Өймөкөөҥҥө төрөппүттэр оҕолорун кытта бииргэ сахалыы хоһоон ааҕаллар

270

Өймөкөөн улууһун Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатыгар Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах Саха тылын нэдиэлэтэ ыытыллара үтүө үгэскэ кубулуйда.


Олунньу 13 күнүгэр үөрэнээччилэр уонна учууталлар сахалыы таҥастарын кэтэн кэлбиттэрэ, сарсыардаттан ураты күн буолла.

Оскуола боруогун атыллаан киирбиттэри хомусчуттар ансаамбыллара алҕаан-арчылаан, хомус дьүрүскэн тойугун бэлэхтээн, дьиҥ сахалыы тыыны уһугуннардылар. Мустубут дьон Саха сирин өрөгөй ырыатын долгуйа иһиттилэр, эҕэрдэ тыл бастыҥа этилиннэ, саха тылыгар анаммыт нэдиэлэ торумун кытта билистилэр.

Алын сүһүөх кылаас учуутала Люция Егорова бырайыагынан оскуолаҕа сыл ахсын «Ийэ тыл илгэтинэн» диэн дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕыы күөн күрэҕэ ыытыллар. Быйылгы «Кырыа хаар үллүктээх Сахам сирин кыһына» диэн тиэмэнэн ыытыллыбыт куонкуруска атын оскуолалартан эмиэ оҕолор төрөппүттэрин кытта кэлэн хоһоон аахтылар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу айар күрэххэ Томтор нэһилиэгиттэн Афанасий Винокуров кэргэнинээн, икки оҕотунаан, Үчүгэйтэн Климентий Филиппов маҥнайгы кылааска үөрэнэр уолунаан кытыннылар.

Икки бөлөҕүнэн барбыт куонкуруска кыттыбыттар бары даҕаны саха тылын баһылаабыт, уран тыл абыгар ылларбыт дьон буолан биэрдилэр. Оҕо уонна төрөппүт маннык истиҥ ситимэ кэнчээри ыччаппыт төрөөбүт тылын харыстыы, араҥаччылыы үөрэнэригэр ураты суолталаахтар. Кыайыылаахтар анал бирииһинэн уонна Махтал суругунан наҕараадаланан үөрүүлэрэ үксээтэ.

«Ийэ тыл илгэтинэн» куонкуруһу тэрийээччилэр аныгыскы күрэххэ олохтоох ааптардар уонна бэйэ айбыт хоһооннорун ааҕыыны тэрийэр санаалаахтар.