“Эдьигээн” ТХПК бүгүҥҥү күҥҥэ үлэтин, баар кыһалҕаларын, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга ситиһиилэрин, уустуктарын туһунан кооператив салайааччыта М.О. Соломонова интервьютугар билсиҥ.
— 2016 сыллаахха Эдьигээн оройуонун сиригэр-уотугар соҕотуопкалыыр быраабы ылан, «Эдьигээн» ТХПК-ны кытта дуогабардаһан үлэлиир общиналар уопсайынан 111 тонна балыгы, эти соҕотуопкалаатылар. Ол иһигэр, сайыҥҥы балыктааһын кэмигэр 48 тн. балыгы, кыһыҥҥыга 63 тн., 1 тн. 206 кг. эти туттардылар. Соҕотуопкаламмыт балык үксэ Дьокуускайдааҕы балык хампаанньатыгар батарылынна.
2016 сылга, эмиэ урукку сылларга курдук аҕа ууһун общиналара, кооперативтар балыктааһыҥҥа былааны толорууга көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтиибин. Ол курдук, «Дюктэ» — 8 тн. 916 кг., «Кыталык» -23 тн. 602 кг., «Дьүкээбил» — 14 тн. 996 кг., «Тайга» -5 тн. 48 кг., «Эркээйи»- 5 тн. 642 кг соҕотуопкалаан, уопсайа 58 тн. 204 кг. туттардылар. Онон соҕотуопкаламмыт балык 52,23% толордулар.
2016 сыл түмүгүнэн кооператив үлэтинэн-хамнаһынан 16 мөл. 519 тыһ. солкуобайдаах дохуот киллэрдэ. Бу дохуот чааһын ханнык хайысхаларынан киирбиттэрин аттаран көрдөххө маннык: 2015 сылга балыктааһыҥҥа субсидия — 1 мөл. 415 тыһ. солк.; 2016 сылга балыктааһыҥҥа субсидия — 165 тыһ. солк.; атыылааһынтан, батарыыттан киирбитэ — 8 мөл. 60 тыһ солк.; балык астыыр сыахха тэрил атыылаһыытыгар туттуллубут үп төнүннэриллиититтэн киирбитэ — 3 мөл. 879 тыһ.; «Аллараа Өлүөнэтээҕи» ААУо инвестициятын тобоҕун киириитэ — 3 мөл. солк. Манна биири быһааран биэриэххэ наада, 2016 сылга балыктааһыҥҥа диэн көрүллүбүт 460 тыһ. солк. субсидия харчытыттан, баара-суоҕа 165 тыһ. солк. эрэ кооператив счетугар киирэн турар.
Ороскуот чааһыгар 2016 сылга 15 мөл. 194 тыһ. солк. туттулунна. Ол иһигэр балыгы астыыр сыахха саҥа тэрил атыылаһыытыгар кооператив бэйэтин үбүттэн 3 мөл. 191 тыһ. солк. ороскуоттаабыта. Сыахха анаан ленточнай эрбии, балык тириитин хастыырга аналлаах массыына, КТ-250 диэн балыгы ыыһыыр ыскаап, балыгы вакуумнаан хахтыырга икки камералаах массыына, Bitzer диэн тута тоҥорор компрессор ылыллыбыттара. Бэлиэтээбитим курдук, СӨ Арктика дьыалаларыгар кэмитиэтэ тэрили атыылаһыыга туттубут үппүтүн 90 % төннөрөн турар. Уопсайынан, дохуот-ороскуот чааһын ылан тэҥнээн көрдөххө, үп-харчы өттүнэн кооператив 2016 сылы 1 мөл. 325 тыһ. солк. барыстаах түмүктээтэ. Ону тэҥэ, ааспыт сыл түмүгүнэн, «Мэйээн» ТХПК биһиги кооперативпыт иннигэр 421 тыһ. солк. дебиторскай иэстээх хаалла. Кооператив кредиторскай иэһин өттүнэн, араас нолуоктарга, хомуурдарга уонна балыксыттарга кытта төлөбүрдэргэ, уопсайынан, 25 тыһ. солк. иэстээх, 2016 сылга. «Туймаада-лизинг» ААУо иннигэр оборудование ылыытыгар диэн хас ый аайы төлүүр харчыга уопсайынан 274 тыһ. солк. иэстээхпит, эмиэ ити ааспыт сыл төлөбүрүнэн.
— Биллэрин курдук, 2016 сылтан Эдьигээҥҥэ балыгы, эти харайарга улахан тоҥорор булуус тутулла турар. Тутуу хаамыыта билигин хайдаҕый?
