Үс үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ кытылыгар олохсуйан олорор, Саха саргыта салаллыбыт Урааҥхай удьуора ууһаабыт, Эркээни хочотун олохтоохторо, хаҥыл Хаҥалас талааннаах дьоһун-мааны делегацията кырылас кумах олбохтоох бүтэй Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар кытынныбыт.
Хаҥалас улууһун уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччыта Громова Сахаайа Владимировна көҕүлээһининэн, улууспут баһылыгын бастакы солбуйааччыта Ноговицын Федор Антоновыһы, Кытыл Дьура баһылыга Лотова Вероника Николаевнаны кытта 28 киһи буолан айан аартыгын арыйан, бэс мас киэргэллээх Бүлүүгэ тиийбиппитигэр, кыраныыссаҕа олохтоох дьон тойук дорҕоон ырыатынан үөрэ-көтө түһэрэн, алгыстаах алаадьынан, үрүҥ илгэ быйаҥынан айах тутан көрүстүлэр, барыбытын бииргэ түмэн, оһуокайдаан атаардылар.
Бүлүү куоратыгар бааһынай хааннаах, сэмэй майгылаах Александр Игорьевич уонна Ирина Иннокентьевна биһиги куратордарбыт буолан, үөрэ-көтө көрсөн педагогическай колледж уопсайыгар хонор сирбитин буллардылар.
Бары усулуобуйа баар сиригэр хонон туран, сынньаммыт дьон быһыытынан, сарсыардаттан сахалыы таҥаспытын сайбаччы таҥнан ыһыахтыыр сиргэ Хомустаахха тиийдибит.
Ыһыах дьонун-сэргэтин киирэр аантан Далбар мааны хотуттар арчылаан көрүстүлэр. Ыһыах сирэ олус элбэх тупсаҕай тутуутунан биһигини сөхтөрдө. Киин түһүлгэҕэ Олоҥхо ыһыаҕын киэн туттуута Аал Луук маспыт дьэндэйэн, киэркэйэн, дьону сөрүүргэтэн түөрт өттүттэн фонтанынан сүүрүгүрэ турара, киһи сүргэтин көтөхтө.
Ыһыах аһыллыытыгар отчут эр дьон хотуурдарын өрө анньан былыргылыы охсон күргүөмүнэн тахсыбыттара церемонияны олус диэн киэргэттэ, уус уолаттар кыстык тыаһынан көрүстүлэр, ытык кырдаҕас алгысчыт аал уотун оттон ыһыах дьонун алҕаата, кылыһахтаах куоластаах тойуксуттар бары күргүөмүнэн туойаннар, олоҥхо ыһыаҕын дьонун ураты турукка киллэрдилэр.
Музыка үрдүк чыпчаалыгар сүдү олоҥхобутун таһаарбыт М.Н.Жирков 125 сыллаах үбүлүөйүн өрө тутан, ытыгылаан суруйбут оператын театр ырыаһыттара сыралҕан куйааһы билиммэккэ, ытык киһибитигэр сүгүрүйэн киэн тутта толордулар, оҕолор барахсаттар сир симэҕэ буолан киэркэйдилэр, олоҥхолоон онолуттулар.
Бухатыыр кыргыттар күөн көрсөн соһуттулар. Олоҥхо ыһыаҕа сырдык тыыннаах аһыллыбытын астынным. Ыһыах режиссерыгар Валентина Якимецка биир дойдулаахтара махтанан, ытыгылаан «Бүлүү үлүүһун бочуоттаах олохтооҕо” ааты үөрүүлээх быһыыга туттардылар.
Дьон-сэргэ төһө да сыралҕан куйаас күн буолбутун иһин, бары толору миэстэҕэ олорон олоҥхо аһыллыытын болҕойон, тулуйан көрдүлэр.
Биһигини уонна Томпо улууһун делегациятын Бастакы тоҕус нэһилиэгэ Тыымпы олохтоохторо киирэр аантан айах тутан көрүстүлэр. Баһылыктара Захар Лукин нэһилиэгин дьонун билиһиннэрдэ, өйдөбүнньүк бэлэҕин күн дьөһөгөй статуэткатын бэлэхтээтэ. Тыымпылар эстрада ырыаһыттарынан биллэр буолан, туох баар киэҥ туттар ырыаһыттарын хаартыскаларын ыйаан туруорбуттар.
Чалбараҥ кэмигэр олохтоох эр дьон ырыаһыттара, дьахталлар ансаамбыллара ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр, эстрада чаҕылхай ырыаһыта Василий Еримеев ыллаабытын илэ харахпытынан көрөн, эт кулгаахпытынан истэн, кинилиин биир остуога асаһан дуоһуйдубут.
Биһиги өттүбүттэн эҕэрдэ ырыаларын анаатылар Лидия Харитонова, Пелагея Семенова,Сандра Сивцева, Александра Еверстова, Екатерина Рыкунова, «Тирэх» фольклорнай бөлөҕө.
