СӨ Бырабыыталыстыбата ааспыт сыллааҕы үлэтин улуустарга тиийэн отчуоттуур, олохтоохтор олохторун-дьаһахтарын билсэр үтүө үгэстээх. Ол чэрчитинэн, Анаабыр улууһугар олунньу 17 күнүгэр СӨ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ А.А.Панов салайыытынан 21 киһилээх оробуочай бөлөх кэлэн үлэлээтэ.
Бастакы бөлөх Сааскылаахха, иккис — Үрүҥ Хайаҕа үлэлээтилэр. Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ кэлбиттэрин баттаһан, бу күн ааспыт сайын тутуллубут тутуу эбийиэктэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы тэрээһинэ буолла. Ол курдук, бастаан «Услуга» ХЭТ «Көрүүтэ-харайыыта суох хаалбыт тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы» анал бырагараама чэрчитинэн туппут аҕыс кыбартыыралаах, икки мэндиэмэннээх, толору хааччыллыылаах дьиэтэ аһылынна. Тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, улуус уонна нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара итиэннэ бу үөрүүлээх күҥҥэ саҥа дьиэ күлүүстэрин тутар дьон муһуннулар. Умнуллубат бэлиэ түгэн суолтатын үрдэтэн, СӨ архитектура уонна тутуу комплексын миниистирэ В.А.Кузакова, Сааскылаах нэһилиэгин баһылыга Е.И.Лаптев, «Услуга» ХЭТ салайааччы В.Н.Резик ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан аалай кыһыл лиэнтэни быстылар. Ол кэннэ дьон-сэргэ сылааһынан илгийэр дьиэни киирэн сыныйан көрдө-иһиттэ. Дьоҕус, толору хааччыллыылаах, күүлэлээх дьиэни көрбүт эрэ бары хайҕаата.
Бырабыыталыстыба делегацията салгыы «Бытовой өҥөлөрү оҥорор киин» аһыллыытыгар ыалдьыттаата. Манна кыһыл лиэнтэни быһар үөрүүлээх түгэн СӨ бастакы бэрэсидьиэнигэр М.Е.Николаевка, улуус баһылыгар И.И.Семеновка тосхойдо. Дьиэҕэ аал уоту оттон, алгыс тылын этэн, алаадьылаах быыппаҕынан айах тутан ыраахтан сылдьар ыалдьыттары уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр. Салгыы бу саҥа дьиэҕэ иистэнэр уонна тириини таҥастыыр сыахтар, фотоателье, онтон да атын дьоҕус урбаанынан дьарыктанааччылар үлэлиэхтээхтэрин туһунан кэпсээтилэр. Маныаха киин кыаҕын толору туһанан үлэлээтэҕинэ, элбэх үлэ миэстэтэ тахсыахтааҕа этилиннэ. Ити кэнниттэн делегация «Н.Е.Андросов аатынан ММУП» балыгы уонна эти астыыр сыах аһыллыытыгар сырытта. Манна СӨ бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ А.А.Панов, улуус баһылыга И.И.Семенов, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы А.В.Неустроев лиэнтэни быһан, сыах аһыллыбытын биллэрдилэр. Күөйэ түһэн эттэххэ, бу сыах хас да сыл кэккэ биричиинэнэн үлэтэ тохтоон, дьиэтэ туһаттан тахсан, көҥкөлөйдөнөн турбут кэмнээҕэ. Ону улуус баһылыга сөргүтэн, нэһилиэнньэҕэ үлэ миэстэтин таһааран, тэрилтэ материальнай-техническэй баазатын саҥардан, Архангельскай куораттан муора суолунан эти уонна балыгы ыһаарар, астыыр тэрили аҕалан, «Колакс» тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсэн тэрили монтаажтаан, кылгас кэм иһигэр атаҕар туруорда. Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, ыалдьыттар сыахха киирэн эти-балыгы астыыр-ыһаарар тэриллэрдээх хосторго үлэни-хамнаһы көрдүлэр, билистилэр. СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович тэрилтэ салайааччытыттан Г.С.Исаковтан хас биирдии тэрил төһө кыамталааҕын, эти-балыгы төһө астыыр кыахтааҕын, ханнык бородууксуйаны оҥорон таһаарар былааннаахтарын, ону ханна, хайдах батаралларын, барыта төһө киһи үлэлиирин, барытын ымпыктаан-чымпыктаан токкоолосто. Сэһэргэһэн баран ытык ыалдьыт санаатын үллэһиннэ, сүбэ-ама биэрдэ:
«Эһиги эттэн уонна балыктан ордор ас тобохторун иккистээн астаан-үөллээн, ону туһаҕа таһааран кууруссаҕа, сибиинньэҕэ ас баар буоларын туһунан толкуйдуохтааххыт. Ол эбэтэр, иккистээн оҥорон таһаарыы буолар. Аны туран, аҥардас эти уонна балыгы астааһынынан муҥурдаммакка, саҥа сүүрээннэри олоххо киллэрэргэ дьулуһуохтааххыт. Нэһилиэнньэҕэ үлэ миэстэтин таһаарар сүрүн соруккут буолуохтаах,» — диэн бэлиэтээтэ. Дьон-сэргэ санаатын иһиттэ. Бу курдук биир күн иһигэр, Сааскылаахха ус тутуу эбийиэгэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.