Дьааҥы аҕалара дьиэ кэргэттэригэр эрэллээх эркин, тулхадыйбат тулааһын буолаллар

119

Боронук нэһилиэгэр Баҕа өттүнэн көмөлөһөөччү сылын, Аҕа күнүгэр аналлаах дэкээдэ чэрчитинэн, «Аҕа эрэллээх эркин, тулхадыйбат тулааһын» оройуоннааҕы «Аҕа күрэҕэ — 2018» ыытылынна. Тэрээһин «Тойон сүбэ» уопсастыбаннай түмсүү 20 сылыгар уонна Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Дьааҥы Бочуоттаах гражданина, оройуоҥҥа племенной сылгы пиэрмэтин тэрийсибит ытык киһи А.Д. Горохов төрөөбүтэ 100 сааһыгар ананна.


Тэрээһин Ил Түмэн дьокутаата А.Т. Стручкова, улуус дьокутааттарын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Е.В. Ноговицына, «Боронук нэһилиэгэ» МТ баһылыга Н.В. Потапова уо.д.а. эҕэрдэлэринэн, хас да көлүөнэ эр дьон сахалыы үҥкүүлэринэн арылынна.

«Тойон сүбэ» түмсүү 20 сыллаах үбүлүөйүнэн өр сылларга салайааччынан үлэлээбит В.В. Ноговицыҥҥа уонна түмсүү аҕаларыгар улуус баһылыгын, улуус дьокутааттарын Сүбэтин бэрэссэдээтэлин, нэһилиэк баһылыгын ааттарыттан истиҥ тыллардаах махтал суруктар туттарылыннылар. Василий Васильевич «Тойон сүбэ» түмсүүнү салгыы салайарыгар Г.В. Другиҥҥа анаата уонна аҕа сүбэ бэлиэтин туттарда.

«Тымныы чыпчаала» түмэл Дьааҥы сылгыһыттарыгар аналлаах кинигэ, хаартыска быыстапкатын, архыыптан 2003 с. аан бастаан Боронукка ыытыллыбыт оройуоннааҕы «Аҕа күрэҕэ» устууну аҕалан көрдөрдө. Күрэх оройуоҥҥа ыытыллыбыта 15 сыла диэн бэлиэтэннэ. Тэрээһини нэһилиэк ыччата үҥкүүнэн, хоһоонунан киэргэттэ. Маны таһынан кулун тутар 16 күнүгэр Дулҕалаах нэһилиэгэр ыытыллыбыт «Норуот күүһэ, көмүөл күүһэ» улуустааҕы гражданскай форумҥа Боронук нэһилиэгэ кыайыылаах тахсан, 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланан турар. Бу сэртипикээти «Тойон сүбэ» түмсүү салайааччыта В.В. Ноговицын Боронук нэһилиэгин баһылыгар Н.В. Потаповаҕа спортивнай былаһаакка тутуутугар анаан үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Дэкээдэ чэрчитинэн, аҕалар сэбиэттэрин сүбэ мунньаҕа ыытылынна. Мунньахха «Дьиэ кэргэни уонна ыччаты социальнай-психологическай өттүнэн өйүүр киин» ГБУ социальнай педагога С.Н. Слепцова, «Тойон сүбэ» салайааччыта В.В. Ноговицын, Арыылаах нэһилиэгин баһылыга В.Г. Павлов, Арыылаах нэһилиэгин аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта О.Г. Домнин, Элгэс нэһилиэгиттэн А.Х. Слепцов, Верхоянскай куораттан О.А. Потапов, Үөттээх нэһилиэгиттэн аҕа оруола, оҕону иитии, чөл олоҕу тутуһуу туһунан иһитиннэриилэри оҥордулар, уопут атастаһыыта буолла.

Тэрээһин быыһыгар Дьааҥы Бочуоттаах гражданина, оройуоҥҥа племенной сылгы пиэрмэтин тэрийсибит ытык киһи А.Д. Горохов олорон ааспыт дьиэтигэр кини үтүө аатын үйэтитэр мемориальнай дуоска үөрүүлээх арыллыыта буолла. Кыыһа Г.А. Максимова, уола Д.А. Горохов аҕаларын туһунан истиҥ, иһирэх тылынан мустубут дьоҥҥо кэпсээтилэр. Ытык киһи төрөөбүтэ 100 сааһыгар туһуламмыт күҥҥэ нэһилиэк бэтэрээннэрэ уонна Арыылаах нэһилиэгиттэн аҕам саастаах күндү ыалдьыттар ахтан-санаан аастылар.

