Дьааҥылар төрүт сахалыы култуураны, өбүгэ үгэһин Москуба куоракка көрдөрдүлэр

696

Москуба куорат Коломинскай пааркатын кэрэ-бэлиэ миэстэтигэр хаһыс да сылын Саха сирэ ыһыах тэрийэн ыытар. Быйыл ол чиэс Дьааҥы улууһугар тигистэ. Онон Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дьааҥыларга эрэбилин ылынан, дьиҥ сахалыы тыыны, түҥ былыргы сиэри-туому, ырыаны-тойугу тута сылдьарбытын киэҥ араҥаҕа көрдөрдүбүт.


Дьааҥылар уонна бабушкинскайдар ситимнэрэ

Билигин да саҥабытыгар иһиллэр төрүт тылбыт-өспүт удьуор аҕа, ийэ уустара быстыбакка тэнийэн, бигэ тирэхтээх дьаһанан олорорбутун итэҕэтэр. Онон, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 сылыгар уонна Саха сирин автономията олохтоммута 90 сылыгар аналлаах улахан тэрээһини бэлиэтиир үгэспит — Улуу Тунах ыһыах дойдубут киинигэр улуу Москубаҕа ыытыллыыта бар дьоҥҥо умнуллубат үөрүүнү бэлэхтээтэ. Тыйыс тымныылаах, үкэр куйаас дойдулаах, саймаархай саҥалаах саха аймаҕа аныгы кэм дьалхааныгар сүппэккэ, төрүт тыыммытын илдьэ сылдьар туһунан тутуллаах омук буоларбытын итэҕэттэ.

Улуус араас нэһилиэктэриттэн хомуллубут Дьааҥы дэлэгээссийэтэ бэс ыйын 13-15 күннэригэр Москубаҕа түмүcтүбүт. Ыһыах бырагырааматын биир тэрээһинэ — бэс ыйын 15 күнүгэр Бабушкин лүөччүк аатынан оройуон Верхоянскай уулуссатын бибилэтиэкэтигэр буолла. Манна ситими чахчы дириҥэтэн кэпсиир бэртээхэй тэрээһин ыытыллыыта хас биирдиибитигэр эрэх-турах санааны иҥэрдэ. Москуба олохтоохторо сахалар ыһыах тэрийэ кэлбиттэрин туһунан истэн олороллоро, Дьааҥы дьонугар улахан эппиэтинэһи сүктэрбитэ. Кэтэһиллибитин курдук, бу иһирэх түһүлгэ олус истиҥник аамта. Дьааҥыларга олус чугас «Верхоянскай уулусса» диэн ааты адьас уруккуттан истэр буоламмыт, олус чугастык ылынныбыт. Барыта да ис иһиттэн санаабыппыт курдук салаллан истэ. Дэлэгээссийэ дьоно ыраах дойдуга тиийэн куруук бииргэ сылдьыбыт дьон курдук истиҥ, эйэҕэс сыһыаннаах, биир киһи курдук cырыттыбыт.

Бу оройуон бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ уруккуттан билсэр дьоннуу эйэҕэстик көрүcтүлэр. Көрүдүөр устунан сэлэлээбит сахалыы таҥастаах далбар хотуттар, кэрэ аҥардар ыалдьыттары эйэҕэс мичээрдээх, хоту дойду дьонун сиэринэн, ытыктабылы биллэрэн, сүгүрүйэ көрүcтүлэр. Е.А. Портнягина салайааччылаах «Тымныы чыпчаала» ТХПК үлэһиттэрэ хоту сир амтаннаах аһын тардан, ыалдьыттары күндүүлээтилэр уонна хас биирдии кыттааччыга эбиэт бэлэмнээн аһаттылар. Оскуола үөрэнээччилэрэ, олохтоохтор, салайааччылар Дьааҥы сирин туһунан кинигэ, уран оҥоһук быыстапкаларын сэҥээрэ, биһирии көрдүлэр.