— Булуус анал өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн тутулла турар. Сакаасчытынан СӨ Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт буолар, үбүлээһинэ эмиэ кэмитиэт нөҥүө оҥоһуллар. Бырайыак быһыытынан тутуу 2016-2017 сылларга, икки сыл устата баран, быйыл сэтинньи ый бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх. Тутуу уопсай сметатын сыаната 21 мөл. солк. диэн быһаарыллан турар. Усулуобуйа быһыытынан, өрөспүүбүлүкэ бу тутуу 90 % төлүөхтээх — 19 мөл. 200 тыһ. солк. толуйуохтаах, 2 мөл. 100 тыһ. солк. харчыны кооперативпыт бэйэтэ угуохтаах. Тутууну ыытыыга бэдэрээччитинэн Дьокуускайтан ИП Анатолий Петрович Макаров буолар. Дуогабар быһыытынан бэдэрээччиккэ 10 мөл. 600 тыһ. солк. харчы бэриллэн турар. Билигин үс биригээдэ түүннэри-күнүстэри икки симиэнэнэн үлэлиир. Тоҕо диэтэххэ, тутуу болдьоҕуттан хаалыы баар уонна сааскы ириэһиннэр да ыктылар. Билигин болотуонньуктар биригээдэлэрэ булуус үрүтүн саптылар. Онон тутууну ыытыыга тэриллибит сэттэ чилиэннээх анал хонтуруоллуур хамыыһыйа аакта оҥордо. Хамыыһыйа тутуу саҕаланыаҕыттан уопсайа үс боротокуолу оҥордо.
— Быйылгы сылга кооператив балыгы соҕотуопкалааһыҥҥа туох былааннардааҕын, уустуктардааҕын билиһиннэриэх иннинэ, балыгы астыыр сыаҕы хайдах үлэлэтэр былааннааххытый?
— Балык сыаҕын үлэлэтэр туһуттан, бастаан балыккын өрүстэн, күөлтэн балыктаан ылыаххын наада. Онон, хайдаҕын да иһин, бастаан быйыл балыктааһыны тэрийии хайдах буолуохтааҕын билиһиннэриэм этэ.
Балыктааһыҥҥа квотаны, көҥүлү ылан турабыт. Ол оннугар өрөспүүбүлүкэҕэ балыгы соҕотуопкалааһыҥҥа улахан уларытыы киллэрэннэр, биһиги курдук хотугу оройуоннар балыкка хаһаайыстыбалара мунааран олоробут. Уустуктары көрсүөх курдукпут диэн дьиксинэбит даҕаны. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн балыгы соҕотуопкалыыр быраабы 7 эрэ хаһаайыстыбаҕа биэрэн тураллар. Аны олортон алтата бары Дьокуускайга регистрациялаахтар. Бу маннык тэринии усулуобуйатынан, балыксыттар, общиналар балыктарын Дьокуускайга илдьэн туттаралларыгар тиийэллэр. Оннук сатаммат буоллаҕа. Биһиги усулуобуйабытыгар сөбө суох диэн Арктика кэмитиэтигэр этэн, дьиксинэрбитин биллэрэн турабын. Билиҥҥитэ бу үөскээбит уустугу хайдах быһааран, балаһыанньаттан тахсар туһунан толкуйдуубут. Кооператив хаһан даҕаны бэйэтин, балыксыттарын интэриэһин көмүскүүр буоллаҕа, онон араас варианнары көрдүүбүт, этии киллэрэбит.
Холобур, ити соҕотуопкалыыр тэрилтэлэри кытта үс өрүттээх Сөбүлэһии түһэрсэн, манна миэстэтигэр балыгы тутар буоллар диэн баҕалаахпыт. Оччотугар балыксыттар, общиналар биирдиилээн эрэйдэммэттэр уонна биһиги кооперативпыт базата, тоҥорор-харайар установкалара туһаныллыахтарын сөп. Сайыҥҥы өттүгэр бу маннык эрэ барыйаан үлэлиэн сөп курдук көрөбүн. Кыһыҥҥы өттүгэр, баҕар, куоракка илдьэн туттарар кыах баара өссө өйдөнөр. Манна биир моһуоктаах — бу тэрилтэлэргэ туттардахпытына эрэ биһиги балыкка субсидия харчытын ылар кыахтаахпыт, туһаныахпытын сөп.
