Депутатскайга ырыа күүрээннээх күрэҕэ ыытылынна

396

Ааспыт нэдиэлэ субуотатыгар Депутатскай бөһүөлэгин «Металлург» култуура дьиэтин салалтатын уонна үлэһиттэрин тэрийиитинэн «Олох устун ырыанан» диэн баян тыаһын сөбүлээн истээччилэргэ, нэһилиэкпит олохтоохторун сүргэлэрин көтөҕөр, санааларын аралдьытар күүрээннээх ырыа күрэҕэ буолан ааста.


Күрэх биллиилээх мелодист, туспа суоллаах-иистээх самодеятельнай композитор, саха музыкальнай култууратыгар баян доҕуһуоллаах дэгэрэҥ ньыматын киллэрэн үйэтиппит, ымыылаах ырыаһыппыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Христофор Трофимович Максимов өлбөт-сүппэт ырыаларыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Тумул, Балыктаах, Төҥүлү нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина, алта уонтан тахса уостан түспэт ырыалардаах ааптар, мелодист быһыытынан сахатын норуотугар киэҥник биллэр уонна олус биһирэнэр, айылҕаттан ураты айдарыылаах мелодистка Галина Никитична Шахурдина айар үлэтигэр ананна.

Күрэх дьүүллүүр Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ — Болтунов Аполлон Николаевич, Усуйаана улууһун култуураҕа салаатын начаалныга. Чилиэттэрэ: Босикова Нюргуяна Егоровна — Депутатскай нэһилиэк мунаципальнай тэриллиитин кылаабынай исписэлииһэ, Васильева Евдокия Семеновна — Депутатскайдааҕы оҕо искусствотын оскуолатын фольклорга уһуйааччыта.

Ырыа күрэҕэ икки түһүмэҕинэн ыытылынна.

Бастакы түһүмэх биллиилээх мелодист, туспа суоллаах-иистээх, самодеятельнай композитор, саха музыкалынай култууратыгар баян доҕуһуоллаах дэгэрэҥ ньыматын киллэрэн үйэтиппит Христофор Максимовка ананна. Ырыа күрэҕин Христофор Максимов мелодиятыгар, Амма Аччыгыйын тылларыгар «Учууталбар» ырыаны Алексей Томскай холкутук, махтал тылынан ыллаан арыйар. Ити кэнниттэн Федор Лобанов тылларыгар, Христофор Максимов мелодиятыгар «Таммахтар» Мария Глотова, Иван Сосин тылларыгар, Христофор Максимов мелодиятыгар «Биригэдьиир Марыына» Николай Гермогенов, Алексей Бродников тылларыгар, Христофор Максимов мелодиятыгар «Күөрэгэйдэр ыллыыллар» сыана бэтэрээнэ, элбэх ырыа конкурстарын лауреата Татьяна Слепцова, Семен Данилов тылларыгар, Христофор Максимов мелодиятыгар «Кини дииллэр» ырыаны Татьяна Протопопова уонна Мария Глотова олус үчүгэйдик, ис киирбэхтик ыллааннар мустубут дьону, көрөөччүлэри сэргэхситтилэр, үөртүлэр.

Христофор Трофимович Максимов 1917 сыллаахха, Амма оройунун Сулҕаччы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини олоҕун бүтүннүүтүн култуура уонна искусство эйгэтигэр анаабыта диэтэхпитинэ олус улахан сыыһа буолуо суоҕа. Эдэр эрдэҕиттэн ырыаны айааччы уонна толорооччу быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэн барбыта. Кэрэҕэ, үтүөҕэ ыҥырар ырыалара, төрөөбүт норуотун дууһатын долгутан, тута-бааччы тыйаатырдар, кулууптар аайы ылламмыттара, радио, телевизор эфирдэринэн дьүрүһүйэ кутуллубуттара. Христофор Трофимович айылҕаттан айдарыылаах артыыс диэххэ наадалаах. 1937-1976 сылларга сүүстэн тахса араас оруолларга киһи сөҕө көрөр олус үчүгэй уобарастары айан, Саха сирин чугас, ыраах сытар уһук муннуктарыгар, хотунан-соҕуруунан сылдьан, элбэх тыйаатырдар, кулууптар сыаналарыгар ситиһиилээхтик оонньоон көрдөрбүтэ.

