Улуус баһылыгын бирииһигэр «Хаҥалас хапсаҕайа» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах турнир ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Илья Петрович Кондратьев сырдык кэриэһигэр буолар. Быйылгы дьыл муҥутуур кыайыылааҕын быһаарар күрэхтэһии XXI төгүлүн Покровскайга олунньу ый 3-4 күннэригэр бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Улахан турнирга барыта 25 улуустан уонна Ис дьыала министиэристибэтиттэн, Манчаары Баһылай аатынан “Модун” саха национальнай спорт көрүҥүн кииниттэн, ХИФУ-тан 325 бөҕөс, ол иһигэр Хаҥалас улууһуттан 64 хапсаҕайдьыт кытынна. 53 Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара күөн көрүстэ. Кылаабынай судьуйанан Андрей Яковлев, сэкирэтээринэн Иван Алексеев үлэлээтилэр.
Түһүлгэҕэ бөҕөстөр хара маҥнайгыттан сытыытык-сылбырҕатык тустан истилэр. Барыллааһын хапсыһыыларга бэлэмнээх тустууктар утарсааччыларын түҥнэритэ көтүөлээн, кыайыы көтөллөнөн, иннилэрин диэки дьулуруйан истилэр. Кэтэсиһэн-кэтэмэҕэйдэһэн турбакка утарылаһааччыларын икки атаҕар киирэн көтөҕөн таһааран быраҕыылар, утарыта атахтааһыннар, түргэннээһиннэр, атах ис өттүттэн олуйан охторуулар, умсарыта тардыылар, тоҥолохтон тутан эрийэ тутан охторсуулар дьон интэриэһин тартылар. Тустууну таптааччылар хаһыыларынан-ыһыыларынан спортсаала ньиргийэн олордо. Финалга тахсар иһин иккис күн устата тустан күлүмнэттилэр.
Кыһыл Үрүйэттэн бу турниры көтүппэккэ киирэн көрөр, И.П. Кондратьев табаарыһа, үөлээннээҕэ, 80 сааһын лаппа ааспыт кырдьаҕас А.Е. Тихонов:
— Илья Петрович курдук тустубут киһи аҕыйах буолуо. Кини сааһырыар диэри тустубута, биһиги хаҥаластар Илья Петровиһы улаханнык ытыктыыр киһибит. Кини тустууга да, спорт тэрээһинигэр да үгүс-элбэх сыратын биэрбит киһи. Онон бу сыл аайы ыытыллар күрэхтэһиигэ үөрэ-көтө кэлэбит. Бу күрэхтэһии тэрээһинэ өрүү үрдүк таһымнаах буолар. Онтон хамаандалары этэр буоллахха Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы бөҕөстөрө ордук курдуктар. Биһиги дьоммут, хаҥаластар да, хаалсыбакка иһэллэр. Эдэр ыччаттар бырахсыы бөҕөлөрө эбит. Тустуу сыл аайы тупсан, сайдан иһэр, ким кыахтаах кыайар.
Быйылгы турнирга видеокамералар тустар түһүлгэ түөрт өттүгэр олус табыгастаахтык туруоруллубут буоланнар, тустууктар ким урут көбүөрү таарыйбытын судургу быһааран, турнир улахан мөккүөрэ-балыйсыыта суох ааста диэххэ сөп.
Муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар хапсыһыыларга барыта 7 ааттаах-суоллаах бөҕөстөр суруттаран, сэрэбиэй тардан, утуу-субуу киирэн быһаарсан истилэр. Быһаарсыылаах тустууга утарсааччытын баһыйа тутан, Үөһээ Бүлүү бөҕөһө Увар Тимофеев кыайда, сүрүн бирииһи — бэдэр тириитин санныгар быраҕынна, сүүнэ улахан омук тэлэбиисэрин үөһэ күөрэччи көтөхтө! Онон, кини Хаҥалас хапсаҕайын үс төгүллээх (2015, 2017, 2018 сс.) муҥутуур кыайыылааҕынан буолла!
