Өймөкөөҥҥө оҕону кыра сааһыттан кинигэни ааҕарга үөрэтэллэр

194

Төрүт нэһилиэгин “Чэчир” уһуйааныгар оҕону кыра эрдэҕиттэн ааҕыыга сыһыарар сыаллаах Кинигэ нэдиэлэтэ ыытыллар. Быйылгы тэрээһин улуус киэн туттар суруйааччыта, суруналыыһа, кыраайы үөрэтээччи Сергей Михайлович Егоров үбүлүөйүгэр ананна.


Нэдиэлэ устата оҕолорго Сергей Егоров кэпсээннэринэн, хоһооннорунан араас дьарыктар, викториналар, оонньуулар, быыстапкалар о.д.а. тэрээһиннэр ыытылыннылар. Нэдиэлэни түмүктүүр күҥҥэ иитээччи Наталья Каландарова оҕолору уонна төрөппүттэри “Кинигэ дойдутугар” диэн С.М. Егоровка анаммыт тэрээһиҥҥэ түмтэ.

Кинигэ дойдутугар айан Сергей Михайлович биһиги оҕолорбутугар анаан суруйан
хаалларбыт “Чэчир оҕо саадыгар” диэн ырыатынан саҕаланна. Бу ырыа биһиги
уһуйааммыт гимнэ буолар. Ол иһин ханнык баҕарар дьаһалбыт бу ырыанан саҕаланар
биитэр түмүктэнэр.

Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан нэһилиэкпит киэн туттар дьоно — суруйааччы Афанасий Степанович Гермогенов уонна Төрүт орто оскуолатын учуутала Егор Егорович Находкин буоллулар.

Бу күн Сергей Егоров кинигэлэрин, Е.Е. Находкин, А.С. Гермогенов о.д.а. бэйэбит
нэһилиэкпит айар талааннаах дьоно-сэргэтэ суруйбут кинигэлэрин быыстапката
тэрилиннэ. Слайдовай презентациянан “Биһиги нэһилиэкпит суруйааччылара” диэн
викторина ыытылынна.

Ол кэннэ орто, улахан, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар “Бастыҥ ааҕааччы” күрэх буолла,
күндү ыалдьыттарбыт дьүүллүүр сүбэҕэ олордулар.

Кеша Босиков, Вася Атласов Сергей Егоров “Төрөөбүт Төрүтүм”, Саина Каландарова Егор Находкин “Бөһүөлэгим туһунан” хоһооннорун иэйиилээхтик ааҕан,
кыайыылааҕынан таҕыстылар.

Сергей Михайлович “Ийэм ыллыга” диэн кинигэтин айымньыларынан уруһуй күрэҕэ
биллэриллибитэ. Маныаха хас биирдии кыракый кыттааччы дьон иннигэр тахсан үлэтин ис хоһоонун сүрдээх боччумнаахтык көмүскээтэ.

“Уһуйааҥҥа – кинигэ бэлэх” аахсыйа ыытыллыбытын түмүгэр, төрөппүттэр уһуйааммытыгар 16 кинигэ бэлэхтээтилэр. “Тиллэн кэлбит кинигэ” куонкуруска
төрөппүттэр Лина Ивановна Егорова уонна Сахаайа Михайловна Григорьева
кыайыылааҕынан таҕыстылар. Ону таһынан “Биһиги – ааҕар дьиэ кэргэммит” диэн
хаартыска быыстапката тэрилиннэ. Манна Надежда Петровна Босикова дьиэ кэргэнэ дириҥ ис хоһоонноох хаартысканан буклет таһаарбытын билиһиннэрдэ.

Афанасий Гермогенов уонна Егор Находкин суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Сергей Михайлович Егоров туһунан истиҥ-иһирэх тылынан ахтан-санаан аастылар, кэнчээри оҕолорбут улуус биллэр киһитин үтүө холобурун батыһан төрөөбүт кыраайдарыгар муҥура суох тапталларын үйэ-саас тухары илдьэ сылдьалларыгар баҕардылар.

Егор Находкин иитээччилэргэ бэйэтин кинигэтин бэлэхтээтэ. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ бу түбүктээх нэдиэлэҕэ кыттыбыт төрөппүттэргэ, оҕолорго барыларыгар грамота, диплом, сертификат туттардылар.

Бу тэрээһин С.М. Егоров айымньылара оҕоҕо тиийимтиэтин, ийэ дойдуга, айылҕаҕа
тапталы иитэр-үөрэтэр үлэ улахан суолталааҕын өссө төгүл туоһулаата.