«Хотугу бөрөлөр» мууһу аннынан балыктааһын кыайыылаахтара

213

Эдьигээн нэһилиэгэр алтыс төгүлүн «Хотугу эргимтэ» мууһу аннынан балыктааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии буолан ааста.


Сүрүн бирииһинэн туруоруллубут «Буран» иһин, барыта сэттэ хамаанда күөн көрүстэ. Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы оройуоннарын хамаандалара, «Баахынай», «Аргыс» (Кыстатыам нэһилиэгэ), «Хотугу Хоһуун» (Эдьигээн орто оскуолата) уонна «North Wolf» (баһаарынай чаас) түргэн-тарҕан туттунуулаах хоһууннара кытыннылар.

Кинилэр балыкка, саамай түргэн балыксыт аатын иһин, үтүмэҕи түһэрии, буулдьанан ытыыга, бэйэни билиһиннэриигэ, илими таҥыыга илин-кэлин түһүстүлэр. Күндүөбэй күрэҕин хаамыытын Ю.Шамаев салайааччылаах Михаил Анастахов, Владимир Гаврильев, Леонид Соломонов, Афанасий Матвеев көрдүлэр-иһиттилэр, кыайыылаахтары быһаардылар.

Үөрүүлээх, долгутуулаах тэрээһиҥҥэ мустубут дьону-сэргэни СӨ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников, Ил Түмэн дьокутаата Иван Андреев, оройуоун баһылыга Алексей Мандаров эҕэрдэлээтилэр.

— Биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтата спортивнай тэрээһиҥҥэ болҕомтотун уурар. Сыл устата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 600 спортивнай күрэхтэһии ыытыллар. 2012 сыллаахха Эдьигээн оройуонугар бырабыыталсытыба отчуотун ыыппытым. Онно олохтоохтор туруорсубут социальнай суолталаах үгүс боппуостара, кыһалҕалара бу күҥҥэ диэри быһаарылла тураллар диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Оройуоҥҥа саҥа былыыһа, оҕо саада, Кыстатыам, Баахынай нэһилиэктэригэр саҥа хочуолунайдар тутулуннулар, Эдьигээн уулуссаларыгар уот-күөс баар буолла, — диэн вице-премьер бэлиэтээн эттэ.

«Хотугу эргимтэ-2016» былааҕын күөрэччи көтөҕөр үрдүк чиэс кырдьаҕас балыксыкка Н.И. Охлопковаҕа уонна күрэс саамай эдэр кыттааччытыгар Сарыал Корякиҥҥа тигистэ.

Икки күннээх күөн көрүсһүү кэнниттэн кыайыылаах аатын «North Wolf» баһаарынай чаас (А. Элляев, М. Вензель, В. Васильев) хамаандата ылла уонна «Буран» хаһаайынынан буолла. Кыстатыам нэһилиэгин «Аргыс» хамаандата (С.Корякин, Н. Лесовой, К.Овчинников) иккискэ тахсан холодильникка тигистилэр. Үһүстээбит Баахынай нэһилиэгиттэн убайдыы-бырааттыы Степан, Николай, Иван Антоновтар тоҥорор ларь тутаннар үөрдүлэр. Төрдүс миэстэҕэ тахсыбыт Мэҥэ Хаҥалас хамаандата (В. Неустроев, А. Неустроев, Н. Константинов) ылбыт бирииһин – компьютеры хамаанда састаабыгар киирэн балыктаспыт Эдьигээн хоһуунугар Николай Константиновка дьон-сэргэ ортотугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Бэһис миэстэҕэ «Хотугу Хоһууннар» Эдьигээн орто оскуолатын (А. Шадрин, М. Васильев, С. Корякин), алтыска – Чурапчы (И. Ксенофонтов, Р. Захаров, С. Пахомов) уонна сэттискэ Уус Алдан хамаандалара (В. Петров, Я. Говоров, А. Аммосов) таҕыстылар.

«Саамай кырдьаҕас балыксыт» диэн анал ааты И.П. Ксенофонтов, «Саамай эдэр кыттааччы» Сарыал Корякин буолла. «Ряпушка – 2016» — «North Wolf» баһаарынай чаас хамаандата, «Көлүөнэлэр ситимнэрэ» — Баахынай нэһилиэгин убайдыы-бырааттыы Степан, Николай, Иван Антоновтар хамаандалара, «Саамай түргэн балыксыт» — Николай Лесовой, «Ценный экземпляр» — «Баахынай» хамаандата ыллылар.

Күрэстэһии үгэнигэр күндүөбэйтэн астаммыт бүлүүдэ быыстапката ыытылынна. Манна киһи сөҕө, хайгыы көрөрө элбэх. Эдьигээн орто оскуолатын кэллэктиибэ күндүөбэйтэн 167 (!) ас арааһын астаан аҕалан, ыалдьыттары улаханнык сөхтөрдүлэр. Балыктан хот-дог, наггетсы курдук ыччат сөбүлүүр астарын кытта астаабыттар. Туйаара Егорова «Рафаэлло», торт арааһын кэчигирэппит. Өссө күндүөбэй миинигэр помидору буккуйан ураты амтаннаах утах оҥорбут. Эдьигээннээҕи эбии үөрэхтээһин киинин кэллэктиибэ бу балыктан «Живое серебро» диэн ааттаан ас-үөл эгэлгэтин рестораҥҥа курдук симээбитэ-киэргэппитэ сонуннук көһүннэ. Маннык бэйэлээх бүлүүдэни көрөн, мааны да гына оҥоро үөрэниэххэ баар эбит диэн астынныбыт. Кырдьаҕас балыксыт Н.И.Охлопкова сиэннэрин кытта күндүөбэйтэн былыр астыыр бүлүүдэлэрин көрдөрөн, амсатан элбэх киһи махталын ылла. Оройуон дьахталларын түмсүүтэ 150 устуука көмүс хатырыктааҕы ыыһаан, онтон ураһа тутан таһаарбыттарын бары сэргии көрдүбүт. Быыстапкаҕа интернат-дьиэ кэллэктиибэ, «Күн ийэлэр» эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ, «Аяралдын» вокальнай ансаамбыл көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Эстрада ырыаһыттара Эрчим, Дмитрий Лебедев ыллаан-туойан тэрээһини киэргэттилэр. «Саха» НКИХ «Геван» биэрии режиссера, телевидениеҕэ 47-ис сылын үлэлиир Анна Новгородова уонна Дьааҥы улууһун Сайдыытыттан төрүттээх оператор Александр Слепцов – Таас Кут күрэхтэһии хаамыытын уһуллулар. Кинилэр оройуон дьаһалтатын кытта кэпсэтии быһыытынан, эһиилги Эдьигээн 380 сыллаах үбүлүөйүгэр биир чаастаах документальнай киинэ оҥорон таһаарыахтаахтарын туһунан кэпсээтилэр. Онно анаан оройуон тэритэлэрин, балыксыттарын уһулбуттар. Аны саас табаһыттары уста массыынанан кэлэр былааннаахтар.