Өймөкөөҥҥө “Наука эйгэтэ – тымныы полюһугар” диэн кэмпириэнсийэ ыытылынна

185

Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр “Эндемик” экологическай научнай-чинчийэр лааҕыр төрүттэммитэ 10 сылыгар анаммыт бэстибээл-кэмпириэнсийэ ыытылынна. Лааҕыр салайааччыта, СӨ Үөрэхтээһинин туйгуна Маргарита Осипова бу кэм устата тулалыыр эйгэни чинчийии үлэтин интэриэһиргиир оҕолору түмэн, киэҥ хабааннаах үлэни ыытта.


Маргарита Осипова үөрэнээччилэрэ сайын аайы Өймөкөөн ураты кэрэ айылҕатыгар лааҕырынан тахсан научнай үлэлэригэр анаан матырыйаал хомуйаллар. Бу оҕолор Саха сирин иһигэр эрэ буолбакка, Арассыыйа таһымыгар араас научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.

Тымныы полюһун Томтор нэһилиэгэр ыытыллыбыт тэрээһин Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнанна. Манна коммерческайа суох тэрилтэлэр уопсай национальнай сойуустарын бэрэсидьиэнэ, информационнай уопсастыба сайдыытын Арассыыйатааҕы Агентствотын салайааччыта Александр Айгистов салайааччылаах дэлэгээссийэ кэлэн үлэлээтэ. Ол иһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы “Интеллект будущего” Аччыгый наукалар академияларын профессора Людмила Маленкова, НКО-лар сойуустарын судаарыстыбаннай бэлиитикэҕэ департаменын дириэктэрэ Светлана Гладкова о.д.а. бааллар.

Бэстибээл-кэмпириэнсийэҕэ улуус үөрэнээччилэрэ, учууталлар, иитээччилэр, эбии үөрэхтээһин педагогтара, Оҕо ускуустубатын, Оҕо спортивнай оскуолаларын исписэлиистэрэ, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, коммерческай суох тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, урбаанньыттар кытыннылар.

Учууталлар педагогическай наука кандидата, профессор Людмила Маленкова “Оҕо бырайыактыыр уонна чинчийэр үлэтин тэрийии; педагогическай төрүттэр уонна аныгы технология; оҕо киһи быһыытынан сайдарыгар иитии кыаҕын олоххо киллэрии” диэн кууруһугар дьарыктаннылар. Ону таһынан үөрэхтээһиҥҥэ сыһыаннаах бырайыактарын көмүскээтилэр.

Коммерческайа суох тэрилтэлэр туспа былаһааккаҕа түмсэн дьарыктаннылар. Маны таһынан 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ чинчийэр олимпиадаҕа кытыннылар, интеллектуальнай айар оонньуу тэрилиннэ. Естестественнай, гуманитарнай, социальнай, техническэй наукалар хайысхаларынан научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ үгүс оҕо кытынна.

Тэрээһин кыттыылаахтара Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр мусуойга, Томтор орто оскуолатын литературнай-кыраайы үөрэтэр мусуойугар, Чысхаан резиденциятыгар ыалдьыттаатылар.