Ил Дархан сорудаҕа Ньурба сиригэр-уотугар олоххо киирэр

187

Соторутааҕыта «JuniorSkills» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска Ньурбатааҕы техническэй лицей үөрэнээччилэрэ Антонова Аделина (IX кыл.), Иванов Дьулусхан (IX кыл.) ситиһиилээхтик кытыннылар.


Федеральнай дьүүллүүр сүбэ куонкурус түмүгүнэн тоҕус финалиһы талан, соцситим нөҥүө куоластааһыны ыытта. Финалистар ортолоругар саха оҕолорун ааттара ааттанна. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Майа 2 №-дээх оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччилэрэ Александр Александров, Александр Анисимов, Семен Соловьев «Переработка и реализация натурального меда» биисинэс-бырайыактарынан иккис миэстэ, Ньурба улууһуттан А.Н.Чусовской аатынан Ньурбатааҕы техническэй лицей үөрэнээччилэрэ Аделина Антонова фьюзинг диэн өстүөкүлэни уулларыы ньыматынан оҥоһуктары оҥорон үһүс миэстэни ылары ситистэ. Оттон Иванов Дьулусхан саха быһаҕын таптайан, маһынан кыһан оҥоһукка финалга тахсан, ньурбаларга үөрүүлээх сонуну аҕаллылар.

Ньурбатааҕы «Биисинэс-инкубатор» генеральнай директора Михайлова Нюргуяна Михайловна оскуола оҕотун биисинэһигэр сыһыаннаан бу курдук этэр: «Саха сиринээҕи үөрэҕирии үлэһиттэрин XIII сийиэһигэр Ил Дархан Е.А. Борисов билиҥҥи ырыынак үйэтигэр оҕолор араас идэлэргэ, сатабыллаах буоларга эрдэттэн үөрэнэллэрин наадатыгар оскуола оҕолоругар биисинэс-инкубатордары тэрийиигэ сорудах биэрбитэ. Ньурбаҕа 2015 сылтан оскуола оҕолорун биисинэһин сайыннарыыга куонкурус ыытан, түмүк таһааран, Ньурба 1 №-дээх оскуолатыгар уонна техническэй лицейгэ 250 000 солк. суумалаах субсидияны улуус бүддьүөтэ көрбүтэ. Инникитин биһиги оҕолорбут олимпиадаларга, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, куонкурустарга, быыстапкаларга кыттаннар оскуола оҕолорун биисинэс-инкубатордарын аатын ааттатыахтара диэн эрэнэбин«.

Ньурбатааҕы техническэй лицей технология учуутала Васильева Н.Н.:

— Бу соторутааҕыта элбэх үлэлэрдээх, араас куонкурустарга кыттыбыт оҕолору «JuniorSkills» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кытыннарыахха диэн лицей технология кафедратын сэбиэдиссэйэ Кучуров Н.Е. этиилээх киирэн, балаһыанньатын билиһиннэрбитэ, маастар-кылааһы көрдөрөр ролик уһуллуохтааҕын эппитэ. Миэхэ тута Аделинаны кытыннарар санаа киирбитэ. Саҥа сүүрээни киллэрэр сыалтан, бу иннинэ фьюзинг техникатын үөрэтэрбэр Аделина түргэнник ылыммыт буолан, ол ньыманан сувенирнай тэриэлкэни оҥорорго маастар-кылаас ыыппытын видеороликка уһулбуттара. Аделина эскииһин бэйэтэ толкуйдаан үлэтин «Буспут моонньоҕон» диэн ааттаабыта. Тэриэлкэҕэ баар от күөҕэ өҥ — сайын, араҕас — күн, икки кытыытыгар кыһыл сурааһын — барыанньа, хара өҥ — моонньоҕон бэлиэлэринэн буоларын быһаарбыта. Куонкуруска 20-чэ үөрэнээччи кыттыбытыттан сүүмэрдээн 9 үөрэнээччини талан, иккис этапка соцситимҥэ куоластааһын буолбута. Бу манна кыттыбыттар призер уонна лауреат аатын ыллылар. Аделина бу иннинэ 2015 сыллаахха композициятынан НПК-ҕа кыттан 3 миэстэ, Ньургун Боотур уонна Туйаарыма куукулаларынан Сунтаарга Бүлүү бөлөх улуустарын күрэҕэр кыттан 3-с миэстэни ылаттаабыта. Саамай улахан ситиһиитинэн Таганрог куоракка ыытыллыбыт «Палитра ремёсел» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттан, I-кы истиэпэннээх лауреат аатын ылыыта буолар.

