Дьааҥыга маастар Афанасий Поскачин көҕүлээһининэн боксаҕа бастакы күрэхтэһии буолла

332

Улуус историятыгар боксаҕа бастакы күрэхтэһии Боруулаахха норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар Афанасий Поскачин көҕүлээһининэн ыытылынна. Күрэххэ Адыаччы, Баатаҕай, Боруулаах уонна Верхоянскай хамаандаларыттан 31 эдэр спортсмен кытынна.


Хамаанданан түмүккэ бастакы миэстэҕэ дьиэлээх хаһаайыттар (тириэнньэр Афанасий Поскачин), иккискэ Адыаччы орто оскуолата (Алексей Потапов), үһүскэ Верхоянскай оҕолоро (Гаврил Слепцов) таҕыстылар.

Ыйааһыннарга чөмпүйүөннэринэн: 30 кг — Феликс Комелев (Боруулаах, 5 кылаас), 32 кг – Кирилл Божедонов (Боруулаах, 5 кыл.), 36 кг – Слава Бочкарев (Верхоянскай, 6 кыл.), 46 кг – Сарыал Божедонов (Боруулаах, 8 кыл.), 48 кг – Афоня Слепцов (Боруулаах, 8 кыл.), 54 кг – Семен Чириков (Боруулаах, 9 кыл.), 60 кг — Костя Юмшанов (Боруулаах, 9 кыл.), 50 кг — Толя Старостин (Боруулаах, 10 кыл.), 60 кг – Николай Новгородов (Баатаҕай, 10 кыл.), 60 кг үөһэ Иннокентий Томскай (Баатаҕай, 11 кыл.) буоллулар.

Бу күннэргэ эдэр боксердарбыт тириэнньэрдэрэ Афанасий Поскачинныын Бүлүү улууһугар күрэхтэһэ сылдьаллар.