Эдьигээн олохтоохторо куукуланы оҥорорго үөрэннилэр

250

Эдьигээн төрүттэммитэ 385 сыллаах үбүлүөйдээх сылын көрсө нэһилиэнньэ бары араҥатын хабарга туһуламмыт анал бырайыактар үлэлииллэр. Олортон биирдэстэрэ — өрөспүүбүлүкэ биллэр уран тарбахтаах маастардарын аҕалан, нэһилиэнньэни үөрэтии, анал куурустары тэрийии буолла.


Бу үлэ оройуон дьаһалтатын, уопсастыбаны сүрүннүүр «Синкэн» сэбиэт, оҕону эбии үөрэхтээһин киинин нөҥүө ыытыллар. Биир оннук үлэ түмүгүн көрдөрөр быыстапка оройуон дьаһалтатын аактабай саалатыгар буолан ааста. Биир нэдиэлэ устата өрөспүүбүлүкэ куукуланы оҥорооччуларын айар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, худуоһунньук Василий Андросов баҕалаах дьону түмэн, маастар-кылаас ыытта.

«Мин бэйэм худуоһунньук идэлээхпин. Куукуланы оҥорууга Россияҕа биллэр маастар Ольга Ебупеһы кытта билсэн, интернет ситимин нөҥүө үөрэммитим. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр искусство бу хайысхата саҥа сайдан эрэр. 2014 с. куукуланы оҥорооччулар айар холбоһуктарын тэрийбитим. Оччолорго биһиги баара-суоҕа биэс эрэ этибит. Билигин айар холбоһукпут 600-кэ киһилээх. Өрөспүүбүлүкэтээҕи, ону ааһан Бүтүн Россиятааҕы, регионнар икки ардыларынааҕы, аан дойдутааҕы таһымнаах быыстапкаларга кыттабыт. Улуустарынан сылдьан маастар-кылаастары ыытабыт, дьону үөрэтэбин«, — диир кини.

Куукуланы оҥорууга анал үөрэҕи барбыт Эдьигээн олохтоохторо санааларын эмиэ үллэһиннилэр. «Үрдүттэн ылан көрдөххө, куукула оҕо оонньуутун курдук. Ол гынан баран бу туспа тыыннаах, эйгэлээх үлэ буоларын бэйэбитинэн биллибит. Василий Андреевич эдэр маастар диэтэххэ, олус киэҥ билиилээх. Аныгы үйэҕэ маастар эрэ барыта бэйэтин сатабылын, үлэтин кистэлэҥин ыһа-тоҕо кэпсээбэт, олоччу арыйан биэрбэт. Онтон Василий Андреевич искусство бу хайысхатыгар санаатын барытын ууран үлэлиирин биһиги олус сэргии көрдүбүт. Нэдиэлэ устата тугу кэпсиирин барытын сыыска-буорга түһэрбэккэ иһиттибит, ылынныбыт, үөрэннибит. Куукуланы оҥоруу киһини бары өттүнэн сайыннарар, байытар эбит. Өйүҥ-санааҥ, ис туругун биир тэҥник үлэлиирин ирдиир уустук үлэ буоларын биллибит. Биһиги, кууруска сылдьыбыт дьон, бу үлэни көҕүлээбит оройуон дьаһалтатыгар, биһиги кииммит директорыгар Любовь Корякинаҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Бу үлэҕэ олус элбэх матырыйаал көрүҥэ наада. Ону барытын Любовь Петровна хааччыйан, сөптөөх усулуобуйаны тэрийэн биэрбитин түмүгэр бу маннык айымньылар айыллан таҕыстылар, — диэн олохтоохтор ааттарыттан Раиса Петрова санаатын этэр.

Эдьигээннээҕи кырдьаҕастар интернат-дьиэлэрин коллективыттан бу маастар-кылааска түөрт буолан сырыттылар. Саргылана Яковлева: «Тэрилтэбитигэр куукула театрын тэринэр былааннаахпыт. Онон Василий Андреевич маастар-кылааһа биһиги коллективпытыгар саамай наадалаах кэмҥэ буолла уонна баҕа санаабыт олоххо киирэр буолбутуттан олус үөрдүбүт. Куукула хайдах оҥоһулларын, ис дьиҥин барытын иҥэринэн, элбэх туһалааҕы биллибит», — диир.

Оройуон дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыта Мария Константинова: «Үбүлүөйдээх сылбытыгар оройуон ситиһиитин, нэһилиэнньэ дьарыгын көрдөрөр сыаллаах маннык маастар-кылаастары ыытабыт. Манна кыттан үөрэммит дьоннор салгыы бэйэҕитин сайыннаран, үлэлээн, оҥоһуктаргытынан быыстапкаларга кыттан, Эдьигээн аатын ааттатыахтааххыт», — диэн эмиэ санаатын тиэртэ.