Нюргуяна Николаевна үөрэнээччитин үлэһитин, ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдэрин сөбүлүүрүн этэр. Аделина оҥоһуктарын оҥороругар ийэтэ Антонова Варвара Анатольевна аан бастаан саҕаланыаҕыттан көмөлөһөрүн, куонкурустарга кыттарга мэлдьи өйүүрүн, кэнэҕэс дизайнер үөрэҕэр үөрэниэн баҕарарын эттэ.

Эбии үөрэхтээһин педагога Иннокентьев П.А.:

Биһиги оҕолорбут араас олимпиадаларга, куонкурустарга, бырайыактарга мэлдьи кытталлар. Оҕолору биисинэскэ сыһыарар сыалтан, бырайыактары көмүскүүргэ «Биисинэс-инкубатор» киинин үлэһиттэрэ сүбэ-ама буолаллар. Биисинэс-бырайыактарынан 2015-2016 үөрэх дьылыгар IX кылаас үөрэнээччитэ Ильин Максим тимири иһэрдэн оҥоруу оҥоһуктарынан Дьокуускайга, Солтуева Валерия фьюзинг ньыматыгар бырайыак суруйан I, II миэстэлэри ылан ситиһиилэнэн, улуус дьаһалтатын граныгар тиксэн, бэриллибит үп барыта туһаҕа турда. Ол курдук, фьюзинг ньыматыгар туттарга станок, өстүөкүлэ быһары, тимири уһаарар сыахха сыбааркалыыр аппарат уо.д.а. соҕурууттан сакаастаан ылбыппыт. Түгэнинэн туһанан, Ньурбатааҕы биисинэс-инкубатор генеральнай директорыгар Нюргуяна Михайловна Михайловаҕа биһиэхэ куруутун күүс-көмө буоларын иһин махталбытын тиэрдиэхпитин баҕарабыт.

Оскуола оҕото бэйэ биисинэһин сөптөөхтүк презентациялыы үөрэнэригэр, биисинэһинэн дьарыктанааччылар бырайыактарын сөпкө көмүскүү үөрэнэллэригэр анал үөрэх чааһа көрүллэр.

2015 сыллаахтан лицей оҕолорун производственнай үөрэхтээһиҥҥэ преподавателэ Иванов Николай Михайлович киэргэллэри оҥоруу искусствотыгар араас теманы хабан үлэлииллэрин этэр:

— Холобур, ааспыт Киинэ сылыгар анаан Иванов Дьулусхан Михаил Шолохов «Чуумпу Дон» айымньытыгар олоҕуран композиция оҥорбуппут. Быйыл саха өс хоһоонугар олоҕуран уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэр диэн сахалыы теманы талан, «Суор» композициятын оҥордо. Композициятыгар тимир, мас, эбонит матырыйаалларын тутунна. Бу үлэтинэн Дьулусхан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Радуга ремесел” куонкуруска бастакы миэстэни ылары ситиһэн, «Океан» лааҕырга сынньанана барыахтаах. Оҕолорбутунаан туттар матырыйаалбытын бэйэбит хомуйабыт. Уһанарбытыгар хатыҥы, оҕо туттарыгар ордук барсар бэс маһы туһанабыт.

Хатыыттан саҕалаан биһиги лааҕырбыт нөҥүө 62 оҕо сылдьан дьарыктанан ааста. Үлэбит түмүгүнэн 2011 сыллаахха икки үөрэнээччибит Арассыыйа Бэрэсидиэнин гранын ылары ситиспиттэрэ. Бу биһиэхэ үрдүк чыпчаал буолар. Кэргэмминээн Мария Дорофеевналыын бэйэбит теманы толкуйдаан, дьарыктанар оҕолорбутугар бу барсара буолуо диэн талларабыт.

Аудиторияны таһынан 6, 7 кылаастарга 4 чаас, 9 кылаастарга икки чаас маһы кыһарга, тимири иһэрдиигэ үөрэтэбин. Саҥаттан саҥа талааннары көрөн дьарыктыыбын. Билигин 7-с кылааска үөрэнэр Тобонов Алешаҕа эрэлим улахан.

Технология кафедратын сэбиэдиссэйэ, массыына дьыалатын учуутала Кучуров Николай Егорович:

— Бүтүн Арассыыйатааҕы «JuniorSkills» куонкуруска кыттарга икки хайысханан: фьюзинг, маһынан, тимиринэн киэргэтэн оҥоруу оҥоһуктарбытынан кыттарга видеоролигы Ньурбатааҕы эбии үөрэхтээһин Кииниттэн Александр Егоровичтыын таҥан ыыппыппыт. «JuniorSkills» куонкуруска кыттыбыт оҕолор кэнэҕэс «Биисинэс-оскуола» нөҥүө индивидуальнай предпринимателлэри кытары үлэлэһэр кыахтаныахтара.