Тэрээһин түһүлгэтэ аллар алгыһынан арылынна. Дьааҥы култууратын салайааччыта Е. Ноговицына эҕэрдэ тылы эттэ, хоту сир ырыата-тойуга Москуба туонатыгар дуорайда.

Москубалар хайдах курдук тымныыны тулуйан олорорбутун сөҕөллөрүн эттилэр, саха таҥаһа ураты маанытын, ойуутун-мандарын, оһуорун, сапсыыркалары, дэйбиири, сиэл оҥоһуктары улаханнык сэҥээрдилэр. Москуба куорат Бабушкинскайдааҕы оройуонун аҕа баһылыга Сергей Аганеев иһирэх эҕэрдэтэ Дьааҥы куората уонна Бабушкинскай оройуон ыкса ситимнээхтэрин итэҕэттэ. Дьааҥы куоратын аҕа баһылыга Евгений Потапов икки өрүттэр доҕордоһууларын бу бастакы хардыыта инникитин чиҥии туруоҕун эттэ, уонна истиҥ көрсүһүүнү тэрийбиттэригэр барҕа махталын тириэртэ.

«Саха сирин туһунан төһө билэҕин?» диэн биктэриинэ кыайыылаахтарыгар Саха сирин туһунан өйдөбүнньүк буолар оҥоһуктар туттарылыннылар. Бабушкинскай оройуон уус уран самодеятельноһын кыттыылаахтара Арассыыйа уонна Саха сирэ 385 сыл иллээх дьиэ кэргэн кэриэтэ биир ньыгыл улуу дойду буолан олороллорун мэктиэлиир ис хоһоонноох ырыалара нуучча уонна саха норуотун доҕордоһуутун тулхадьыйбат истиҥ түһүлгэтин киэргэттэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Москубаҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Ю.С. Куприянов ыһыах тэрээһинин бырагырааматын бастакы түһүмэҕэ Коломинскайга ыытылыахтаах Улуу Тунах ыһыахха түһү тускуллаабытын эттэ.

Yтүө Алгыстаах түһүлгэ хайа сахаларын ойутуулаах оһуохайынан түмүктэннэ. Онон Бабушкинскай оройуон бибилиэтикэтигэр ыытыллыбыт тэрээһин Саха сирин кэпсиир Ыһыах ыытыллыытын алгыһа буолла.

Коломинскай Ыһыаҕын ураты күүһэ

«Дьааҥылар Москубаҕа уонна Санкт-Петербурга ыһыах тэрийэ бараллар» диэн сурах бүттүүн Саха сиригэр тилийбитэ. Ол Дьааҥы дьонугар улахан эппиэтинэһи уонна киэн туттууну сахпыта.

Дьааҥы улууһун аҕа баһылыга В.Г. Павлов салайааччылаах Саха сирин, Дьааҥы сирин үтүө үгэстэрин, төрүт култууратын, сиэрин-туомун көрдөрөр ыһыахтары тэрийэ барбыт улахан дэлэгээссийэҕэ Суордаахтан, Сартаҥтан, Дьааҥы куоратыттан, улуус кииниттэн Баатаҕайтан, Боронуктан, Остуолбаттан, Чөрүмчэттэн уонна Табалаахтан кытыннылар.

Өтөрүнэн буолбатах сөрүүн, ардахтаах күннэр халҕаһаламмыт былыттарын халбарытар сылаас, иcтиҥ санаалаах Дьааҥы дьоно бэс ыйын 17 күнүн сарсыардатыгар 3 чааска илин халлаан саҕаҕын туһаайыытынан алыптаах алгыһы анаан арыылаах алаадьынан, аллар кымыһынан айах тутан алҕаатылар (алгысчыт В.А. Колесов). Кыһыл көмүc куупаллардаах итэҕэл дьиэтин үрдүнэн сарсыардааҥы сырдык саһарҕа кыыһан, халлаан ып ырааһынан көҕөрчү көрөн турда. Этиллибитин курдук, 15 Дьааҥы киһитэ Yрдүк айыыларга сүгүрүйэн, сиэр-туом толору тутуһулунна. Күн күлүмнээн, халлаан имэ кыыһан, сир дойду сылааһынан угуттанан, Москуба куората кэтэспит үкэр куйааһа дьааҥылары кийиит кыыс курдук килбигийэ көрүcтэ. Алгыс баһа сыаланна! Анаммытын курдук, сахалыы сайбаччы таҥныбыт Дьааҥы дьоно үрдүк мэҥэ халлаан Айыыларыгар илиилэрин ууна сүгүрүйэ, Ыһыах күнэ салаллар сарсыардатын алгыһыгар кыттыстылар. Айылҕа сылааһынан илгийэн, Айыы сирэ арчыланар тосхоло уурулунна.