Улахан хапсаҕай түһүлгэлэрин көрөөччүгэ-ыалдьааччыга сырдатар, бөҕөс үгүс кыайыыларын-хотууларын кэпсээн-ипсээн, күрэхтэһии күүрээнин сытыырҕатар А.В. Васильев-Көрдүгэн үгэс курдук быһа күүдэпчилэнэн олордо.
«Хаҥалас хапсаҕайа» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах турнир кыайыылаахтара уонна призердара:
Эр дьон 55 кг. — (45 бөҕөс, 3 спорт маастара)
1 миэстэ – Дмитрий Варламов, (Чурапчы)
2 миэстэ – Иван Лопатырев, (Үөһээ Бүлүү, спорт маастара)
3 миэстэ – Айаал Лыткин, (Мэҥэ Хаҥалас, спорт маастара)
62 кг — (64 бөҕөс, 9 спорт маастара)
1 миэстэ – Владимир Романов, (Хаҥалас, спорт маастара)
2 миэстэ – Михаил Охлопков, (Хаҥалас)
3 миэстэ — Олег Федотов, (Үөһээ Бүлүү)
70 кг — (60 бөҕөс, 6 спорт маастара)
1 миэстэ – Рустам Прокопьев, (Үөһээ Бүлүү, спорт маастара)
2 миэстэ – Егор Иванов, (Үөһээ Бүлүү, спорт маастара)
3 миэстэ — Очиржап Очиржапов, (Хаҥалас)
80 кг — (52 бөҕөс, 12 спорт маастара)
1 миэстэ –Афанасий Матвеев, (Бүлүү, спорт маастара)
2 миэстэ – Рустам Машарипов, (Өймөкөөн, спорт маастара)
3 миэстэ – Дмитрий Акимов, (Бүлүү, спорт маастара)
90 кг – (24 бөҕөс, 24 спорт маастара)
1 миэстэ – Иннокентий Иннокентьев, (Үөһээ Бүлүү, спорт маастара)
2 миэстэ – Александр Халыев, (Таатта)
3 миэстэ – Платон Саввинов, (Үөһээ Бүлүү, спорт маастара)
90 кг үөһэ – (21 бөҕөс, 21 спорт маастара)
1 миэстэ – Алексей Сыроватскай, (Кэбээйи)
2 миэстэ – Увар Тимофеев, (Үөһээ Бүлүү, спорт маастара)
3 миэстэ – Петр Тимофеев, (Хаҥалас)
Бэтэрээннэр, 60 кг – (9 бөҕөс, 1 спорт маастара)
1 миэстэ – Алексей Дорожкин, (Хаҥалас, спорт маастара)
2 миэстэ – Александр Протопопов, (Нам)
3 миэстэ – Дмитрий Монастырев, (Чурапчы)
70 кг – (21 бөҕөс, 8 спорт маастара)
1 миэстэ – Алексей Варламов, (Мэҥэ Хаҥалас, спорт маастара)
2 миэстэ – Иван Борисов, (Кэбээйи, спорт маастара)
3 миэстэ – Сергей Окороков, (Амма, спорт маастара)
80 кг – (16 бөҕөс, 4 спорт маастара)
1 миэстэ – Алексей Некрасов, (Дьокуускай к., спорт маастара)
2 миэстэ – Егор Сутаков, (Амма)
3 миэстэ – Дмитрий Васильев, (Дьокуускай к., спорт маастара)
90 кг – (6 бөҕөс, 2 спорт маастара)
1 миэстэ – Василий Бурмистров, (Таатта)
2 миэстэ – Николай Баттахов, (Амма, спорт маастара)
3 миэстэ – Айал Иванов, (Сунтаар/Ис Дьыала министиэристибэтэ)
90 кг үөһэ – (5 бөҕөс, 2 спорт маастара)
1 миэстэ – Александр Румин, (Нам, спорт маастара)
2 миэстэ – Валерий Иванов, (Үөһээ Бүлүү, спорт маастара)
3 миэстэ – Николай Устинов, (Амма).