Чурапчы нэһилиэгэр иккис төгүлүн «МИНИСТР» X-c зональнай дьыалабыай оонньуу үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Бу иннинээҕи сылларга Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын көҕүлээһининэн нэһилиэк иһинэн ыытыллыбыта. Быйылгы күрэххэ барыта 7 улуустан 70 киһи кытынна.
Хамаандалар үс күн устата үлэлээбит бырайыактарын Ыччат дьыалаларын уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин миниистирэ Афанасий Владимиров, каадыр бэлиитикэтигэр департамт үрдүкү референэ А.Н.Сергеев, Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай уонна ис политика боппуруостарыгар солбуйааччы Николай Аммосов, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Степан Саргыдаев, Чурапчы улууһун үбүн, экономикатын управлениетын начальнига Таисия Брызгаева сыаналаатылар.
Бастакы миэстэни “Оранжевай” хамаанда, иккиһи “фиолетовайдар”, үсүһү “маҥаннар” ылары ситистилэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Министр” оонньууга Гаврил Троев (Уус-Алдан), Юрий Никифоров (Хаҥалас) уонна Ирина Сергеева (Чурапчы) кыттар чиэскэ тигистилэр.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын каадыр бэлиитикэтигэр департаменын референэ А.Н.Сергеев бэлиэтииринэн, сылтан сыл ыччат маннык бырайыакка кыттыытын таһыма үрдээн иһэр. “Бу күрэххэ хамаандалар көмүскээбит бырайыактара, биир өттүттэн ыллахха, кыратык эбиилээх-сабыылаах соҕус, ол эрээри эдэрдэр бу бырайыактарын инникитин олоххо киллэрэллэригэр тирэх буолуоҕа. Оҕолор бары киэҥник анааран толкуйдууллар, Россиятааҕы, аан дойдутааҕы таһымҥа тахсаллар. Ол биһигини үөрдэр. Тус бэйэм «фиолетовай» хамаанда уунан устан кэлбит мастартан сип-панеллары оҥорууга туһулаабыт бырайыактарын биһирээтим. Бу бырайыак интэриэһинэй, олоххо сатаан киирэр, кэскиллээх”, — диэн этэр кини.
“Бастыҥ хамандыыр” аатын сүкпүт Уус Алдан улууһун кыттааччыта Н.Я.Новоприезжая хас биирдии кыттааччы олус астынан барбытын бэлиэтиир. “Араас улуустан мустан бары биир хамаандаҕа наарданан бу үс күҥҥэ дойдубут сайдарын туһугар биир сыаллаах-соруктаах үлэлээтибит. Туох баар күүспүтүн, билиибитин түмэн араас таһымнаах бырайыактары оҥорон көмүскээтибит, олоххо киириэн сөптөөҕүн дакаастаатыбыт. Мин хамаандабар Нам, Амма, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы улууһуттан бааллара. Бу бэриллибит аҕыйах бириэмэҕэ хамаанда буолан түмүллэн, биир сыал-сорук туруорунан олус интэриэһинэйдик, түмсүүлээхтик үлэлээтибит. Бу тэрээһин Чурапчы улууһугар үрдүк таһымнаахтык ыытылынна”, — диэн этэр кини.