Маны сэргэ бу күн «Аҕа — эрэллээх эркин, тулхадыйбат тулааһын» улуустааҕы күрэх ыытылынна. Уопсайа биэс хамаанда кыттыыны ылла: Элгэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Александр Слепцов уолунаан Саша Кутейкинныын (8 кыл.), Үөттээхтэн Василий Антипин уонна Артем Бурцев (7 кыл.), Верхоянскайтан Олимпий Потапов уолунаан Ромалыын (1 кыл.), Боронуктан Николай Попов уолунаан Колялыын (7 кыл.) уонна Гаврил Другин уолунаан Славалыын (4 кыл). Кыттааччылар бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕэр дьиэ кэргэннэрин туһунан, туох дьарыктаахтарын кэпсээтилэр, Дьааҥы биллиилээх сылгыһыттарыгар аналлаах «Дьааҥы сылгыһыттара» өйү-билиини сайыннарар куоҥкуруһу ситиһиилээхтик аастылар.

Күрэх түмүктүүр чааһа «Эбэ» күөлүгэр спорт төрүт көрүҥүгэр буолла. «Тойон сүбэ» түмсүүнү өр сылларга салайбыт Василий Ноговицын үгэс сиэринэн аал уоту оттон арыылаах саламаатынан аһатта. Спортивнай күрэххэ кыттааччылар ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Күөн күрэс түһүмэҕэр маҥнай утаа аҕалар маһы суордулар, онтон уолаттарын кытта маһы биэс аҥыы эрбээтилэр, хайыттылар, саһааннаатылар. Салгыы остуолбаҕа ыттыыга маҥнайгынан Олимпий Потапов таҕыста. Кини кэнниттэн, сэниэбит баранна-эһиннэ диэбэккэ, бары кэриэтэ остуолба оройугар тиийэ таҕыстылар.

Ойбону бэлэмнээһиҥҥэ инники күөҥҥэ Верхоянскай куорат кыттааччылара Потаповтар таҕыстылар. Элгэс Слепцовтарыгар дьиэ кэргэнэ улахан өйөбүл оҥордо. Бары дьиэ кэргэнинэн кэлэн аҕаларыгар уонна убайдарыгар, көрөөччүлэр да истэриттэн буоллар, сүбэ-ама биэрэн көмөлөстүлэр, өйөбүл буоллулар.

Булчуттар биатлоннарыгар 100 миэтирэҕэ хайыһарынан сүүрэн тиийэн сыал ыттылар. Уолаттар сааны хайдах туттан-хаптан ыталларыттан бултуу үөрүйэхтэрэ көһүннэ.

Күрэҕи уопуттаах суудьуйалар сөкүүндэтиттэн мүнүүтэтигэр тиийэ кэтээн көрө турдулар. Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарыытынан Элгэс нэһилиэгиттэн Слепцовтар кыайыылаах үрдүк аатын сүктүлэр. Кинилэргэ «ЯТЭК» АУо толорооччу дириэктэриттэн Александр Смирнов уонна Ил Түмэн дьокутаата Александр Ноговицын туруорбут бириистэрин от охсору туттардылар. Иккис миэстэни олохтоохтор Другининнар ылан, А.Д. Горохов дьиэ кэргэнин аатыттан 8 тыс. солк. уу харчынан наҕараадаланнылар. Үһүс миэстэ Потаповтар буоллулар, улуус дьаһалтатыттан 7 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээт туттулар.

Күрэхтэһии кыттыылаахтарыттан тэрээһин хайдах ааспытын, уол оҕону иитиигэ аҕа оруолун, иллэҥ кэми хайдах атааралларын туһунан ыйыталастым:

Олимпий ПОТАПОВ, физкультура учуутала, икки оҕолоох, Верхоянскай куорат:

