Покровскай куорат 1 №-дээх оскуолатыгар үтүө үгэскэ кубулуйбут «Өбүгэ үгэһин утума” регионнааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ үһүс төгүлүн ыытыллан, үрдүк таһымнаахтык ааста. Бу күн оскуола иһэ хомус тыаһынан, хабылык оонньуутунан, олоҥхо тойугунан, киэҥ түһүлгэлээх оһуохайынан, кырыымпа, табык тыаһынан ньиргийдэ.
Бэстэбээл сааскы сынньалаҥ саҕаланыыта ыытыллан, ыраах улуустан тиийэ кыттан, үгүс улуус оҕолорун түмэн, барыта 300 тахса үөрэнээччи кытынна. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара сэттэ секциянан үлэлээтилэр.
Мин тус бэйэм олоҥхо секциятыгар дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээтим. Миигин кытта өр сыллар устата бу оскуолаҕа төрүт култуура предметын биэрбит учуутал, билигин А.Е.Кулаковскай аатынан култуура киинигэр норуот айымньытын фондаҕа салаатыгар специалиһынан үлэлиир Азияна Филипповна Харлампьева, бу оскуола алын кылааһын учуутала Айталина Алексеевна Кузьмина үлэлээтилэр. Бу күөн күрэскэ Үөһээ Халыма – Арыылаах, Мэҥэ Хаҥалас – Дьабыл, Майа эбии үөрэхтээһин киинэ, Дьокуускай куорат, Сунтаар – Бордоҥ, Ньурба – Сүлүн, Нам, Таатта – Харбалаах, Уус Алдан улуустара, Хаҥалас – Покровкай 1 №-дээх оскуолата, Өктөм, Хоточчу, 1-кы Дьөппөн, Улахан Аан оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, барыта уон бөлөх уонна 13 биирдиилээн кыттааччы.
Балаһыанньа быһыытынан 4 кылаастан үөһэ диэн этэ да, дьүүллүүр сүбэ сүбэлэһэн баран, иччэ бэлэмнэнэн кэлэн кыттыбыт оҕолору учуоттаан, олох чахчы чаҕылхайдык олоҥхолообут оҕолорго, алын кылаастарга бочуоттаах миэстэни анаатыбыт. Көрүү түмүгүнэн бириистээх миэстэҕэ таҕыстылар:
Биирдиилээн толорууга:
Гран-при: Семенова Аля, 8 кылаас үөрэнээччитэ (Ньурба).
Лауреаттар:
1 – Андреева Ариана, 5 кылаас (Уус Алдан).
2 – Яковлев Сергей, 9 кылаас (Сунтаар).
1 миэстэ: Слепцов Эльдар, 1 кылаас (Нам).
2 миэстэ: Ноговицына Дора (Сунтаар).
2 миэстэ: Саввинов Георгий, 2 кылаас (Үөһээ Халыма).
3 миэстэ: Яндреева Диана, 9 кылаас (Хоточчу).
3 миэстэ: Иванова Маша (Уус Алдан).
Бөлөҕүнэн толорууга:
1 миэстэ: «Саһарҕа» фольклорнай бөлөх (1-кы Дьөппөн).
2 миэстэ: «Дьээ-буо» фольклорнай бөлөх (Уус Алдан).
3 миэстэ: «Дуолан» фольклорнай бөлөх (Үөһээ Халыма).
3 миэстэ: 1 №-дээх оскуола фольклорнай бөлөҕө (Покровскай).
Анал бириистэр:
«Олоҥхо ырыатын үрдүк таһымнаахтык толорбутун иһин» Софронова Ася, 9 кылаас (Покровскай)
Понохова Надежда Николаевна анал бирииһэ – Бурнашев Андрей, 7 кылаас ( Үөһээ Халыма).
Дыраховтар дьиэ кэргэн анал бирииһэ – Ксенофонтова Сайаана, 5 кылаас (Уус Алдан).
Бэстэбээлгэ өрүү олоҥхоҕо үлэлэһэр буолан оҕолор сылын ахсын сайдан, толорор ньымалара тупсубутун бэлиэтии көрдүм, Намтан кэлбит Слепцов Эльдар уһулуччу талааннааҕын көрдөрдө, Үөһээ Халыма оҕото төһө да долгуйдар, күүстээх санаалаах, эппиэтинэстээх буолан олоҥхотун тылын син биир түмүктээтэ, аны Гран-При үрдүк ааты ылбыт Семенова Аля оһуокай күрэҕэр эмиэ бастаан, иккистээн үрдүк чыпчаалга таҕыста, олус талааннаах оҕолору истэн сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Салайааччыларга Нам Слепцова Анна Ильиничнаҕа, Үөһээ Халыма Бурнашева Айталина Ильиничнаҕа, Ньурба Николаева Зоя Самуиловнаҕа, Сунтаар Евсеева Елизавета Осиповнаҕа олус талааннаах оҕолору бэлэмнээн аҕалбыккытыгар махтанабыт, өссө да сыралаах үлэҕит үрдүккэ кынаттаатын.
Бу НПК оҕолор сайдалларыгар, талааннара арылларыгар төһүү күүс буолуо уонна инникитин бу күрэстэн кынат сапсынан култуура салаатыгар туһалаах специалистар тахсыахтара диэн бүк эрэллээхпин. Наҕараадалааһын кэнниттэн, Үөһээ Халыма уолаттара күргүөмүнэн тахсан А.Алексеев «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ» ырыаны өрө күүрүүлээхтик ыллаан, барыбытын сөхтөрдүлэр. Бэстэбээли түмүктээн баран, бары дьүүллүүр сүбэ, ыалдьыттар, тэрийээччилэри кытта түмсэн олорон санаабытын үллэһиннибит.