Долганнар «Үрүҥ көмүс хатырыктаах» күрэхтэригэр баһаарынай чаас үлэһиттэрэ бастаатылар

201

Муустаах муора кытылынан тайаан сытар Анаабыр улууһун Үрүҥ-Хайа национальнай долган нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар «Үрүҥ көмүс хатырыктаах-2017» диэн мууһу аннынан балыктааһыҥҥа хамаанданан күрэх буолан ааста. Быйылгы тэрээһин ыччат уонна экология сылларыгар ананна.


Бу күрэх 2016 сылтан саҕалаан сылын аайы ыытыллар. Булдунан, балыктааһынынан уонна дьиэ табатын иитиинэн дьарыктанар норуот өбүгэ үгэһин ыччакка иҥэриитин быһыытынан сыаналанар. Маны сэргэ күннээҕи үлэҕэ уопут атастаһыыта, туризмы сайыннарыыга көҕүлээһин, дьон сынньалаҥын, чөл олоҕу тутуһуу ыытыллар.

Олохтоох дьаһалта уонна «Хэйро» культура-сынньалаҥ киинэ үүннээн-тэһииннээн ыытар.

Икки күннээх күрэххэ уопсайа үстүү киһилээх биэс хамаанда кытынна.

Балаһыанньа быһыытынан бастакы күн хамаандалар үстүү илими үттүлэр. Быыһыгар ардыгар илин-кэлин түсүһүүлээх сыал ытыытыгар уонна дуобакка күрэхтэстилэр, урукку сыллардааҕы видео уонна хаартысканан роликтары көрөн санаа атастастылар.

Сарсыныгар илимнэри көрүү буолла. Хамаандалар балыктарын биир сиргэ чөмөхтөөн, ыйааһыннаттылар.

Түмүккэ саамай элбэх баалы хомуйан, баһаарынай чаастан капитан Неустроев Петр Васильевич, балыксыттар Андросов Александр Иванович, Попов Илья Алексеевич кыайыыны суруннулар. Кинилэргэ олохтоох дьаһалта туруорбут 200 л. уматыга уонна булт тэрилэ туттарылыннылар.

Саамай улахан балыгы — тууччаҕы — Спиридонов Гаврил Николаевич (ДЭС хамаандата) илимигэр туттарда.

Бултаммыт балыгы барытын, долган омукка өбүгэ саҕаттан хаалбыт үтүө үгэһи тутуһан, аҕа саастаахтарга, тыыл ветераннарыгар уонна кыаммат ыалларга түҥэтилиннэ.