Тото-хана аһаан баран бары ыытыллар күрэхтэргэ холоно ыстанныбыт. Ол түмүгэр ситиһии кынаттаах эргиллэн кэллибит:
«Олоҥхо – Айыы сиэрин түстүүр күүс» олоҥхо күрэҕэ туос моҕол ураһаҕа ыытылынна. Киирдэххэ сөрүүнэ, сыттыын-сымардыын чэбдигэ тупсаҕай тутуута киирбит эрэ киһини сөхтөрөр. Олоҥхону толорууга «Истээччи биһирэбилин” ылыан ылла, баар суох тумус туттар, үтүөкэн киһибит Семенова Пелагея Петровна. Ол гынан баран олоҥхоҕо номинацияламмыт дьоҥҥо аҥардас махтал суругу кытта туоһу сурук туттарбыттара өйдөммөтө. Пелагея Петровна «Дуорай, олоҥхо тойуга!» тойуксуттар күрэстэригэр эмиэ кыттан, «Уһун тыыннаах тойуксут» анал аатын ылан, 5000 солкуобай харчылаах сертификатынан наҕараадаланна. Оһуокай күөн күрэһэр кытынна да, дьүүллүүр сүбэ түөлбэ оһуокайыгар улахан суолтаны уурбата, онон төһө да иэйэн-куойан, хаҥалас хамсаныытын көрдөрбүппүтүн үрдүнэн, болҕомтоҕо да ылбатылар, саатар номинацияҕа тиксибэтэҕэ хомолтолоох.
«Дэгэйэ дьиэрэй, дэгэрэҥ ырыа!» күөн күрэһэр кыттыыны ыллылар: «Тирэх» фольклорнай бөлөҕө Ой нэһилиэгэ, Лидия Харитонова Покровскай куорат, Татьяна Слепцова Уулаах Аан, Александра Еверстова, Екатерина Рыкунова Кытыл дьуралар, Сандра Сивцева Тумул. Күрэс түмүгүнэн «Доҕутар дэгэрэҥ» анал аатын ылла Александра Еверстова, бирииһэ 3000 солк. сууммалаах сертификат.
«Дуорай, олоҥхо тойуга!» тойук күрэһэр кытыннылар: Пелагея Семенова, Лидия Харитонова, эдэрдэртэн Парасковья Лебедева, Екатерина Рыкунова, Александра Эверстова. Күрэс түмүгүнэн кыайыылааҕынан бастакы түһүмэххэ таҕыста Лидия Харитонова, 25000 солк. сертификатынан наҕараадаланна. Бары толорооччулар уот баран эт куоласпытынан ыллаатыбыт.
«Чэй, чабырҕахтаан чаҕаарыах!» чабырҕахсыттар күөн күрэстэригэр кыттан, «Кэскиллээх чабырҕахсыт» анал аатын ылла Күөрдэм эдэр ыччата Парасковья Лебедева, 3000 солк. сертификатынан наҕараадаланна.
«Оһуокай үҥкүүтэ – түһүлгэ үөрүүтэ» оһуокай күрэһэр эдэр ыччат аатыттан кытынна Өктөм нэһилиэгиттэн Василий Копырин. Олоҥхо күөн күрэһэр эдэр ыччаттан кытынна Парасковья Лебедева.
Уран уус идэлээх, иистэнньэҥ дьоммутуттан кыттыыны ыллылар Варфоломеева Вера Семеновна – Булгунньахтаах, Александрова Чия Спиридоновна — Күөрдэм, Белолюбская Мария Николаевна – Уулаах Аан, «Ситим» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ салайааччы Игнатьева Дора Сидоровна Ой нэһилиэгэ.
Күрэс түмүгүнэн үгэс буолбут саха таҥаһыгар анал ааты ылла Белолюбская М.Н., ат киэргэлигэр ситиһиилээхтик кытыннылар «Ситим» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ, 5000 солкуобай сертификатынан наҕараадаланнылар.
Хаҥаластар олоҥхо ыһыаҕын күөн-күрэстэригэр көхтөөхтүк кыттан, син бары кэриэтэ ситиһии көтөллөөх кэлэн астынныбыт. Түгэнинэн туһанан улууспут администрациятын үлэһиттэригэр транспорынан хааччыйбыттарынан махталбытын тиэрдэбит, эрэллээх, үрдүк категориялаах, уопуттаах суоппар уолаттарбыт сатабылларынан, туох да саахала суох иччэ ыраах дойдуттан сымнаҕастык айаннаан кэллибит. Онон уолаттарбытыгар барҕа махтал тылларын этэбит.
Култуурабыт салайааччытыгар, бары күрэхтэргэ тэбис-тэҥҥэ сылдьан, дууһатынан ыалдьан, барыбытыгар болҕомто уурбутугар, олус көхтөөхтүк сылдьыбыппытыгар Громова С.В аатыгар махталларын эттилэр.
Бу икки күн оһуокай өргө дылы дуораһыйда, араас тэрээһиннэр ыытылланнар, күн биллибэккэ ааста. Олоҥхо ыһыаҕын кэнниттэн баһылыкпыт солбуйааччыта Ноговицын Ф.А. Мииринэйгэ барыан иннинэ барыбытын түмэн махтанна, инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарда.
Быйылгы ыһыахха хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһилээх делегация баран хаҥыл Хаҥаластар ааттара олоҥхо түһүлгэтигэр элбэхтик ааттанна.
Аныгыскы Олоҥхо ыһыаҕа Алдаҥҥа ыытыллар, онон бары эрдэттэн бэлэмнэнэн, хомуллан, өссө халыҥ делегацияны тэрийэн барыахпытын наада диэн Громова С.В. баҕа санаатын эттэ.
Түмүкпэр Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр бөлөҕөр, сыа Бүлүү олохтоохторугар Хаҥалас делегациятын аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.