Бу күрэхтэһиигэ уолбунаан Ромалыын бастакы холонуубут. Элбэҕи биллибит, көрдүбүт. Үһүс миэстэ буоллубут. Бэйэбит холбутугар сүрдээх улахан ситиһии. Уолум улааттаҕына, өссө да бу курдук тэрээһиннэргэ кыттан иһиэхпит. Сылын ахсын маннык күрэхтэһиилэр буолалларын билэр этим. Хаһан уолум улаата охсон, күрэхтэһэ барарбытын күүтэрим, ол баҕа санаам бүгүн туолла. Күрэх урут Элгэскэ буолара, Арыылаахха буола сылдьыбыта. Дьиэ кэргэним туһунан кэпсээтэххэ, кыракый кыыстаахпын, кэргэним Варвара оскуолаҕа психологынан үлэлиир. Уол оҕону кыра сааһыттан элбэхтик күрэхтэһиигэ илдьэ сылдьыахха наада. Оччоҕо уол эр киһи курдук иитиллэн тахсар, өйө-санаата уларыйар. Уолум хайыһарынан, атах оонньуутунан, тустуунан дьарыктанар. Ити көрүҥнэригэр кыракый ситиһиилэрдээх. Оҕолор спартакиадаларыгар баран атах оонньуутугар кыттыыны ылбыта. Хомойуох иһин, кыра оҕолорго атах оонньуутун оҥорботохторо, мин туруорса сатаан көрбүтүм да, мэлигир. Былырыын Адыаччыга хайыһарга улуустааҕы күрэххэ, 1 км бастаабыта. Тустууга быйыл бастакытын сүрэхтэннэ. Элгэскэ баран 26 кг үһүс миэстэни ылбыта. Бэйэм туспунан этэр буоллахха, иллэҥ кэммэр кыһынын тыаҕа тахсан бултуубун, сааһын балыктыыбын, кустуубун. Сайынын төрөөбүт дойдубар Табалаахха баран оттуубут. Ону таһынан маһынан уһанабын, оҥоһуктарбын атыылаан дохуот киллэринэбин, сакаастар кыралаан киирэллэр. Уолум миигин кытта тэҥҥэ уһанар. Куруук чөл олоҕу тутуһуҥ, күрэхтэһиилэргэ кыттыҥ, дьиэ кэргэттэргит дьоллоох, доруобай буолуннар, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри.

Александр СЛЕПЦОВ, уон оҕолоох амарах аҕа, Элгэс нэһилиэгэ:

— Аҕа күрэҕэр хаста даҕаны кытынным, миэстэлэстим. Арыылаахха, Элгэскэ ыытыллыбыт күрэхтэргэ бастаан турабын. Манна үчүгэй бэлэмнээх киһи кыттар. Оҕолорум иллэҥ кэмнэригэр спорт саалаҕа баран дьарыктаналлар. Окко-маска бары бииргэ сылдьаллар, кустуубут, балыктыыбыт. Үлэҕэ сыстаҕастар, талааннаахтар, ситиһиилэрэ элбэх. Тустууга миэстэлэһэн эрэллэр. Кыайыы өрөгөйө – улахан үөрүү, кыайдарбын диэн киирсэҕин. Маннык күрэхтэһии буолара үчүгэй, өссө эдэр аҕалар тахса тураллара буоллар, оҕолор күрэхтэһиигэ сылдьа үөрэниэхтэр. Эдэр аҕалар үүнэ-сайда турдуннар.

Гаврил ДРУГИН, улуустааҕы ойуур хаһаайыстыбатын маастара, биэс оҕолоох аҕа, Боронук нэһилиэгэ:

Бүгүн бэрт тэрээһиннээх күрэхтэһии буолла. Бэйэм нэһилиэгим чиэһин уолбунаан Славалыын көмүскээтибит. Кыттааччылар үчүгэйдик бэлэмнэнэн, оҥостон кэлбиттэр. Суудьуйалар үчүгэйдик үлэлээтилэр. Хас түһүмэх ахсын биирдии киһи хонтуруоллаан, улахан балыйсыы тахсыбата. Маннык күрэхтэһиигэ бастакы холонуубут, киһи күрэхтэһиэн сөп эбит. Бэйэбит спортивнай күрэхтэһиилэргэ оройуоҥҥа, нэһилиэккэ да буоллун көхтөөхтүк кыттабыт. Уол оҕону иитии туһунан этэр буоллахха, биһиги оҕону үлэҕэ такайабыт. Оҕо аҕата хайдах хамнанарын барытын кэтээн көрөн үөрэниэхтээх. Булка, үлэҕэ батыһыннара сылдьан үөрэтиэх, көрдөрүөх тустаахпыт. Уолга аҕата холобур буолуохтаах. Улууска аҕа диэн тыл суолтатын өрө көтөҕүөххэ диэн этиилээхпин. Дьиэ кэргэҥҥэ өйөбүл, эрэл – аҕа буолар. Чөл олоҕу тутуһуохха, үлэни өрө тутуохха. Күрэҕи тэрийэн ыыппыт Боронук нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар, тэрийээччилэргэ улахан махталбын тиэрдэбин. Маннык күрэхтэһиилэртэн киһи уопут ылар, дьону-сэргэни кытта билсэр. Маны таһынан оҕо иитиитин боппуруоһугар сүбэни-аманы биэрдилэр, атын нэһилиэктэр аҕаларын түмсүүтүн үлэтин-хамнаһын кытта билистибит, уопут атастастыбыт.