Быйыл кооператив 107,8 тоннаҕа квоталаах. Субсидиябыт харчыта оччотугар 2 мөл. 971 тыһ. буолуохтаах. Урукку сылларга курдук субсидия чыырга, сордоҥҥо, сыалыһарга, күндүөбэйгэ, уомулга көрүллэн турар, атын балык көрүҥэр суох. Оттон эти соҕотуопкалааһын чааһын ылар буоллахха, бу күннэргэ куонкурус түмүгэ таһаарыллан, биллиэҕэ, онно көҥүл ылыахпыт диэн эрэнэбит.
Быйыл «Дьокуускайдааҕы балык хампаанньата» ХЭТ кытта балыгы батарыыга контрактация дуогабарын түһэристибит. Бу тэрилтэни кытта уруккуттан үлэлэһэбит, онон сөптөөхтүк үлэлиэхпит дии саныыбын. Муус устар ый бүтүүтүгэр балыгы астыыр сыахпытыгар өрөмүөн үлэтэ ыытыллыа. Саҥа тэрил туруорар буоламмыт, сыахпыт ис бараанын уларытан, саҥардыахпытын наада. Ыам ыйын устата ыытыллыаҕа. Ыам ыйын бүтүүтэ, бэс ыйыгар саҥа оборудованиебытын монтажтаан туруорууга Дьокуускайтан исписэлиистэр кэлиэхтэрэ.
Былаан быһыытынан, бэс ыйыттан сордоҥтон эҥин саҕалаан, балыгы астааһыны саҕалаатарбыт диибит. Ону таһынан, салгыы бэс ыйыгар тоҥорор контейнердабытын, рефрижератордарбытын көрөн, профилактическай өрөмүөн ыытыахпыт.
Билиҥҥитэ биһиги производствобытыгар инвестициянаны угуу туһунан кэпсэтии тахса илик, суох даҕаны. Экономическай балаһыанньа судургута суоҕа, бүддьүөккэ даҕаны уустуктар бааллара биллэн эрдэҕэ. Дьиҥэр, сыахпытын толору хааччыйарбытыгар, реконструкциялыырга үп-харчы наада этэ. Бэс ыйыгар Дьокуускайтан балыгы астыыр технологтар кэлиэхтээхтэр. Онно бэлэмнэнэбит. Дьокуускайдааҕы балык хампаанньатын дириэктэрэ Куроптева Лилия Александровна ааспыт сылга кэлэн үлэлэһэн барбыта. Быйыл эмиэ кэлиэхтээх.
— Маргарита Олеговна, оччотугар биһиги да, атын да улуустар олохтоохторо Эдьигээн балыгын сыаҕын бородууксуйатын аны амсайыыга эрэ буолбакка, остуолбут аһа диэн диэн кэтэһиэхтэрин сөп буоллаҕа?
— Итиннэ эппиэт судургу да, уустук да диэххэ сөп. Кооператив быйыл сүрүн дохуоту киллэриэ диэн эрэллээхпит. Толкуйдаан көрдөххө, балык манна миэстэтигэр барыта астанар. Холобур, ууттан саҥардыы тахсыбыт балыгы тутатына Витцер диэн оборудованиеҕа 35-45 кыраадыска тиийэ күүскэ тоҥоробут. Ол аата, маҥнайгы астааһын түһүмэҕэ диэн буолар. Ити кэннэ филе оҥорон, туустаан-тумалаан, вакуум хахтаан, кэнсиэрбэлээн кэбиһэбит. Салгыы батарабыт, атыыга таһаарабыт. Тоҥоруллубут балык улахан кээмэйин Дьокуускайга диэри, холодильникка уган, борохуотунан ыытабыт. Итинник ньмынанан тоҥоруллубут, астаныллыбыт балык хаачыстыбата олох атын, сибиэһэй буолар, онон атыыга да хамаҕатык барар. Быйыл бары общиналарга, кооперативка уомул квотатын улаатыннаран туралларынан, уомулга бары саба түһэн үлэлэһиэхпитин наада. Оннооҕор былырыыҥҥы курдук уустук сылга — уомул тахсыбатах, күндүөбэй олох мөлтөхтүк өксөйбүт дьылыгар, куһаҕана суохтук үлэлээбиппит. Онон быйыл бары общиналар, балыксыттар былааны толорон, дохуот аахсыахпыт, саҥа сыахпытын үлэлэтиэхпит диэн эрэллээхпит. Билигин балыгы соҕотуопкалааһыҥҥа тутар сыананы быһаара сылдьабыт, бу күннэргэ бырабылыанньа мунньаҕар көрүллүөҕэ.
— Кэпсээниҥ иһин махтал.