Эдьигээн ыччата олоххо көхтөөх

489

Билиҥҥи кэмҥэ үөрэхтээһин, идэни талыы үлэ ырыынагын кытта ыкса сибээстээх буолан, тэҥҥэ хардыылаан иһэллэр. Онон тохсус кылаас кэнниттэн оҕо бэйэтэ баҕарар идэтин талан үөрэнэригэр толору кыах баар, онуоха сөптөөх усулуобуйа эмиэ оҥоһуллар.


Денис Никифоров, Афоня Анисимов былырыын Эдьигээн орто окуолатын тохсус кылааһын бүтэрэн баран, Нам улууһугар Граф биэрэгэр Намнааҕы техникумҥа үөрэнэ киирбиттэрэ. Уолаттар инники олохпутугар наадалаах диэн, автомеханик-слесарь идэтин талбыттара.

Билигин бастакы куурустарын этэҥҥэ түмүктээн, сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар дойдуларыгар кэлэ сылдьаллар. Иккиэн устудьуоннар тутар этэрээттэригэр үлэлииллэр. Онон күн бокуойдара суох. Ол да буоллар быыс булан, бу күннэргэ Денистээх Афоняны кытта көрсөн кэпсэттим.

Былырыын тохсус кылаас кэнниттэн аттестаппытын ылан баран, тута Граф биэрэгэр Намнааҕы техникумҥа туттарса барбыппыт. Аттестаппыт сыаналарынан баал таһаарбыттара. Хата, техникум ирдиир баалларыгар эппиэттэһэр буолан, киирэн хаалбыппыт. Инникитин олохпутугар туһалаах, наадалаах буолуо диэммит автомеханик-слесарь идэтин талбыппыт. Бэйэбит баҕаран туран киирбит үөрэхпит буолан, сөбүлүүбүт. Техникумҥа киирбиппититтэн кэмсиммэппит, — диэн уолаттар кэпсииллэр.

Уолаттар техникумҥа икки сыл уон ый үөрэнэллэр. Икки сыл оскуола программатын бараллар, ону кытта кыралаан талан ылбыт идэлэригэр уһуйуллаллар. Онтон ситии-хотуу аттестатын ылан баран, уон ый устата автомеханик-слесарьга толору үөрэнэн, диплом, ону кытта массыына ыытарга «А», «В», «С» категорияларга быраап ыларга туттарсыахтара.

Бу идэҕэ бастаан 42 оҕо киирбитэ, билигин сыыйыллан-сыыйыллан 29 буолан хааллыбыт. Сорохтор сөбүлээбэккэ, сорохтор кыайбакка бардылар. Урут автомеханик идэтэ аҥардас уолаттарга эрэ наадалаах курдук көрөр этибит. Миэстэтигэр тиийэн билбиппит, кыргыттар эмиэ интэриэһиргиир идэлэрэ эбит. Курспутугар Муоматтан сылдьар биир кыыстаахпыт. Аймахтарыгар бары кыргыттар, аны бары кэриэтэ массыыналаахтар эбит. Техника алдьаннаҕына оҥорор киһибит суох диэн автомеханик идэтигэр үөрэнэ кэлбит. Онон киэҥ сиринэн сырыттахха киһи билэрэ-көрөрө элбэх, — диэн лоп-бааччы кэпсээннээх буолан биэрдилэр уолаттарбыт.

Техникум үөрэнээччилэрин күннээҕи олохторо сарыарда алта чаастан саҕаланар. Суунан-тараанан сэттэ чааска сарсыардааҥы аһылыктара буолар. Онтон күнүс биир аҥарга диэри үөрэхтэрэ. Эбиэттэн киэһэ эбии дьарыктар, уруок ааҕыыта. Иккиэн «Долун» ырыа вокальнай ансаамбылыгар дьарыктаналлар. Нам улууһугар ыытыллар ырыа куонкурустарыгар, кэнсиэрдэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Тулагыга ыытыллыбыт республикатааҕы ырыа куонкуруһугар кыттан миэстэлэспиттэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар Москваҕа ыытыллар фестивальга кытта бараллара былааннанар.

Афоня Анисимов өссө мас тардыһыытынан дьарыктанар. Быйыл Нам улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт Спартакиадаҕа 50 киилэҕэ иккис миэстэни ылбыт. Саҥа саҕалыыр киһиэхэ улахан ситиһии.

Техникум тутааччы, сварщик, повар-кондитер, автомеханик идэлэригэр үөрэтэр. Республика араас муннуктарыттан 300-кэ оҕо түмсэн үөрэнэр. Олорор уопсайдаах. Босхо аһаталлар. Уопсайга олорорбут иһин сылга биэс мөһөөгү төлүүбүт. Ыйдааҕы стипендиябыт 1 тыһ. 476 солк. Туйгун үөрэхтээх, көхтөөх буоллаххына бу суумаҕа бириэмийэ эбиллэр. Куратордарбыт, иитээччилэрбит эйэҕэс баҕайылар. Үөрэтэллэрэ наһаа интэриэһинэй. Оскуола программатын таһынан, быйыл массыыналар двигателлэрин үөрэттибит. Холобура, бүтэһиктээҕин «Жигули» массыына мотуорун үөрэппиппит, — диэн салгыы кэпсииллэр.

Үөһэ ахтан ааспыппыт курдук, уолаттар дойдуларыгар да кэлэн бэлэмҥэ сыппаттар: «Харчы наада. Наар дьоммут бэлэмигэр сылдьыбат буоллахпыт дии. Ол иһин сайыҥҥы кэмҥэ устудьуоннар тутар этэрээттэригэр киирэммит, порка үлэлии сылдьабыт. Сүрүн үлэбит — эргэ тутуулары көтүрүү, ону таһынан бөҕү-сыыһы хомуйуу. Эдьигээн үбүлүөйүн көрсө бөһүөлэги ыраастыыбыт, өрө тардабыт. Ону таһынан Денис Уолбаҕа Локурга тахсан, от үлэтигэр көмөлөстө. Кэмигэр баран-кэлэн иһэбит. Барытын бэлиэтииллэр, хонтуруоллууллар. Онон хойутаабакка, бэриллибит үлэни эппиэтинэстээхтик, кэмигэр толорорго кыһаллабыт», — дииллэр эдэр дьон.

Денистээх Афоня инники быллааннарыгар аан бастакынан армияҕа сулууспалаан ытык иэстэрин төлөөһүн буолар. Салгыы Денис ЫБМС хайысхатынан үөрэнэр баҕалаах, Афоня промышленноска вахтовай ньыманан үлэлиир соругу туруорунар.

Дьиэбититтэн ыраах сылдьарга үөрэннибит. Таҥаспытын-саппытын, аспытын-үөлбүтүн барытын бэйэбит дьаһанар буоллубут. Барыта бэйэҕиттэн тутулуктааҕын өйдүүбүт. Туруоруммут сыалбытын ситиһиэхтээхпит диэн чопчу биир соруктаахпыт, — итинник санаалаах олох киэҥ аартыгын устун хардыылаан иһэллэр Эдьигээн ыччаттара Денис Никифоров, Афоня Анисимов.