Эбээн-Бытантайга табаһыттар мустаннар хотугу норуоттар оонньууларыгар кытталлар

317

Бүгүн, о.э кулун тутар 30 күнүгэр Эбээн Бытантай улууһугар III Хотугу норуоттар оонньуулара үһүс төгүлүн ыытылла турар.


Маҥнайгы күн олус тыҥааһыннаах сүүрдүүлэр буоллулар. Ол курдук, улуус баһылыга Иван Горохов туруорбут «Ямаха» буран бирииһигэр 10 км. сыарҕалаах табанан сүүрдүүгэ 46 кыттааччы стартан түһүннүлэр.

Хотугу норуоттар оонньууларын кылаабынай судьуйатынан үһүс Александр Илларьевич Иванов үлэлиир. Финишка ыалдьааччылар истэригэр айыыларыттан оргууй көрдөһүү кытта баар.

Түмүккэ маҥнайгынан эдэр табаһыт Вячеслав Колесов  тыалы кытта сырсан, табаларын көтүтүөх айыылаах элээрдэн кэллэ. Маны сэргэ, уучаҕынан сүүрдүүгэ кыргыттар-уолаттар, бэтэрээннэр 5 км., оҕолор уучаҕынан о.д.а. хоту дойду төрүт үгэстэрин күрэхтэрэ буола тураллар.

Хас биирдии нэһилиэк, тэрилтэ эбээннии чуумнары туруоран киирбит ыалдьыты төрүт астарынан күндүлээтилэр.