Дьаархаҥҥа Кыайыы болуоссата аһылынна

239

Дьаархаҥҥа Кыайыы болуоссатын аһыллар тэрээһинэ ыытылынна. Былырыын аукцион буолбутутугар, олохтоох дьаһалта иһинэн «Муниципальнай эксплуатационнай хампаанньа» муниципальнай хааһына тэрилтэтэ кыайан бу үлэҕэ ылсан, ситэрэн киллэрдэ.


Манна ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар, нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар. Норуот талааннааҕа, Дьаархан бочуоттаах олохтооҕо Юрий Емельянов аал уокка айах тутан сахалыы сиэри-туому ситэрбитин кэннэ,  улуус баһылыгын көмөлөһөөччүтэ Данил Федоров, оройуон военкома Леонид Иванов, 2012-2017 сс. Дьаархан нэһилиэгин баһылыга Александр Иванов, нэһилиэк саҥа талыллыбыт баһылыга Павел Александров уонна нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, тыыл-үлэ бэтэрээнэ Люция Васильева аалай лиэнтэни кырыйдылар.

Нэһилиэк олохтоохторун уонна ыалдьыттарын бу бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлээн, нэһилиэк баһылыга Павел Александров тыл эттэ. Кини уонна нэһилиэк урукку баһылыга Александр Иванов монумент сабыытын хастыы тардыбыттарын ытыс тыаһынан көрүстүлэр. 6 м үрдүктээх монумент үөһэ өттүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин «Победа» уордьанын үтүгүннэрэн оҥорбуттар, анныгар георгиевскай лиэнтэни туора мрамор билииккэҕэ улахан көмүс буукубаларынан «Умнубаппыт! Ытыктыыбыт! Сүгүрүйэбит!» диэн тыллар суруллубуттар. Икки өттүгэр Дьаархан нэһилиэгиттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт буойуннар, үлэ фронун кыттыылаахтара уонна холхуостарга үлэлээн Улуу Кыайыыны уһансыбыт тыыл чулуу үлэһиттэрин ааттара-суоллара улахан билиитэлэргэ суруллубут. Монумеҥҥа уонна умуллубат уокка гирлянда, сибэкки дьөрбөлөрө уурулуннулар, сэбиэскэй саллаат таҥастаах дьон сэрии туһунан хоһооннору аахтылар.

Эҕэрдэ тылы Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева, Александр Иванов, военком Леонид Иванов, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, тыыл-үлэ бэтэрээнэ, Герой-ийэ Ксения Федорова, улуус баһылыгын көмөлөһөөччүтэ Данил Федоров эттилэр, бэтэрээннэргэ махтал тылларын анаатылар.

Өр сылларга нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит Иван Григорьев, иитэр үлэҕэ оскуола дириэктэрин солбуйааччыта, нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаата Тамара Федорова «Саха сирэ Арассыыйаны кытта 385 сыла» бэлиэнэн, Александр Александров улуус баһылыгын Бочуотунай грамотатынан, Александр Кузьмин улуус баһылыгын Махтал суругунан, Кыайыы болуоссатын тутуутугар күүс-көмө буолбут оскуола кэлэктиибэ (дириэктэр Константин Федоров), «Аартык» норуот айымньытын дьиэтин кэлэктиибэ (дириэктэр Евдокия Аланаева), Ньурба к. олохтооҕо Николай Степанов нэһилиэк дьаһалтатын Махтал суругунан наҕараадаланнылар.

Үөрүүлээх тэрээһин кэнниттэн Ил Түмэн дьокутаата Антонина Григорьева санаатын үллэстэр:

 Мин көрдөхпүнэ, бу болуоссат өрөспүүбүлүкэҕэ баар болуоссаттартан биир саамай улаханнара. Аҕа көлүөнэҕэ ытыктабылы, кинилэр сэрии саҕана хорсун быһыыларыгар ытыктабыл, кыайыыны уһансыбыттарыгар сүгүрүйүү бэлиэтэ буолар. Нэһилиэнньэ түмсүүлээх уонна айар-тутар баҕалаах буолуута, эдэр ыччат үлэҕэ-хамнаска көхтөөхтүк кыттара көстөр. Маннык тупсаҕай, кэрэ тутуулар элбии турдуннар. Олох сайдыытын бэлиэтинэн өрүһү туоруур муоста тутулла турар. 

Быйыл Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 100, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 сыллара. Онон сибээстээн Москваҕа тохсунньуга саха дьахталларыттан бастакы революционерка Дора Жиркова уонна Степан Васильев — өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын уһансыбыт биһиги киэн туттар дьоммутугар бэлиэ — мемориальнай дуосканы улуустан уонна нэһилиэктэн дэлэгээссэйэ баран туруоруохпут, сөбүлэһиннэриитэ бүттэ.

2012-2017 сс. Дьаархан нэһилиэгин баһылыга Александр Иванов:

Иэнин кээмэйинэн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр суох болуоссат (4 тыһ. кв. м кэриҥэ). Сэрии бэтэрээннэрин кытта үлэ бэтэрээннэрин туһунан түмэн, биир улахан Кыайыы болуоссатын оҥордубут.

2015 с. Дьаархан нэһилиэгин 375 сыллаах үбүлүөйүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһала тахсарыгар нэһилиэккэ элбэх аналлаах култуура-спорт комплексын уонна Кыайыы болуоссатын туттарар туһунан киллэртэрбиппит. Ил Түмэн дьокутааттарын, министиэристибэлэри кытта кэпсэтэн, элбэх дьону кытта алтыһан, үлэлэһэн. Болуоссакка бастаан 4 мөл. 359 тыһ солк. көрүллүбүтэ. Кыайыы болуоссата иллэрээ сыллааҕыта киириэхтээх этэ. Хомойуох иһин, аукциоҥҥа кыайбыт тэрилтэ балтараа сыл кыайан үлэлээбэккэ гынан баран аккаастаммыта. Былырыын аукцион буолбутутугар, олохтоох дьаһалта иһинэн «Муниципальнай эксплуатационнай хампаанньа» муниципальнай хааһына тэрилтэтэ кыайан бу үлэҕэ ылсан, ситэрэн киллэрдэ.

Бу күн тэрээһиннэрэ Кыайыы болуоссатыгар үөрүүлээх салютунан түмүктэннэ. Дьоҕус да буоллар, үлэтэ-хамнаһа улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр үлэлээх, элбэх идиэйэлэрдээх уонна былааннардаах салайааччылардаах, түмсүүлээх уонна хоһуун үлэһит дьонноох нэһилиэк үөрүүлээх түгэнэ манан эрэ бүппэт. Салгыы элбэх аналлаах култуура уонна спорт 2 этээстээх комплекса, саҥа арыы собуотун дьиэтэ, 4 кыбартыыралаах уопсай дьиэ үлэҕэ киирэллэрэ күүтүллэр.