Кэбээйи олохтооҕо Екатерина Петровна Гаврильева «Ытык саас» бэлиэни тутта

178

Былырын тохсунньуга биһиги улууспутугар 90 сааһын ааспыт кырдьаҕастарга анаан “Кэбээйи улууһа (оройуона)” МТ дьаһалтатын урааҕынан «Ытык саас» диэн бочуотунай бэлиэ бигэргэтиллибитэ. Маны тэҥэ хас бирдии кырдьаҕаска уу харчынан 50 000 солк. ананар. Кэбээйи улууһун үрдүнэн бу бэлиэ 3 киһиэхэ туттарыллыбыта.


Бу соторутааҕыта Мастаахтан сылдьар тыыл уонна үлэ бэтэрээнигэр, Кэбээйи улууһун «Бочуотаах олохтооҕор», 91 саастаах Екатерина Петровна Гаврильеваҕа улуус баһылыга И.Н. Спиридонов «Ытык саас» диэн бочуотунай бэлиэни уонна 50 000 солк. сертификат туттарда. Маны тэҥэ Игнатий Николаевич улуус төрүттэммитэ 80 сылыгар анаан үбүлүөйдээх мэтээли түөһүгэр ииллэ.

Екатерина Петровна туһунан кэпсиир буоллахха, кини Бүлүү улууһун Дьөккөнүгэр 1927 сылаахха 6 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Онтон 1936 сыллаахха Гаврильевтар Кэбээйи улууһун Баҕадьатыгар көһөн кэлбиттэр. Манна кырачаан Катя 4-с кылааска дылы үөрэнэ сылдьыбыт. Бу кэннэ Аҕа дойду сэриитэ саҕаланан, Гаврильевтар төптөрү Дьөккөнҥө барбыттар. Сэрии ыар сылларыгар ситэри үөрэммэккэ оҕолор төрөппүттэрин кытта тэнҥэ үлэлиирэ. Катя эмиэ үлэһит дьонтон хаалсыбакка «Кыһыл алаас» диэн холкуоска сүөһү көрөөччүнэн киирбит. Сэрии бүппүтүн да кэннэ эдэркээн кыыс ыанньыксытынан үлэлээбит. 1953 сыллаахха Мастаах уолугар Петр Петровка кэргэн тахсан, Кэбээйи улууһун олохтооҕо буолбут. Манна кини «Жданов» холкуоска үлээбит. Онтон 1964 сылтан ыла оҕо уһуйааныгар иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбыт.

Екатерина Петровна олоҕун аргыһа Петр Семенович 1978 сыллааха ыалдьан күн сириттэн туораабыта. Кинилэр иккиэн 6 оҕолоохтор, 16 сиэннээхтэр уонна 19 хос сиэннээхтэр. Билигин Екатерина Петровна Сангаарга сиэннэригэр олорор. Ол да буоллар, билигин даҕана Мастаахха тардыһан сайылаан кэлэр.