Күөгүлээн уопсайа 159 киилэ балыгы ыллылар.
Быйылгы «Мормышка-2017» муус аннынан күөгүнэн балыктааһын күрэхтэһиитэ Харахаан күөлүгэр ыытылынна. Урукку сылларга күрэс куруук өрүс боротуохатыгар, Балаҕаннаахха, эбэтэр Куруҥҥа ыытыллара. Быйыл аан маҥнайгытын күөлгэ буолла.
«Быйыл элбэх киһи кытынна уонна, кылаабынайа, байанайбыт бэристэ», — диэн бу күрэхтэһиини көҕүлээччи уонна тэрийээччи Юрий Шамаев үөрэн, астынан туран бэлиэтээтэ. Быйылгы күрэхтэһии Арассыыйаҕа Эколгия уонна Эдьигээн төрүттэммитэ 385 сылыгар ананна.
Күрэхтэһии сарсыарда 8 чаастан саҕаланна. Бу күн күөл ньууругар уопсайа 18 хамаанда, 52 кыттааччы, тэрийээччилэр, судьуйалар, спонсордар муһуннулар. Сарсыарда 8-тан 11 чааска диэри ыйыллыбыт учаастакка күөгүлээбиттэрин кэннэ, күөл хайа да муннугар балыктыырга көҥүл бэриллэр. Дьэ онно, балыксыттар үксүлэрэ күөл уҥуоргу халдьаайытыгар таҕыстылар. Онно биир-биир алыһары, сордоҥу хото туттаран бардылар. Онон күрэс түмүктэниитигэр бары да үгүөрү балыктанан үөрүү-көтүү бөҕө буолла.
Тэрээһиҥҥэ куруук кыттар «Нефтебаза» хамаандата (капитан Владимир Острожников) бу да сырыыга эмиэ үчүгэй үөрүйэхтээҕин көрдөрдө. Өссө 54 киилэ алыһары уонна сордоҥу хаптаран, күрэхтэһии историятыгар киирдэ, эбиитин эрэллээхтик бастаата. Иккискэ 20-чэ киилэ балыктанан, авиапорт түөлбэтин олохтоох хамаандата – «Осикта» (капитан Юрий Иванов) таҕыста. Балыктыырга «МЧС» үөрүйэхтээх хамаандата (капитан Анатолий Элляев) 14 киилэ 560 гр. курдук ыйааһыннаах көмүс хатырыктанан, үһүс бочуоттаах миэстэни ылла. «Бэтэрээннэр» хамаандалара (капитан Иван Ксенофонтов) киилэ аҥарынан эрэ хаалан (14 киилэ) төрдүскэ таҕыста. Кинилэр кыайылаахтар ахсааннарыгар киирбэтэхтэрин да иһин, нефтебаза туруорбут 40 лиитэрэ бензиннэринэн наҕараадаланан үөрүүлэрэ улаатта. Итинник сиэринэн уонна бу күрэхтэһии уруккуттан тутуһуллар үтүө үгэстэринэн, бары кыттыбыт хамаандалар анал номинацияларынан наҕараадаланнылар. Буоларын курдук, сүрүн бириистэри «Аллараа Өлүөнэтээҕи» АУо (генеральнай дириэктэр Иван Андреев), «Чароит» ХЭТ (дириэктэр Саргылана Федорова), Эдьигээн оройуонунааҕы айылҕа харыстабылын инспекцията (салайааччы Виктор Иванов), Эдьигээннээҕи нефтебаза (дириэктэр Владимир Острожников) уонна да атын тэрилтэлэр туруордулар. Биир бэлиэ түгэнинэн хамаандалар, кыттааччылар бэйэлэр эмиэ бириис туруоруулара үтүө үгэскэ кубулуйбутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, Анатолий Элляев (МЧС), «Колобки» (капитан Марина Ким), «Ежики» (капитан Михаил Андросов) тус бириэмийэлэрин күрэхтэһиигэ кыттыбыт хамаандаларга үөрэ-көтө бэлэх ууннулар. Күрэхтэһиигэ кыттыбыт 18 хамаанда барыта 159 киилэ балыгы ылбытын дьон-сэргэ үчүгэй бэлиэ диэн билгэлээтилэр.
Тэрийээччилэр ааттарыттан Юрий Шамаев бары кыттыбыт хамаандаларга, спонсордарга махтанна, куруутун да бу курдук сомоҕолоһорго, бэйэ-бэйэни өйөһө турарга ыҥырда. Аныгыскы сылга ыытыллар күрэхтэһиини эмиэ күөлгэ, бу сырыыга чугастыы Жирковка, эбэтэр Кылаҥсаҕа ыытыахха сөп диэн былааннаатылар. Ити күн тэрээһин кэнниттэн элбэх киһи көй салгыҥҥа дуоһуйа тыына таарыйа күөгүлээтилэр. Итиэннэ эбэлэриттэн көмсүс хатырыктааҕы балачча бэриһиннэрэн үөрүүлэрэ муҥура суох буолла.