Коломинскай бааркатын ыһыах ыытыллар көнө ньуурдаах күөх түһүлгэтигэр Дьааҥы сирин кытта ситимнэспит дьылҕалаах дьон ыраахтан-чугастан, араас куораттартан кэлбиттэр. Эдэр саастарыттан саҕалаан Дьааҥы сирин сайдыытыгар олохторун аҥаарын анаабыт буоланнар, олус күндүтүк ахтар-саныыр Дьааҥыларын дьонун көрсөн долгуйа үөрдүлэр, бу күнү өйдүү-cаныы сылдьыллыахтаах хаартыскаҕа түcтүлэр.

Билэр киһигин ыраах дойдуга тиийэн көрсөр, кырдьыга, кимиэхэ баҕарар долгутуулаах түгэн буолара чахчы. Күн үөһэ тахсыыта айылҕа кытта уһуктан, чыычаах ырыата-тойуга чугдаарда. Тунах ыһыах төлкөлөөх түһүлгэтэ саҕаланна. Ыһыахха аналлаах куту-сүрү бөҕөргөтөр этиилэр хомус дьүрүcкэнин кытта холбоһон, араҥаччы буолан үрдүккэ көттүлэр. Киһи кутун-сүрүн дьигиһитэр иччилээх дорҕоон арыалдьыттаах, баай барҕа таҥастаах-саптаах Аан Ийэ дойду иччилэрэ: Тымныы оройун Аар тойоно Чымаан Чыгдаан (оруолга Михаил Хасымханович Рожин), Сир-дойду хотуна Аан Алахчын Хотун (Татьяна Анатольевна Баишева), Ытык хайа хотуна Суорбалдьын Хотун (Анна Николаевна Слепцова) сииктээх симэһининэн дыргыйбыт күөх хонуу устун Аан Ийэ дойду далбардаах түһүлгэтин үc сэргэ аттыгар тиийэн турбуттара көрүөххэ үчүгэйин! Бу үc ытык иччилэр икки атахтаах киһи-аймах кэскилин түcтээн cир Ийэ иэйиэхситтэрэ буолар көстүүлэрин далбар хотуттар «Сапсыыркалаах үҥкүүнэн» көрдөрдүлэр. Yҥкүү ырыата Варвара Эверстова матыыбынан доҕуһуолланна. Айыы сиригэр айылҕа ытык-мааны көтөрдөрө кыталыктар кынталдьыйа үҥкүүлээтилэр. Норуот ырыаһыта В.И. Эверстова ырыатын матыыбынан, Р. Чирикова толоруутунан уһуллубут доҕуһуол Дьааҥы улууһун оскуолаларын үөрэнээччилэрэ толоруутугар.

Эдэр олоҥхо толорооччу Н.В. Саввинова олоҥхо сирин-дойдутун ойуулаан быһа тардан дьүһүйдэ. Дьааҥы сахаларын биир төрүччүтэ Суодьаах Тойон баһылыктаах хайа сахалара — бары кыттааччылар оҕолорун, дьоннорун батыһыннаран, толору кымыстаах оһуор-бичик чорооннорун, олбохторун, чаппараахтарын, астаах сахалыы иһиттэрин-хомуостарын тутан, түһүлгэҕэ тоҕуоруһан киирдилэр. Саха дьоно эр киһини өрө тутара, инникки күөҥҥэ киллэрэн халыҥ хахха, көмүcкэл оҥосторо арылхайдык көһүннэ. Төрүт дойдуну төлкөлүүр алгыстаах түһүлгэ тула хас эмит тыһыынчанан дьон, араас омук сириттэн ыалдьыттар, хаһыат, тэлэбиидьэнньэ үлэһиттэрэ былыргы саха дьиҥ итэҕэлэ — сирдээҕи сүдү күүcтэр, Аан Дойду, Yрдүк Айыылар буолалларын итэҕэйэн, иһийэн туран ылыннылар, ол барыта киһи-аймах биир силистээҕин итэҕэтэргэ дылы.

