Эдьигээннээҕи «Һоктолар» Ёрдынскай оонньуулар түһүлгэлэригэр кытыннылар

601

Иркутскайга ыытыллыбыт VI Аан дойдутааҕы «Ёрдынскай оонньуулар» фестивальга Эдьигээн улууһуттан «Һокто» ансаамбыл ситиһиилээхтик кытынна. Ансаамбыл кыттааччыта Анна Афанасьевна Яковлева хайдах, туох кыттан кэлбиттэрин туһунан биһиэхэ анаан-минээн кэпсээтэ. 


Евразия аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторугар-дьаһахтарыгар «Ёрдынскай оонньуулар» диэн этно-култуурунай фестиваль бэлиэ суолталаах миэстэни ылар. Сылын аайы Россия бары субъектарыттан үгүс элбэх кыттааччылары түмэр. Быйылгы VI Ёрдынскай оонньууларга биһиги оройуоммутуттан «Һокто» фольклорнай ансаамбыл кыттыыны ылан кэллэ.

— Анна Афанасьевна, «Һокто» ансаамбыл аатырар «Ёрдынскай онньууларга» кыттыыны ылыыта хайдах, туохтан ситимнэнэн барбытай?
Биһиги ансаамбылбыт былырыын Үөһээ Бүлүүгэ «Түһүлгэ» этно-култуурунай фестивальга кыттыыны ылбыта. Онно искусствоведениеҕа уонна хореографияҕа наука кандидата Сима Петровна Толстякова «Һокто» ансаамбылбытын бэлиэтии көрөн, бу ансаамбыл «Ёрдынскай оонньууларга» кыттыыны ылыан сөп диэн СР Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр ходатайстволаабыт. Сима Петровна этиитин министиэристибэҕэ өйөөн, оонньуулар тэрийэр кэмитиэтигэр биһиги презентациябытын ыыппыттар. Ол түмүгэр «Һоктолар» ыҥырыы тутан, кыттыыны ылан кэллибит. Онон маннык улахан эппиэтинэстээх тэрээһиҥҥэ кыттарбытыгар кыаҕы биэрбит, биһиэхэ итэҕэйбит Сима Петровнаҕа улаханнык махтанабыт.

Эбэҥки төрүт култууратын сөргүтэ сылдьар ансаамбыл бу улахан тэрээһиҥҥэ тиийэн, олус элбэҕи билэн-көрөн кэллэххит дии?
— Оннук. Бу тэрээһин Иркутскай уобалас Ольхонскай оройуонун Еланцы бөһүөлэгиттэн 7-8 км. тэйиччи сытар Ёрд хайа Ехэ Ёрд уонна Бага Ёрд диэн ытык чыпчаалларыгар ыытыллар. Бу ытык сири үс өттүттэн хайа, төрдүс өттүттэн Байкал күөл төгүрүйэр. Маннык олус кэрэ, дьикти көстүүлээх сиргэ быйыл Россия субъектарыттан — Иркутскай, Архангельскай уобаластартан, Красноярскай, Алтайскай уонна Хабаровскай кыраайтан, Бурятия Тыва, Алтай, Хакасия, Кыргызтан, Калмыкия, Казахстан, Саха Республикатыттан, ону ааһан Монголияттан, Кореяттан кыттыыны ыллылар. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын сөргүтэн, норуоттарын тыынын эттэригэр-хааннарын иҥэринэн илдьэ сылдьыыларыгар, мин аҕыйах ахсааннаах норуот бэрэстэбиитэлэ буолабын диэн бэйэни киэн тутта сананыы, өбүгэ ситимэ диэн олус улахан кыахтаах буоларын көрдүбүт, Аан дойду таһымыгар олус үрдүктүк тутулларын көрөммүт астынныбыт.
Балаһыанньа быһыытынан, кыттар ансаамбыл састааба 15 киһиттэн аҕыйах буолуо суохтаах этэ. Айаммытыгар кэккэ мэһэйдэр үөскээннэр, ити ирдэбилгэ кыайан хапсыбат түгэннэр үөскүүр балаһыанньалара эмиэ баара. Хата, Дьокуускай куоракка олорор ыаллар Степан, Светлана Ивановтар, Гаврил, Пелагея Артамоновтар сөбүлэһэн, маннык улахан түһүлгэҕэ хайаан да кыттаргыт наада диэн биһиэхэ утары баран, сүрдээҕин көмөлөстүлэр. Бэйэлэрин массыыналарынан ыал аҕалара суоппардаан, кэргэттэрин кытта ансаамбылга киирсэн, толору састаабынан кытынныбыт. Ону таһынан «Һоктолар» оҕолоро, сиэннэрэ үһүс кылаас үөрэнээччилэрэ Анжелина Иванова, Саша Сулаева, иккис кылаас үөрэнээччитэ Сардана Вензель уонна «Орончикан» оҕо саадын ииттиллээччитэ Савва Жирков бэйэбитин кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьыһан, кыттан кэллилэр. Онон бары биир киһи курдук олус түмсүүлээхтик, эйэлээхтик сырыттыбыт. Ол түмүгэр Сахабыт сирин, үбүлүөйдээх Эдьигээммит аатын чиэстээхтик ааттаттыбыт. Фольклорнай ансаамбыл быһыытынан үлэбитин киэҥ түһүлгэҕэ үчүгэйдик көрдөрдүбүт. «БайкалДар» диэн туристическай базаҕа түһэ сырыттыбыт.

