Дьааҥы сулусчааннара ыллыыллар-туойаллар

118

Баатаҕай бөһүөлэгин култуура уонна спорт киинигэр оройуоннааҕы «Дьааҥы сулусчааннара – 2018» эдэр талааннар күрэхтэрэ буолан ааста. Күрэҕи РФ эбии үөрэхтээһинин 100 сылыгар анаан, оройуоннааҕы Оҕо сайдар киинэ тэрийэн ыытта.


«Дьааҥы сулусчааннара» күрэххэ 7-18 диэри саастаах оскуола үөрэнээччилэрэ ансаамбылынан толорууга кыттыыны ыллылар. Бастакы бөлөххө 7-10, иккискэ – 11-14, үһүскэ – 15-17 диэри саастаах оҕолор киирэллэр.

Вокал жанра оройуоннааҕы «Битва хоров» патриотическай ырыа күрэҕин 2017 с. балаһыанньатынан Экология уонна ураты харыстанар сирдэр сылларыгар, Өктөөп 100 сылыгар ананар. Хореография жанрыгар үҥкүү икки хайысханан көрдөрүллэр. Ол курдук норуот үҥкүүтэ уонна классика (ол иһигэр аныгы истиил көрүҥнэрэ киирэллэр).

Кыайыылаахтарга гран-при, «Бастыҥ ырыа», «Бастыҥ үҥкүү», «Бастыҥ ааптарскай ырыа», «Сыл бастыҥ салайааччыта», «Бастыҥ үҥкүү бөлөҕө», «Көрөөччү биһирэбилэ» анал ааттар туттарыаллыахтара, 1, 2, 3 истиэпэннээх дипломаннар ааттаныахтара.