Депутат Галина Данчикованы кытта горнайдар дьиэ-уот, олох-дьаһах туһунан кэпсэттилэр

209

Бэрдьигэстээххэ РФ Госдуматын депутата, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Г.И. Данчикова Сэмэн, Софрон Даниловтар ааттарынан духуобунас киинигэр нэһилиэнньэни кытары көрсүстэ. Олохтоохтор сүрүннээн дьиэ-уот, киин куораттарга доруобуйаларын көрдөрөллөрүгэр туох көмө көрүллэрин интэриэһиргииллэр. Матырыйаалынай көмөҕө да наадыйааччы аҕыйаҕа суох.


Галина Данчикованы  кытта көрсүһүүгэ сэһэргэһиэн баҕалаах аҕыйаҕа суох киһи муһунна. Улууспут бары нэһилиэктэриттэн элбэх киһи киирбитэ, дьон интэриэһиргиир боппуруоһа элбэҕин көрдөрөр.

М.Н. Текеянов, «Маҥаны нэһилиэгэ» МТ баһылыга:

— Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбатын миниистиригэр киирэ сырыттым. Биирдиилээн ыалга ититэр ситими киллэрии боппуруостарын тула кэпсэттибит. Ааспыт сылга 3 мөл.800 тыһ. солк. бырайыак оҥорон киллэрбиппит. Онно үлэ барыах курдук этэ, кэлин тохтоон хаалбыта. Билигин бу киирэн этиммиппэр, Данил Семенович барытын быһааран биэрдэ. Сөптөөх эппиэти ыллым. Орто Сурка былаан быһыытынан, дьон олорор усулуобуйатын тупсарар туһуттан, 33 ыалга ититэр ситими килэрэр баҕалаахпыт.

С.Н. Стручков, Савва Тарасов аатынан Өрт орто оскуола учуутала:

— Мин анаан-минээн кэллим. Депутаппыт бэйэтинэн кэлэн биэрбитин, көрсөн кэпсэтиэхтээх буоллахпыт. Л.И.Вербицкаяны уонна Д.С.Саввиновы кытары көрүстүм. Өркө эдэр специалистарга дьиэ тутуута, сэлиэнньэ хоту өттүгэр биирдиилээн ыалларга ититэр ситими киллэрии боппуруостара бааллар. Ону таһынан, санаторийдарга эмтэнии, босхо эмп-том, Солоҕон балыыһатын, суол-иис өрөмүөнүн туһунан ыйыталастым. Санаабын иһиттилэр, ыйытыыларбар хоруйдаатылар. Онон маннык боростуой дьону кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһэллэрэ үчүгэй. Баҕар, сорох боппуруостары быһаарбаталлар да, туһааннах министиэристибэлэргэ тириэрдиэхтэрэ диэн эрэнэбин.

Т.Е. Филиппова, биэнсийэлээх:

— Мин Л.И.Вербицкаяҕа киирэ сырыттым. Кыһалҕалаах боппуруостаахпын. Уолум III бөлөх инбэлиит. Генетическэй ыарыылаах. Билигин диогнаһын чуолкайдаабаккалар инбэлиититтэн таһаараары гыналлар. Биир да чэпчэтиинэн туһаммаппыт. Оҕобун үөрэххэ киллэриэхпин баҕарабын. Салгыы Ф.В.Габышеваҕа суруттарыам. Людмила Ильясовна үчүгэй баҕайытык кэпсэттэ. Генетическай боппуруос медицинэҕэ олус сытыытык турарын туһунан эттэ. Москубаҕа бу ыарыыны чинчийэр институту барытын кэрийбитим. Ол тухары үчүгэй түмүк тахса илик. Анализ бөҕөтүн туттарбыппыт. Онтубут билигин ваакумҥа сытар үһү.

Галина Иннокентьевна Бэрдьигэстээххэ сырыытын туһунан маннык кэпсиир:

— Саха сиригэр кэллэхпинэ нэһилиэнньэни кытары хайаан да көрсөбүн. Билиҥҥи графикпар Горнайы киллэрбиппит. Олохтоохтор сүрүннээн дьиэ-уот, киин куораттарга доруобуйаларын көрдөрөллөрүгэр туох көмө көрүллэрин интэриэһиргииллэр. Матырыйаалынай көмөҕө да наадыйааччы аҕыйаҕа суох. Баһылыктар нэһилиэккэ тутууну ыыттараарылар этии киллэрэллэр. Дьон сорох туруорсуулара биһиги боломуочуйабытыгар киирбэт. Муниципальнай былаас иһигэр быһаарыллыан сөп. Ол иһин ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан биэрэбит. Туһааннаах тэрилтэҕэ, салайааччыга тириэрдэбит. Киирбит боппуруостарга барытыгар үлэлиибит.

Галина Иннокетьевнаны кытары энергетика уонна дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын миниистирэ Д.С.Саввинов, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы И.П.Никифоров, наука уонна үөрэхтээһин миниистирин бастакы солбуйааччы Ф.В.Габышева, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Л.И.Вербицкая үлэлээтилэр.