Күн сарыалынан сандаара сырдаан иһэр битииһиттэрдээх алгысчыты бар дьон сүгүрүйэ көрүcтүлэр. Оннооҕор салгын кытта сиккиэрбэккэ, Айыы тыынын ыспакка, ураты турукка киллэрдэ. Дьааҥы дьиҥнээх үһүйээнин сахата — Суодьаах Тойон (оруолга Дулҕалаах нэһилиэгэ МТ аҕа баһылыга В.П. Стручков) алгысчыт аан суолун аста. Алгысчыт В.А. Колесов, битииһиттэр Дьааҥы оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Москубаҕа үөрэнэр устудьуоннар Ыһыах сүрүннүүр түcчүттэрэ буоланнар, Орто Дойдуну Yрдүк халлаан хаттыгаһын кытта силбээн, алгыс туомун толордулар.

Алгысчыт илин халлаан сардаҥатын, соҕуруу халлаан саһарҕатын, арҕаа халлаан сарыалын, хоту халлаан саҕаҕын ааттаан, сүгүрүйэн арчылаата. Ыһыах сиэрэ-туома толору тутуһуллан, төлкөлөөх түһүлгэ төрүттэнэн, алгыстаах кымыс иһиитэ саҕаланна. Айахтаах амсайа илик кымыһын аан бастаан Ю.С. Куприяновка ууннулар. Онтон ытык ыалдьыттарыгар А.К. Акимовка, В.И. Сучковка, В.Б. Тарасовка, С.И. Худяковка, В.Г. Павловка Дьааҥы сирин мааны далбар кыргыттара кымыс уунан күндүлээтилэр.

Ыһыах салалынна. Чаппараахтаах үҥкүү түһүлгэни киэргэттэ, дьөһөгөй үҥкүүтэ тэтимирдэ. Дьэ, ол кэнниттэн өбүгэлэр үҥкүүлэрэ төгүрүччү иилэнэн үҥкүүлэннэ, быыппастыгас былчыҥнаахтар, күүcтээхтэр, сымсалар күрэстэһиилэрэ көҕүлүн тутта. Москуба олохтоохторо уонна ыалдьыттара улахан оһуохай алгыһыгар кыттыһан, оһуохайга киирдилэр. Ас, кымыс толору тардылынна. Дьааҥыттан тардыылаах бэтэрээннэргэ Дьааҥы улууһун аҕа баһылыга анал көрсүһүү тула мааны астаах остуол тардан эҕэрдэлээтэ. Олохторун улахан аҥарын Дьааҥыга анаабыт бэтэрээннэр долгуйа көрүcтүлэр, ахтылҕан иэйиилээх санааларын эттилэр, долгуйа үөрдүлэр. Ырыа-тойук толоону толордо.

Табалаахтан СӨ Култууратын туйгуна Т.А. Баишева салайааччылаах «Мэндэҥэ» оҕо этническэй фольклорнай бөлөҕө түһүлгэни улаханнык киэргэттэ. Бу сиэдэрэй ойуулаах сарыы, тирии таҥастаах дэгиттэр талааннаах 12 оҕо хомус, эбээннии үҥкүү, ырыа толороннор, бар дьонтон улаханнык хайҕаннылар. Надя Слепцова Табалаах орто оскуолатын 9 кылааһын бастыҥ үөрэнээччитэ дьааҥылыы ураты тыыннаах мурун, хабарҕа, таҥалай ырыаларын толоруутун дьон олус сэҥээрдилэр. Надя чабырҕахха 2-с миэстэ, оһуохайга уонна уһун суһуох күрэҕэр 1-кы миэстэлэргэ тахсан, Дьааҥы аатын ааттатта. Хайа да омукка уһун суһуох ытыктабылы ылар улахан суолталааҕын бу ыһыах күрэҕин кыттыылаахтара туоһулаатылар. Оттон Суордаахтан И.Н. Чукрова оһуохайга 2-с миэстэ, Горохов Христофор, М.А. Горохова кыттан, махтал сурук туттулар.