Кини 44 сыл устата 400-тэн тахса араас ырыаны айбыта. 30 ырыата Дьокуускайдааҕы радио музыкалынай фондатыгар, 20 ырыата «Мелодия» фирма грампластинкатыгар уһуллубуттара. Араас сылларга 4 ырыаларын хомуурунньуктара тахсыбыттара. Христофор Трофимович кэргэнинээн Христина Васильевнаны кытта эдэр саастарын итии тапталларын төлөнүнэн угуттанан 35 сыл устата өйөһөн-убаһан сүрдээх эйэлээхтик, улахан ыал баһыытынан олус дьоллоохтук олорбуттара.

Төрөппүттэрин олоҕун билигин икки үтүөкэннээх уолаттара Иннокентий уонна Трофим Максимовтар ууһаан, тэнийэн эрэр дьиэ кэргэттэрэ салгыыллар. Кеша -медик, түөрт оҕолоох, Христофор Максимов аатынан фонда салайааччыта. Трофим -учуонай, үс оҕолоох. Сиэннэр ортолоругар саҥа үйэ Христофор Максимова сахалыы дорҕоонноох дэгэрэҥ ырыаны ыллыаҕа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Ырыа күрэҕин иккис түһүмэҕэ биллиилээх ырыа айааччы, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Никитична Шахурдина алыптаах ырыаларыгар ананна.

Иккис түһүмэҕи Павел Габышев тылларыгар, Галина Шахурдина мелодиятыгар «Балыктаах киэһээтэ» диэн ырыаны Усуйаана улууһун үөрэх салаатын үлэһиттэрин вокалынай ансамбыла толоруута көрөөччүлэр дохсун ытыс таһыныыларынан доҕуһуолланна. Ансаамбыл ырыаһыттара сиргэ үүнэр дьэрэкээн бэйэлээх сибэкки курдук олус үчүгэйдик, ис киирбэхтик таҥнан тахсан, «Балыктаах киэһээтэ» диэн ырыаны хас да куолаһынан арааран ыллаабыттара табылынна.

Бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэ кэрэхсэбилин сүтэрэ илик «Балыктаах киэһээтэ» ырыа хайдах айыллыбытын туһунан автор бэйэтэ маннык ахтар.

1971 сыл Мэҥэ Хаҥалас, Балыктаах бөһүөлэгэ. Сыл ахсын ыытыллар култуура эстэпиэтэтин бастакы түһүмэҕэр түөлбэлэринэн уус-уран самодеятельноска күрэхтэһээри бэлэмнэнии үгэннээн турар кэмэ. Галина кыттар түөлбэтин дьонуттан ким эрэ Балыктаах бөһүөлэгин туһунан ырыа айан ыллаатахха биэс сыананы эбэһээт ылыа этибит диэн эппит.

Оччолорго тутууга үлэлиир Павел Габышев уонна ырыа мелодиятын суруйууга саҥа холонон көрөн эрэр Галина Шахурдина биир түөлбэ дьоно буолалларын быһыытынан Балыктаах бөһүөлэгин туһунан ырыа айбыттара. Ол саҕана биир киэһээ иһигэр айыллыбыт ырыа умнуллубат уһун үйэлэниэ диэн кинилэр долоҕойдоругар да оҕустарбатахтара. Дьэ туран түөрт буолан квартеттаан саайбыттара, баҕалаах биэс сыаналарын ылан түөлбэ дьоно үөрүү бөҕөтүн үөрбүттэрэ. Аны туран субуота аайы кулуупка таансыга «Балыктаах киэһээтэ» ырыа ылланан, тарҕанан үҥкүү музыката буолан, бары билэргит курдук күн бүгүнүгэр диэри ыллана, дьону-сэргэни үөрдэ-көтүтэ сылдьар.

2003 сыллаахха «Балыктаах киэһээтэ» ырыа аны ХХI үйэҕэ иккис тыыны ылла. Ол курдук «Добун» бөлөх ырыаһыта Нарияна Куо Антон Иванов тупсаран оҥоруутугар аныгылыы тэтими, тыыны киллэрэн өссө тупсаран биэрэн билиҥҥи ыччат таптаан ыллыыр ырыата буолла.

