Горнай улууһун Кировскайыгар эдэр киһи Антон Кардашевскай 100-тэн тахса сылгылаах

124

Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар киирэн олордохпуна, эдэр киһи уон гектаар сириттэн 28 оту ылбытын кэпсээтэ. Эдэр киһи 10 гектар сири оҥостон, «пырей» диэн элбэх сыллаах оту ыһан ылбыт.


Антон Иванович Кардашевскай Кировскай нэһилиэгин олохтоох ыччата. Бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн сылгынан дьарыгырбыт буолан, куруук да кэриэтэ тыанан, сыһыынан сылдьар эбит.

Чаҕылхай ыччат Сахабыт сиригэр да баар эбээт. Антон номнуо 100-тэн тахса сыспай сиэллээҕи ииттибит. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска да бачча сылгылаах киһи ахсааннаах буолуохтаах. Онтон бачча сылгы хаһаайыстыбалаах ыччат өссө аҕыйаҕа биллэр.

— Хайдах саҕалаабыккыный?

— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биир биэттэн уонна биир убаһаттан саҕалаабытым. Эргэ МТЗ тыраахтары «Минскэй» матассыыкылга атастаһан, сылы быһа хомуйан, таҥан, сүүрдэн, хаһаайыстыбабар туттубутум. Оскуоланы бүтэрэрбэр номнуо түөрт биэлээҕим. 2004 сыллаахха бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэбин-хамнаспын олохтоохтук саҕалаабытынан барбытым. Хайа да хаһаайыстыба күрүөлээх-хаһаалаах эрэ буоллаҕына, үлэтэ тахсыылаах буолар. Онон билигин түөрт биэрэстэттэн ордук сири күрүөлээн, отун оттуубун.

Антон аҕата Уйбааны кытта уол үлэлиир сирин-уотун көрдүбүт. Күрүө диэтэххэ, арааһа сымнатыы соҕус буолуо эбитэ дуу. Тоҕо диэтэххэ, киһи кууһар баҕана мастартан оҥоһуллубут, түөртүү сиэрдийэ сааллыбыт сүҥкэн тутуулар буолан биэрдилэр. Аны көннөрү ходуһа сири күрүөлээбэккэ, наар маары, талаҕы күрүөлээн, онтун тыраахтарынан дэлби күртэрэн сирин оҥорбут.

Туох да диэбит иһин, улахан үлэ барбыта тута хараххар быраҕыллар. Сэмээр, бу үлэҕэ киириэх иннинэ көмө харчы ылбыккыт дуу диэн ыйыппыппар, «Суох» диэтилэр. Ол аата ороскуоту аахсыбакка, үлэ бэйэтин тэтиминэн баран истэҕэ. «Хас алдьаныыны, сүтүүнү ааҕыстахпына, үлэлээбэтэҕим көнө буоллаҕа», — диэн Антон Иванович бэйэтин санаатын үллэстэр. Сир оҥоруутугар анаан эргэ ДТ тыраахтары атыыласпыттара көмө буолбут. Чахчыта, кыахтаах эрэ техника тоҥ буору тоҕута тардыталаан эрдэҕэ.

Базаҕа тиийэн көрдөххө-иһиттэххэ, барыта уурбут-туппут курдук. Кыһамньылаах илии ылсыбыта тута харахха быраҕыллар. Икки улахан техника киирэр гарааһа, сайыннары туттуллар оҥкучахтаах ампаар, баанньык, хас да киһи холкутук батар сылгыһыт дьиэтэ туох да ордук хоһо суох тутуллубуттар.

Дьиэ аттынааҕы хаһааҕа биир үөр буолуохтаах убаһалар аһыы тураллар.

Бачча улахан хаһаайыстыба син эмиэ кыһалҕалаах буолан эрдэҕэ. Ону ыйыппыппар, хаһаайыстыба салайааччыта Антон Иванович сир боппуруоһа олус сытыытык турарын эттэ. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар, онон айаҕын ииттинэн олорор эдэр киһиэхэ сиртэн ордук туох наада буоллаҕай?! Манна, мин санаабар, олохтоох дьаһалта таба көрөн, сыаналаан, кэскиллээх ыччатыгар сөптөөх көмөнү оҥороро эбитэ буоллар.

Нэһилиэк сыллааҕы сыыппараларыттан көрдөххө, Кировскайга билиҥҥи туругунан, 700-тэн тахса сылгы баар. Онтон 100-тэн тахсата, бу эдэр киһи илиитигэр баара хайҕаллаах суол. Эдэр киһи үлэтэ-хамнаһа син биир, айылҕа, олох сокуонугар олоҕуран сайдар, үүнэр кэскиллээх. Онон Антон Иванович үлэтин чыпчаала өссө да иннигэр диэн эрэниэх тустаахпыт.

Хаһан баҕарар киһи холобур оҥостор, хайа да кэмҥэ күөн туттар киһилээх буолар. Оннук дьонноох киһи олоххо да тардыһыыта күүстээх буолааччы. Антон Иванович аҕата Уйбаан бэйэтэ сүүрбэттэн тахса сыл инбэлиит кэлээскэтигэн сырыттар, олоххо тардыһыыта олус күүстээх. Массыынанан сылдьан уолун Антон сылгыларын көрсөр. Сайынын тыараахтарынан от оҕустарар. Ханнык сылгы ханна тиийбитин, быстыбытын, туругун кэмигэр көрөн, этэн, сөптөөх быһаарыныылары уталыппакка ылсар. Холобур, ханнык кулун хайа биэ оҕото буоларын, ол биэ хайдах дьүһүннээҕин барытын, анал тэтэрээккэ сурунар идэлээҕэ кэрэхсэбиллээх. Уйбаан аҕа быһыытынан уола сөбүлүүр дьарыгынан үүнэригэр-сайдарыгар, чахчы, сүҥкэн оруоллаах, сабыдыаллаах. Өрөспүүбүлүкэ, улуус сайдыыта маннык ыччаттаах буоллаҕына, кэскиллээх, сарсыҥҥыга эрэллээх. Ону кэмигэр таба көрөн, туох күүс баарынан көмөлөһөн, сөптөөх, кэскиллээх сүбэни биэрдэххэ, эдэр дьон сайдар, үүнэр эрэ аналлаахтар.