«Тымныы Оройо» дойду талааннаах үлэһит дьоно, Дьааҥы дэлэгээссийэтэ саха таҥаһын-сабын, сиэрин-туомун, төрүт култууратын көрдөрөн, Москуба олохтоохторугар умнуллубат үөрүүнү бэлэхтээтэ. Ол курдук, Дьааҥы куоратыттан «Иэйии» түмсүү (сал. А.Д. Ефимова) уонна «Күн Туналыыса» муода тыйаатыра (сал. Е.В. Ефимова) бастыҥтан бастыҥ кыайыыга таҕыстылар, саха таҥаһа хайдах курдук баай торҕо, сиэдэрэй эбитин көрдөрдүлэр. Остуолбаттан А.Н. Слепцова бочуоттаах 2-с миэстэҕэ эрэллээхтик таҕыста.

Москубаҕа олохсуйбут Дьааҥыттан төрүттээх дьон төрөөбүт сахаларын сирин алаастарыгар, халлааҥҥа мэндэспит ытык хайаларыгар сылдьыбыт курдук, ахтылҕаннарын таһаардылар. Ыһыах түһүлгэтин «Туойабын хоту дойдубун» кэнсиэригэр биир дойдулаахпыт, уруккута «Мирный поет о мире» ырыа күрэҕин лауреата Игор Троцкин Дьааҥы сирин туһунан бэйэтин авторскай ырыаларын олус истиҥник уонна үрдүк таһымнаахтык толоруутуттан саҕалаан, бииртэн-биир үчүгэй, ыллам ырыалар-тойуктар түһүлгэни толордулар. Дулҕалаахтан тардыылаах Владимир Мишуков ыһыаҕы иилээн-саҕалаан ыытыһыыта, «бэйэбит уолбут» диэн дьааҥылары киэн туттуу долгураҥар киллэрдэ. «Мэндэҥэ» этно-бөлөх барыга барытыгар ыһыах түһүлгэтин маанылаах кыттааччылара буоллулар. Кинилэр «Хоту дойду үөрүүтэ», «Хотугу оһуор» (солистка Юлия Павлова) үҥкүүлэрэ, Христофор Атласов «Кырынаас» (эбэтин, норуот ырыаһыта Вера Атласова ырыата), Анна, Михаил Рожиннар тэтимнээх ырыалара биһирэбили ыллылар. Баатаҕайтан «Илгэ» үҥкүү бөлөҕө саха дьахталлара хайдах курдук кэрэлэрин кырдьыктыы итэҕэттэ. Боронук оскуолатын үөрэнээччилэрин чыыбы-чаабы чабырҕахтара өрөөбүт уоһу хоҥуннардылар. Оттон aраас омук дьоно Виктор Стручков «Хатан Тэмиэрийэ» туруктаах ырыатын тосхолунан уруйун улаатыннардылар, айхалынан аргыстаннылар. Элбэх атыы-кутуу, кэнсиэрдэр, күрэхтэр, оһуохай күн саҕахха саһыар диэри Москуба куорат Коломинскай музей-паркатын ыһыах ыытыллар түһүлгэтин арчылаах алгыһынан толордулар.

Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 сылыгар уонна Саха автономията олохтоммута 90 сылынар аналлаах Ыһыах үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытынан, дьааҥыларга Саха сирин Москубаҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Ю.С. Куприянов илии баттааһыннаах махтал суруктар туттарылыннылар.