— Анна Афанасьевна, ханнык нүөмэрдэри көрдөрдүгүт уонна дьэ, туох ситиһиилэннигит?
— Уопсайынан, бу тэрээһин сэттэ хайысханан ыытылынна: «Ёрдынскай оонньуулар кырасаабыссата», Евразия норуоттарын төрүт хоровой үҥкүүлэрин, этническай музыка, этническай көстүүм фестиваллара, научнай-практическай конференция, норуот маастардарын оҥоһуктарын дьаарбаҥка-быыстапката, спортивнай оонньуулар. Саха сириттэн 100-кэ киһиттэн састааптаах делегация бу сэттэ хайысхаҕа барытыгар кыттыыны ылла. Биһиги, «Һокто» бөлөхпүт, төрүт хоровой үҥкүүгэ дипломант аатын ыламмыт, 10 тыһ. солк. харчылаах сертификаты туттубут. «Нити времени» диэн этническэй көтүүм фестивалыгар Тамара Винокурова «По зову предков», Евдокия Константинова «Радуга Заполярья», эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлиир «Асавкан» куруһуок «Праздничная одежда эвенков» диэн ааттаах эбэҥкилии таҥастарын коллекцияларын көрдөрдүбүт. Эмиэ дипломант аатын ылан, 10 тыһ. суммалаах сертификаты туттардылар. Олус биһирээтилэр, сэргээтилэр. Аны хоровой үҥкүүгэ бу кэлбит омуктарга үксүлэригэр йохарьё баар эбит. Биһиги соһуйабыт, кинилэр соһуйаллар. «Биир уҥуохтан оҥоһуллан, омук быһыытынан тэнийэн сылдьабыт», — диэн бурят эбэҥкилэрэ биһигини олох аймахтарын курдук ылынан ыалдьыттаттылар.
Олус элбэх омук түмсэр сирэ эбит. Саха сирэ, Бурятия, Иркутскай уобалас, Ольхонскай оройуон бэйэтэ, Эхирит-Булагатский, Баяндаевскай оройуоннар юрталара, бурят норуотун култууратын киинэ бааллар.
Ылбыт бирииспитигэр эбэммит, Дьокуускай куоракка кэлэн, фотоаппарат атыыластыбыт.

