааҕым сүүрэн мардьаһытан иннибэр кэлээт, хорус гына тура түстэ да, илин атаҕын сарбас гыннараат, төбөм туһаайыытынан сырбатта. Дьэ, бу тыын былдьаһар кыл түгэҥҥэ, кырдьаҕастар туттар ньымаларынан, баппаҕайын төбөбөр түбэһиннэримээри эһэбэр утары ыстанан сыстан биэрдим. Инньэ гынан, баппаҕайын оннугар илин атаҕын окумалыгар төбөбүн түбэһиннэрдэ. Онон адьас ынырыктаах иэдээннээх охсуутун күүһэ быдан мөлтөөтөҕө дии. Окумалын охсуутуттан кэнним диэки эһиллэн охтон иһэммин, чуут аҕай өрүһүнэн тура биэрдим. Эһэм буоллаҕына, били бэйэтэ охсубут күүһүгэр уйуттуммакка, тиэрэ эргийэн хаалла. Ол мучумааныгар булумахтана охсон ылла. Мин ити кэми тутуһан кэннибинэн тэйэ оҕустум. Хата, аттыбар уһуктаах титирик мас сытарын ыла охсоот, сирэйин туһулаан харса суох анньыалаан бардым. Эһэм төрүт арахсыбат. Ол сылдьан, дьолбор, биир түгэҥҥэ муннугар балайда ыарыылаахтык таптым быһыылаах, кырдьаҕас часкыйаат, тиэрэ эргийэн хаалла уонна куотар аакка барда, — диэн табаһыт кэпсээбит.
Дьэ итинник, айылҕа киһитэ ыксаллаах түгэҥҥэ өбүгэлэрин кэпсээннэрин өйдүү охсон, былыргыттан туттар ньымаларынан, албастарынан былаҕайтан куоппут. Манна диэн эттэххэ, ити торҕоннообут адьырҕаны хас да хонон баран «Тугут» община табаһыттара өлөрбүттэр. Эһэ киһиэхэ саба түһэн баран куотан, хайаны нөҥүөлээн тугуттар ыстаадаларыгар тиийбит эбит. Бу адьырҕа төһөлөөх табаны баттыа уонна өссө иэдээннээҕэ, дьоҥҥо түһүө этэй…
Хаартыскаҕа: Н.Сергеев (уҥа турар) бииргэ үлэлиир дьонун Н Михайловы, С.Никитины кытта.