Марфа Куличкина тылларыгар Галина Шахурдина мелодиятыгар «Алгыс ырыата» ырыаны сыана бэтэрээнэ, «Далбар Хотун» вокалынай ансамбыл солистката Ольга Слепцова олус истиҥ иэйиилээхтик ыллаан, дьон-сэргэ болҕомтотун тарта.

Бу ырыа Галя бииргэ төрөөбүт балта Люда, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолугар Коля Никитиҥҥэ кэргэн тахсыбыт үөрүүлээх күнүгэр суруллубут ырыа эбит. Ол курдук Галя баар-суох тапталлаах биир балтым сыбаайбатыгар хайаан да биир ырыаны айдахпына табыллар диэн санаан, олохтоох поэтесса Марфа Куличкинаҕа сүүрэн тиийэн хоһоон сакаастаабыт. Киһитэ сарсыныгар «буруолуу» сылдьар бэрт үчүгэй, хомоҕой тыллаах-өстөөх хоһоону суруйан биэрбит. Ол хоһоону ылан Галя дьиэлэр ыккардыларыгар иһит-хомуос таһа сылдьан матыып таһаарбыт. Билигин ол ырыата суох үгүс уруу ааспат буолла.

Саргылаана Спиридонова тылларыгар, Галина Шахурдина мелодиятыгар «Тырымнас тыллары хатылаа» ырыаны «Сайсары» уонна «Далбар Хотун» вокальнай ансаамбыллар солисткалара, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, бэйэтэ эмиэ ырыа айааччы Мария Егорова олус үчүгэйдик толорон, көрөөччүлэр дохсун ытыс таһыныыларынан доҕуһуолланна.

Иван Федосеев-Доосо тылларыгар, Галина Шахурдина матыыбыгар «Ахтылҕан» диэн ырыаны «Далбар Хотун» вокальнай ансаамбыл солисткалара, эдьиийдии балыс Клара Ларионова уонна Татьяна Слепцова табыллан ыллааннар көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Бу ырыаны аан бастаан «Чороон» ансаамбыл солистката Екатерина Егорова толоруутугар норуокка биллибитэ. Кэлин эстрада биллиилээх ырыаһыттара Александра Алексеева уонна Василий Еремеев дуэттара ХХI үйэҕэ саҥалыы тыыны киллэрбиттэрэ.

«Таптыыбын эйиигин» Марфа Куличкина тылларыгар уонна Галина Шахурдина матыыбыгар «Далбар Хотун» вокалынай ансаамбыл солистката Зоя Тоскина ис иһиттэн иэйиилээхтик толорон, күрэх биир бастыҥ нүөмэрин быһыытынан сыаналанна.

Бу ырыаны Саха эстэрээдэтин биир чаҕылхай сулуһа, Василий Еремеев аан бастаан ыытыллыбыт Этигэн Хомус күрэххэ кыттан толорон, күүрээннээх күрэх кыайыылааҕа буолан турар. Ырыа автора Галина Шахурдина үтүө аата эмиэ бэлиэтэммитэ.

Ыытыллыбыт ырыа күрэҕин дьүүллүүр Сүбэтэ быһаарбытынан «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” анал бирииһи Усуйаана улууһун үөрэх салаатын вокальнай ансаамбылын коллектива ылан үөрдэ-көттө. «Сыана бастыҥ уобараһа” үрдүк ааты «Алгыс» кулууп биир бастыҥ ырыаһыта Зоя Тоскина ылар чиэскэ тигистэ.

Ырыа күрэҕин III истиэпэннээх дипломун «Учууталбар» ырыаны толорон Алексей Томскай, II истиэпэннээх диплому «Кини дииллэр» ырыаны толорон Татьяна Протопопова, Мария Глотова, онтон I истиэпэннээх диплому «Күөрэгэйдэр ыллыыллар» ырыаны Татьяна Слепцова олус үчүгэйдик толороннор ылан үөрдүлэр-көттүлэр. Күүрээннээх ырыа күрэҕин Гран-При хаьаайкатынан «Тырымнас тыллары хатылаа» ырыаны ис иһиттэн долгутуулаахтык ыллаан Мария Егорова буолла.

Саха биллиилээх мелодистара Христофор Максимов уонна Галина Шахурдина ырыаларыгар анаммыт «Олох устун ырыанан» диэн ырыа күрэҕэр элбэх кыттааччы кэлэн кыттан, үгүс көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.