— Анна Афанасьевна, кэпсээбитиҥ курдук, бу улахан түһүлгэҕэ Эдьигээн аатын ааттаппыккыт туһунан эмиэ ситиһии диэн сыаналыахха сөп.
— Оннук ээ. Аны Эдьигээнтэн кытта кэлбиппитин истэн, араас сылларга Эдьигээҥҥэ үлэлээбит, Эдьигээҥҥэ таарыйан ааспыт дьон кэлэн көрүстүлэр. Холобура, Эдьигээн орто оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын үөрэппит учууталбыт Елаева Татьяна Хогоевна кыыһа Лена кэлэ сырытта. Татьяна Хогоевна бэйэтэ сатаан кэлбэтэх. Улахан эҕэрдэтин ыыппыт, Эдьигээни олус ахтарын, истиҥник саныырын туһунан тиэрдибит. Нина Николаевна Хандарованы билэр дьон олус элбэхтэр Иван Михайлович Соломонову кытта ветеринардар быыстапкаларыгар, билигин бу хайысхаҕа киирэ турар саҥа технолгиялары, эмтэри-томтору, аныгы ветеринария ситиһиитин көрдөрөр наһаа үчүгэй, сонун тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт. Саха госуниверситетыгар бииргэ үөрэммит доҕорбутун Эдуард Бадулуевы соһуччу көрсөн, үөрүү-көтүү бөҕөтө буоллубут. Уолбут Иркутскайдааҕы государственнай университекка ветеринария факультетыгар преподавателлыыр эбит, ветеринарнай наука доктора буолбут. Саха сирин юртатыгар Иркутскай уобалас губернаторын С.Г. Левченконы эбэҥки сиэринэн-туомунан көрсөн ыалдьыттаттыбыт. Губернатор түмсүүлээх омук эбиккит диэн олус үрдүктүк сыаналаата. Салайааччыбыт Евдокия Спиридоновна Алексеева Иркутскай эбэҥкилэрин кытта сибээс олохтоото. Аны күһүн Дьокуускай куоракка Эдьигээн күннэрин чэрчитинэн ыытыллар «Аюкта» фестивальга кыттарга анаан-минээн ыҥырыыны туттарда.

— Анна Афанасьевна, сэргэх кэпсээнин иһин махтанабын. Түмүккэ буоларын курдук үгэскэ кубулуйбут ыйытыыны биэриэхпин баҕарабын — инникитин туох былааннааххыт?
— Ёрдынскай оонньууларга кыттаммыт, эһиилги сылга Бурятияҕа, Монголияҕа ыытыллар фестивалларга ыҥырыыны туттубут. Онон ансаамбылбыт иннигэр, этэргэ дылы, саҥа аартыктар арыллан иһэллэр. Биллэн туран, ол барыта салайааччыларбыт Евдокия Спиридоновна Алексеева уонна Прасковья Иннокентьевна Шадрина сыралаах үлэлэрин түмүгэ. Оонньууларга кыттарбытыгар эрдэттэн сайаапка биэрэн, түһэр, тиийэр сирбитин барытын Евдокия Спиридоновна эрдэттэн быһаарсан, сүүрэн-көтөн элбэх үлэни көрсүбүтэ. Аны Иркутскайга тиийэн, куонкуруска кыттарбытыгар, ыйан-кэрдэн, билигин онно барабыт, онтон манна кэлэбит диэн барытын орун-оннугар, кэмигэр быһаарсыбыт ансаамбылбыт старостатыгар Евдокия Николаевна Константиноваҕа махтанабыт. Биллэн туран, суоппардарбытыгар, куорат ыалларыгар Ивановтарга, Артамоновтарга. Уһун айаны айаннаатыбыт: барарбытыгар үс хонук, кэлэрбитигэр түөрт хонук. Ансаамбыл кыттааччылара үксүбүт бары пенсиялаах дьоммут. Ыйдааҕы пенсиябытын, араас куонкурустарга кыттан, бириис быһыытынан ылбыт харчыбытын мунньан-тараан кыттан кэллибит. Уһун айаҥҥа аттаныахпыт иннинэ Дьокуускайга Мария Ивановнаҕа сылдьан, арчыланан, алгыс үтүө тылын истэн барбыппыт. Кини үтүө тыла айаммыт утатын тухары арчылаан, суолбут арыллан, бэркэ сылдьан кэллибит.