Өймөкөөн улууһун киинигэр Уус-Ньараҕа Арассыыйаҕа Үтүө дьулуур (волонтер), Саха сиригэр Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун көҕүлүүр сыллары үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы дьоро киэһэтэ ыытылынна.
Уус-Ньараҕа социальнай бырайыактар дьаарбаҥкалара тэрилиннэ. Онно 40-тан тахса киһи кыттан, бэйэлэрин үлэлэрин көмүскээтилэр. Экология тиэмэтигэр, киинэ устуутугар, аһыы утаҕа суох бырааһынньыктары тэрийиигэ, суотабай төлөпүөннэргэ аналлаах сыһыарыыны оҥорууга сөптөөх, о.д.а. үгүс интэриэһинэй бырайыактар дьүүлгэ турдулар.
Киэһээ “Металлург” Култуура дьиэтигэр 2017 с. түмүгүнэн “Өймөкөөн улууһа (оройуона)” МТ дьаһалтатын баһылыгын граныгар норуот айымньытын өйүүргэ туһуламмыт куонкурус түмүгүн таһааран, сыл бастыҥ кыраайы үөрэтээччитин, өбүгэ саҕаттан үгэскэ кубулуйбут култуураны илдьэ сылдьааччыны, общественнай кэрэспэдьиэни, бастыҥ айар кэлэктииби наҕараадалаатылар.
Социальнай бырайыактар дьаарбаҥкаларын түмүгүнэн муниципальнай оройуон “Айар бырайыактары өйөөһүн” номинациятыгар Өймөкөөн нэһилиэгин “Айылгы” фольклорнай бөлөҕө тигистэ, “Өймөкөөн улууһун 100 сылын көрсө национальнай таҥаһы-сабы тигии” номинацияҕа “Эбээн тылын уонна этно-култуурунай үгэс сайдыыта” бырайыак салайааччыта Ирина Винокурова бэлиэтэннэ, “Бэйэ устубут киинэтэ” бырайыак кыайыылааҕынан “Саха” НКИХ Өймөкөөн улууһунааҕы “Кадр” устуудьуйатын кэрэспэдьиэнэ Артур Старостин таҕыста.
Бары кыайыылаахтарга харчынан бириэмийэ ананна. Ону тэҥэ үүнэр көлүөнэни өйүүр сыаллаах Томтор орто оскуолатын киинэ-устуудьуйатыгар харчынан сертификат туттарылынна.
Биэчэр улуус талааннаах дьоно-сэргэтэ, айар кэлэктииптэр эҕэрдэ нүөмэрдэринэн доҕуһуолланна.